Мария Андреева

Тыллыы


Скачать книгу

ити кэми нууччалыы «ученичество» дииллэрэ буолуо. Мария Андреева ити кэрдиис кэми дьоһуннаахтык ааста. Бэйэтэ киһи быһыытынан олус холку майгылаах, кыраттан ымыттыбат, өрүкүйбэт идэлээх. Ол холку көрүҥ ардыгар күүстээх иэйиилэри, имэҥнээх этиилэри, олоҕу мындырдык анаарыыны кистэнэрэ биллэр, көстөр.

      Бастаан утаа кини хоһоонноро элегическэйдэр, туораттан көрөн олорордуу холкулар. Ол эрээри, итиннэ саха дьахтарын олоҕу көрүүтэ кистэнэр. Мария Андреева мындыр, наада буоллаҕына кытаанах, үөрүүнү да сатаан үллэстэр, чаҕылыйа кыыһар күүстээх саха кыыһын, дьахтарын уобараһын итэҕэтиилээхтик ситимнээн таһаарар. Кини дьоруойа «күн кутаата, ый суһума ыпсыһар ыырдарынан» сылдьар, «мэник уоланныын-ардахтыын» аргыстаһар, «сэбирдэҕинэн саптыбыт сөрүүн киэһэлэри» болҕойор, «сулумах сулустары» кытта сипсиһэр. Хас биирдии устуруокаҕа сонун, саҥа уобарас!

      Мария Андреева поэзията тутул өттүттэн ураты, туспа. Кылгас хоһооннору суруйар олус уустук. Тэттик формаҕа санааны, иэйиини батарыахха, киллэриэххэ, тыынныахха наада. Ону Мария кыайа тутар. Бу атын омук поэзиятын үтүктүү буолбатах, бу аныгы саха дьахтара олох тэтимин бытаардан, үтүөтүн сомсор түгэннэрэ…

      Кини биир кылгас хоһоонугар:

      Бэҕэһээ хаар, бүгүн ардах,

      Бириэмэ көтөр олус үлүскэнник.

      Тарбачыһыах.

      – диэбит. Ити тыллары мин бүгүн Мария Андрееваҕа бэйэтигэр аныахпын баҕарабын. Кытаат, үлэлээ, ай, тарбачыс!

Алгыһы кытта, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева

      Хоһооммор эрэ мин көҥүлбүн…

      Мин кэлбитим бу дойдуга…

      Мин кэлбитим бу дойдуга

      Дьоллоох олох олороору,

      Өрүс долгунун устунан

      Эрчимнээхтик дьулуһаары.

      Мин кэлбитим бу дойдуга

      Күн үтүөтүгэр тиксээри,

      Төрөөбүт төрүт алааһым

      Кэрэтин булан көрөөрү.

      «Үөлээннээхтэрим бүктүлэр…»

      Үөлээннээхтэрим бүктүлэр

      Олох араас эргииригэр —

      Күнү барыы сатаан

      Олордохторо оһохторун иннигэр.

      Оҕо сааспыт өйдөбүлэ

      Сылын аайы өлбөөдүйэр:

      Күннээҕи түбүккэ баттатан

      Суураллыахтара көмүс күннэр…

      «Олох устуо дьаалатынан…»

      Олох устуо дьаалатынан,

      Күн-дьыл солбуйсан иһиэ.

      Кыра, бороҥ дэриэбинэм

      Кэмэ кэлэн киэркэйиэ…

      Көлүөнэлэр уларыйан,

      Кэнчээри дьон кэлиэхтэрэ,

      Биһигини умнуохтара —

      Үһү диэн кэпсэтиэхтэрэ…

      «Сииктээх сэбирдэхтэринэн симэнэн…»

      Сииктээх сэбирдэхтэринэн симэнэн,

      Көрсүө миигин ахтылҕан хатыҥа.

      Инчэҕэй күн намыһахтык устуо,

      Көх-нэм буолуохтара чыычаахтар.

      Эгди буолуом, эрэллээхтик сананыам,

      Эмиэ да сонньуйуом бэйэм бэйэбиттэн…

      Барыта баара

      Сүүһүнэн сыллар,

      Ааттамматах ааттар,

      Тыйыс сыһыаннар,

      Халбархай кэмнэр…

      Саспыт санаалар,

      Муунтуйбут дууһалар,

      Таҥнарбыт илиилэр,

      Мүччү түһүүлэр…

      Тылы ыйыстыы,

      Кырдьыгы кыбыйыы,

      Түгэни туһаныы,

      Алҕаһы утарыы…

      Сэрэнэн сипсиһии,

      Сыыһалыын сөпсөһүү,

      Сыппах үйэ

      Солко бүрүөһүнэ —

      Барыта баара

      Устар утумҥа…

      «Сылайдым соҕотохсуйартан…»

      Сылайдым соҕотохсуйартан —

      Сырдык иэйии киирбэтиттэн.

      Тумнаһынным салгынтан —

      Саҥа тыын илгийбэтиттэн.

      Сүрэҕим мөккүһэр түүнүгэр

      Мин өрүү соҕотох буолабын.

      Саһарбыт сэбирдэх түһүүтэ

      Ардаҕын кытары ытыыбын.

      Ким кэлэн илиитин уунан

      Соҕотохсуйуубун үрэйиэй?

      Тыгар күнүм болоорбут

      Сардаҥатын кырааскалыай?

      Дьиксинии

      Хаһыс халлаан хаттыгыттан,

      Ханнык хайа тоҥ хаспаҕыттан,

      Хабараан тымныы илгийэрий,

      Хайаары харса суох дьүккүйэрий?

      Айылҕам аарыма аартыктара,

      Айыылар алтыһар ыллыктара

      Ханна тиийэн араҕыстылар,

      Халҕаннара