Иосиф Кобяков

Дьол кыымнара


Скачать книгу

Ыйдыы сиэттиһэн

      өрүү бииргэ сылдьыахтара,

      өрүү үөрэ сырдыахтара

      Таптал уоттаах куйааһыгар.

      Таптал улуу куйаарыгар.

      «Сырдаата тулам бүттүүн…»

      Сырдаата тулам бүттүүн —

      сылаас, нуурал үрүҥ түүн…

      кыраһа хаарбыт кыыдамныыр…

      кыталык кыната кылбаҥныыр…

      Ити – алааспар көччүйэр эбит

      кэрэ көстүүлэри саната

      эн сүрэҕиҥ сүктэн кэлбит

      тапталбыт маҥан ата.

      «Киһи дууһата өлбөт дииллэр…»

      А душу твою люблю…

Ф. Достоевский

      Киһи дууһата өлбөт дииллэр —

      киһиттэн киһиэхэ бэриллэр.

      Кини арай таҥас курдук

      тас дьүһүнүн уларытар

      уонна суох онтон ордук

      уруккутуттан уратыта.

      Хайдах да таҥаһы таҥыннарыҥ

      сырдык, ыраас эн дууһаҕар —

      таҥас бүтэй

      талба – нарын

      дууһаҥ сырдыы сандаарар.

      Үйэттэн үйэҕэ

      муннара миигин

      араас таҥаһы таҥныаҕыҥ.

      Хаһыс да төрөөһүнүм буоллун —

      эйигин

      хайаан да буламмын таптыаҕым!

      «Көрөбүн көмүс күрүлгэни…»

      Көрөбүн көмүс күрүлгэни,

      истэбин дьикти дьүрүһүлгэни:

      ити – итии таптал иэйэр,

      олох тыгыалас тымыра кэйэр.

      Кэйэр кыыс оҕо иминии,

      иэйэр дьолу ыралыы,

      дьэргэлгэн курдук дьиримнии,

      кымыс курдук кырылыы.

      Бу күрүс күрүлгэнтэн,

      бу күдьүс дьүрүһүлгэнтэн

      сүргэбит көтөҕүллэр,

      сүрэхпит үөрэ күлэр.

      Көмүһүөм, көрүүй, эчи,

      күн сирэ күндүтүн, кэрэтин!

      Көтөҕүөх үөһэ күөрэччи

      дьолунан туолбут сүрэхпитин.

      Истиҥ иэйиигэ куустаран,

      ис-испиттэн долгуйан туран

      этэбин мин эйиэхэ —

      эйэҕэс, сэмэй киһиэхэ:

      «Күлүмүрдүү тыгар күн анныгар,

      күндү киһим, эн эрэ аттыгар

      истэбин дьикти дьүрүһүлгэни,

      көрөбүн көмүс күрүлгэни».

      «Дьэдьэн сыта…»

      Дьэдьэн сыта.

      Мүөт амтана.

      Иэйиэхсит эдьиийбит Эдьэн

      мичээрдиирэ тумулга.

      Уоспар дьырылаабыта

      буспут дьэдьэн —

      эн түөһүҥ тыҥаабыт тумуга.

      Тобуктаан турарым

      таптал хонуутугар

      төбөбүн эн түөскэр хоҥкутан.

      Тулалыы эргийэр

      эйэҕэс эйгэбэр

      чыычаах ыллыыра,

      сиккиэр тыал оонньуура.

      Көмүс күн сырдык сардаҥата

      күлэрэ дьолунан ыһыахтана,

      муннубар илгийэрэ дьэдьэн сыта,

      тылбар минньийэрэ мүөт амтана…

      Эйигин ахтар,

      суохтуур кэммэр

      сып-сылаас үөрүүнэн тамнана

      сүрэхпэр эмиэ дыргыйан кэлэр

      дьэдьэн сыта.

      Мүөт амтана.

      «Хаар анныгар хаалбыт отоннор…»

      Хаар анныгар хаалбыт отоннор…

      Кэлиин-кэлин биир көмүс күһүн

      кинини эмискэ көрүстүм.

      Күрэҥсийбит