Скачать книгу

олоҕу тутарга эһиги иннигитигэр киэҥ суол арылынна. Билигин үөрэниэххэ наада. Эһиги бэйэҕит билэргит курдук соҕотох Тааттаҕа урукку олох хараҥатыгар тэптэрэн төһөлөөх элбэх талааннаах дьон өлбүттэрэ буолуой. Табаахырап, Егоров курдук улахан олоҥхоһуттар, Ньорулла уола Уйбаан, Өлөксөй Бырдылин курдук көрдөөх-нардаах, илбистээх, уус-уран тыллаах дьоннор үөрэхтээхтэрэ эбитэ буоллар, хайдахтаах курдук суруйааччылар, поэттар уонна артистар буолуох этилэрий?» Бу ахтыллыбыт ыһыахха Буор Булгунньах диэн алааска Анемподист Софронов «Манчаары» диэн драматын туруоран оонньообуттара. Манчаары оруолун Михаил Слепцов, Чоочо баайы Трифон Кулаковскай, иккиэн олохтоох, кыра үөрэхтээх дьоннор киһини итэҕэтэр гына оонньообуттарыттан Платон Алексеевич санаата ордук көнньүөрбүт этэ. Платон Алексеевич сити сырыытыгар миигин куоракка киирэн үөрэнэрбэр сүбэлээбитэ.

      Москваҕа БРКСК Президиумун иһинээҕи урукку сэбиэскэй тутуу кууруһугар үөрэнэ сылдьаммын Платон Алексеевиһы үгүстүк көрсөрүм. Көрсүһэ түстэрбит эрэ өрөспүүбүлүкэ уонна төрөөбүт оройуоммут сонуннарын хардары-таары кэпсэтэрбит. Москваҕа тиийбит маҥнайгы күннэрбэр П.А. Ойуунускайга Чурапчы, Таатта уонна Байаҕантай улуустара биир оройуон буолан, бастакы оройуоннааҕы съезд ыытыллыбытын, онно туох мөккүөрдэрэ буолбуттарын сиһилии сэһэргээбитим. Платон Алексеевич бэркэ сэҥээрэн истибитэ. Кини оройуоннар наһаа бөдөҥ-киэҥ буолбуттарын сөбүлээбэтэҕэ. Чурапчылар ити съезкэ арахсан туспа оройуон буолбуттарын саамай сөбүнэн аахпыта. «Эн Чурапчылар күтүөттэрэ буолаҥҥын сөбүлээтиҥ дуу?» – диэн оонньуу-күлэ эппитим. «Доҕоор, оонньоон саҥардыҥ ини, – Платон Алексеевич боччумнаахтык хардарбыта. – Улуустары холбоон, оройуоннары тэрийии биир улахан үлэ буолар».

      Платон Алексеевич аспирантураҕа үөрэнэ сылдьар кэмигэр иллэҥ бириэмэтэ суох буолара. «Аспирантураҕа партийнай ячейка секретара буолан үлэм-хамнаһым сүрдээх, өрүүтүн солото суохпун, дьиэбэр хонукпар эрэ кэлэбин», – диэн кэпсиирэ. Кини кэргэттэринээн «Якутпредставительство» дьиэтин аллараа подвальнай этээһигэр олороро. Өрүү ыалдьыттарын күлэ-үөрэ көрсөрө. Чэй иһэ-иһэ кэпсэтэрин сөбүлүүр буолара. Мин кинилэргэ сылдьар кэммэр Платон Алексеевич суруйа-үлэлии олороругар куруутун түбэһэрим. Дьоннорун мэһэйдээмээри ардыгар көрүдүөргэ тахсан кэпсэтэрбит. Кини табахсыта суох этэ. Ол эрээри ити көрүдүөргэ уһуннук туран кэпсэтэр кэмнэргэ табах тардыһар буолара. Биирдэ миигин Саха сиригэр сыылкаҕа сылдьыбыт политсыылынайдар обществоларын кулуубугар илдьэ барда. Онно Максим Кирович Аммосов «Саха сирин экономикатын сайдар кэскиллэрин тустарынан» диэн тиэмэҕэ дакылаат оҥорбута. Ону мустубут дьон бары бэркэ хайҕаабыттара. Дакылаат бүппүтүн кэннэ үгүстэр баһыыбалыы-баһыыбалыы Максим Кировиһы куус да куус буолбуттара. Ити икки ардыгар Платон Алексеевиһы көрө охсоннор эмиэ үөрэ-көтө айхаллаабыттара. 1932 с. Закавказскай федерация 10 сыла туолбут