урутаан кэлэн эрдэ олохсуйбут буоллахтара, ол дьон хайдах биһигини көрсүөхтэрэ эбитэй? – Лүксүрээни саарбахтыы санаабыта.
– Мин эппэтэҕим дуо, суол хаан бүтүө эрдэ диэн, – Миикээн ойуун түгэх түһэн сөҥөдүйбүтэ. – Туоҕа Баатыар, эн олус эрдэ үөрүмэ: эн билэҕин дуо биһигини өлөр-тиллэр охсуһуулар күүтэллэр. Түүл-бит инньэ диир.
Ойуун ити тылларын истэн, толуу киһи эдэр бөтөс тылларыттан сырдаабыт сирэйэ дэбидис гынан ылбыта. Ол эрээри кини тугу эмэни этиэн иннинэ атын кытта бодьуустаһа сылдьыбыт тимир дуулаҕа бэргэһэлээх, дарайбыт кэтит сарыннаах улахан киһи тиийэн кэлэн саҥаран дабдыгыраппыта:
– Бачча тэгил дойдуттан тэлэһийэн, быдан дойдуттан быралыйан, оннубутуттан огдолуйан, бачча эрэй бөҕөнү эҥээрбитинэн, муҥ хааны муннубутунан тэлэн баран, ол аҕыйах дьон бааллар диэн толлон туруохпут дуо?! Утарсар баар буоллаҕына умсарсыахпыт, өһүөннүүр баар буоллаҕына өлөрсүөхпүт, наахара хаанын хааннаныахпыт, өһүк сирэйин сирэйдэниэхпит, хамсык хараҕын харахтаныахпыт буоллаҕа дии.
– Дагдаҕар Баатыр, бэйэ тохтоо, мэнээк-мэнээк харса-хабыра суох тыллаһыма, – Лүксүрээни ойуун буойбута. – Хара маҥнайгыттан кыргыһыынан кырыстанан, өлөрсүүнэн өҥнөн бардахпытына өр барыахпыт үһү дуо?! Эйэлээх олох кыаллар сиригэр кыргыһыынан кынаттаныы табыллыа суоҕа. Мэччирэҥнээх сири була охсон, кыс хаар иннинэ от оттоон, дьиэ туттан олохсуйдахпытына эрэ киһи-хара буолабыт. Оттон кыргыһа, өлөрсө сырыттахпытына улаханнык тэптэриэхпит.
Туоҕа Баатыр турбахтаан баран эппитэ:
– Чэ, ол олохтоохтор хайдах сыһыаннаһалларыттан көстөн иһиэҕэ, мөккүһэр эрдэ. Хата, эһиги этиҥ эрэ: хайа диэки хайыһабыт? Тус хоту өрүс диэки дуу? Илиҥҥи ол арыылаах күөл диэки дуу?
Кырдьаҕас ойуун Лүксүрээни бастаан бэйэтин санаатын биллэрбитэ:
– Өрүс олус чэлгиэннээх буолуо, кэлэр-барар дьон атаҕын анна. Саҥа сиргэ ону-маны билиэххэ, тирэҕириэххэ, сүһүөххэ туруохха диэри, үгүс дьон хараҕа быраҕыллыбат сиргэ олохсуйар ордук буолуох этэ.
Миикээн ойуун киниэхэ эмиэ сөпсөспүтэ.
– Ол Арыылаах эбэ диэки тиийэн олохсуйар ордук, – диэбитэ кини, сэлэммэтэх атыыр сиэлин курдук, хараҕар саба түһэр баттаҕын кэннин диэки илгистэн кэбиһэн баран. – Таарыйар дьон аҕыйах буолуоҕа. Сүөһүбүт айаҕар оттуохпут, бэйэбит айахпытыгар балыктыахпыт.
Туоҕа Баатыр, ойууннарын санааларын истэн баран ыарахан, улахан төбөтүн санньытан, чочумча тура түспүтэ, ол кэнниттэн биир сөптөөх быһаарыыны ылбыттыы саҥарбыта:
– Бултаан, балыктаан аһыырга, сүөһүгэ от оттуурга даҕаны өрүскэ олоруохха эмиэ сөп эбитэ буолуо. Ол гынан баран өрүс, кырдьык, киһи атаҕын суола, онуоха эбии кини быһыытын-майгытын билбэппит. Ити сөпкө эттигит, киһи атаҕыттан тэйиччи күөлгэ олохсуйуохха. Аттарбытын, сүөһүлэрбитин сынньатан, өл хаптаран баран тус илин ол көстөр арыылаах күөлгэ салаллабыт. Ыл эрэ, Дагдаҕар Баатыр, кураахтаах сааҕын ылаҥҥын эккэ элиэтиир, хааҥҥа халаахтыыр элиэ чупчурҕан оххун, суос биэрэн, арыылаах күөлү туһаайан ыһыктан көр эрэ!
Онуоха Дагдаҕар Баатыр, иһиттиэм-истибэтиэм