кылыгырас көмүс симэхтээҕэ, куорсуннаах хороҕор бэргэһэлээҕэ, ойуумандар этэрбэстээҕэ. Ньырбачаан бу дьикти, хаһан да көрбөтөх кыыһын хара маҥнайгыттан тас көрүҥүттэн олус диэн дьулайа, толло, ол эрээри сөбүлүү көрбүтэ.
Убайа ити кыыһы һэлии муоһуттан кэнники улаатан баран оҥорор буолбута. Биир сайын кини аҕатынаан уонна Чымпалыын бэрт уһуннук сүтэ сылдьыахтарыттан ыла, урукку курдук, оҕолору мунньан олорон оонньуура тохтообута. Убайа кистээн хоонньугар укта сылдьан, бэйэтиттэн араарбакка тугу эрэ бэркэ кичэйэн оҥорорун Ньырбачаан бэлиэтии көрбүтэ. Өрөгөчөй оҕолор көннөрү оонньуурдарын өр гыммакка түргэнник оҥороро. Ол гынан баран кини кэнники оонньууру уһуннук да уһуннук оҥорбута. Ньырбачаан тоҕо кистиирин муодарҕаан, убайа утуйа сыттаҕына хоонньуттан ылан тугу оҥорорун уоран көрбүтэ уонна олус диэн муодарҕаабыта. Тоҥ биистэр тордохторугар кини курдук, киниэхэ майгылыыр да кыыс суоҕа.
Кыыс убайын илиититтэн ыстанан тахсаат, үҥкүүлээбитинэн барбыта. Кыыс үҥкүүтэ эмиэ Ньырбачаан хаһан да истибэтэх да, көрбөтөх да үҥкүүтэ буолбута. Бу биллибэт кыысчаан хаҥас илиитигэр төгүрүк иһиттээҕэ. Ону уҥа илиитигэр баар кэдэгэр кыракый маһынан охсо-охсо ыллаабыта. Кыысчаан ырыатын Ньырбачаан кыайан өйдөөбөтөҕө. Кыысчаан өрүтэ эккирээн имиллэҥнээтэҕин аайы иннигэр-кэннигэр кыаһаанныы иилиммит симэхтэрэ араастаан ирбинньиктэнэ бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан дьикти, хаһан да иһиллибэтэх кыыгынас тыас айаан иһин толорбута.
Биллибэт кыысчаан ыллаатаҕын, эккирэтээҕин аайы кыра бэйэтэ улам улаатан, саҥарар саҥата саталанан испитэ, симэхтэрин тыаһа кытаатан чыҥкынас буолбута. Оттон быыкайкаан төгүрүк иһитин тыаһа кимиэллэнэн, сири түгэҕинэн ньиргийбитэ.
Убайа Өрөгөчөй куруутун санаарҕаабыттыы көрбүт табалыы киэҥ хара харахтара уоттанан, кыыс хас хамсаныытын ааҕа өрө мыҥаан олороро. Оттон Ньырбачаан доҕотторо кыыс тойугуттан толлон – Ничча Ньырбачааҥҥа сыстыбыта. Ньөөкү Богдууга чугаһаабыта.
Оҕолор оонньуурдара ханна эрэ эмискэ мэлис гынан хаалбыттара. Кинилэр оннуларыгар хантан кэлбиттэрэ биллибэт – килбэчигэс тимир куйахтаах дьон кутулла түспүттэрэ уонна кыыһы тула туран үҥүүлэрин өрүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы өрө көтөҕүллүүлээхтик үҥкүүлээн барбыттара. Ньырбачаан кинилэр тойуктарын төһө да өйдөөбөтөр, бу өлөрсүүгэ аналлаах өһөгөй үҥкүүтүн эндэппэккэ билбитэ уонна куттанан уһуктан кэлбитэ.
Алакыы! Алакыы!
Ньырбачаан уһукта биэрбитэ, тордох иһэ ытыһы таһыйар ыас хараҥа этэ. Таһырдьа кимнээх эрэ үөр таба курдук сырсан тигинэһэллэрэ, өрүһүспүттүү тугу эрэ саҥаран ньамалаһаллара. Убайын харбыалаан көрбүтэ – сыппыт оннугар суоҕа, тыаһыттан иһиттэҕинэ, тура охсубут.
– Ити тугуй? – Ньырбачаан куттаммыттыы сибигинэйэн убайыттан ыйыппыта.
Убайа Ньырбачаан эһэ даппытын кытта биирдэ түүрэ харбаан ылбыта, бобо кууһан туран сүүһүттэн сыллаабыта.
– Өстөөхтөр кэллилэр, хамсаабакка да, айдаарбакка да саһан сыт, –