Галина Нельбисова

Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр


Скачать книгу

оҥосто туруохтаах дии санааттан бу пансионаты булбута. Дойдутугар кулуупка идэтинэн уус-уран салайааччынан үлэлээбитэ, биэнсийэҕэ тахсан баран, сэлиэнньэтигэр социальнай үлэһитинэн сылдьыбыта, онон киирэригэр быыһы-хайаҕаһы булар тоҕоостоох даҕаны этэ. Манна киирэргэ эмиэ уочарат кытаанаҕа. Билсэн-көрсөн бардахха, араастаан киирбиттэр бааллар эрээри, бука бары тус-туспа дьылҕалар хаамса сылдьаахтыыллар.

      Бу кини дьукааҕа Евдокия Федотовна кэргэнэ, кытта кырдьыбыта, суох буолбутун кэнниттэн киирбит. Таҥара оҕону биэрбэтэх ыала эбит. Евдокия майгытынан холку, чуумпу буолан абыраата. Туох кистэлэ кэлиэй, хас да дьукааҕын кытта сатаан тапсан олорбокко эрэйдэнэн баран, дьэ бу Дусята киириэҕиттэн сэргэхсийэн сылдьар. Манна олорорун тухары кинилиин эрэ дьукаахтаһыан баҕарар. Этэргэ дылы, Ольга урут социальнай үлэҕэ сыстан, туох эрэ уопуттаах, сатыырдаах, култуура үлэһитин быһыытынан, наада буоллаҕына дьону түмэн, санааларын сааһылаан көмөлөһөр буолан бу тэрилтэҕэ убаастыыллар, үлэһиттэр «Никитична-а, хайыыбыт?» диэбитинэн киирэн кэлэллэр. Онон эрэ, кини дьукааҕын хаста да уларытара көҥүллэннэҕэ ээ.

* * *

      Луиза Никитична уолун аахха олорбута хас да хонно. Игирэчээн сиэннэрин дьыссаакка илдьэн, аҕалан бэрт туһалаах эбээ буола сылдьар. Иван Данилович кыыһа Польшатыгар бараары тэринэр сураҕа иһиллэр. Арааһа, оҕонньор кыыһа бардаҕына биирдэ дьиэтигэр ыҥырар буолла быһыылаах, күн аайы, баҕар, «кыыспын кытта билсиһэ кэл» диэҕэ диэн күүтэн көрөр да, чуумпу. Кыыһа, арааһа, дьиэтигэр хаһаайка киирэрин сөбүлээбэтэх быһыылаах дии санаан эмиэ да дьиксинэн ылаттыыр.

      Бу оҕолор олохторо дьэ эмиэ хайдах эрэ… Луиза Никитична куоракка киириэҕиттэн аанньа да утуйбат буола сылдьар. Биир хостоох дьиэни арендалаһан олороллоро кып-кыараҕас эбит. Саатар, аныгы дьиэлэрэ буолбатах, урукку КПД диэннэрэ. Уола Максим үлтү үлэлээбит, сылайбыт аатыран ыкса киэһэ кэлэр эбит. Ангелина даҕаны дьуһуурустубаҕа сырыттаҕына, хойут кэлэр үһү. Уолаттарын оҕо саадыгар, оскуолаҕа илдьииттэн-ылыыттан саҕалаан этиһэллэрэ, иирсэллэрэ да элбээбит. Иллэрээ түүн өссө аҕалара олох хойут, сарсыарданан кэлэн эрэрэ. Ангелина тугу да кэпсээн бэрт, кистээхтиир. Настарыанньата суоҕа, санаата саппаҕырбыта харахха быраҕыллар. «Ол киһигэр көстөххүнэ, сиэннэргин илдьэ бараар» диэн үнүр уола Максим мас-таас курдук этэн эрэрэ. Хайдах, хара бастааҥҥыттан Иван Даниловичка кыра оҕолору батыһыннаран киирэн кэлиэҕэй? Максим ол туһунан толкуйдаан да көрбөт эбит. «Ийээ, ол Иван Даниловичкар хас да кредиттээххин эппитиҥ дуо? Хайаан, онтон куттамматах оҕонньоруй, арааһа, эппэтэҕиҥ буолуо. Көһө охсоруҥ буоллар, Милана үөрэҕин кэнниттэн сылдьыа эбит. Тугу гына олоруоххутуй, иллэҥ эмээхсиннээх оҕонньор сиэннэргитин пааркаҕа эҥин күүлэйдэтэр инигит», – ити кыыһын Оксана тыллара.

      Онон, хайдах эрэ санаа бөҕөҕө тууйуллан олорор. Куорат Мархатыгар университекка бииргэ үөрэммит, саамай чугас дьүөгэтигэр Марианнаҕа бара сылдьыан, саппаҕырбыт санаатын үллэстиэн баҕарар да, аны бу кини санаатыгар, баччааҥҥа