Валерий Луковцев

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат


Скачать книгу

Башарин, норуот суруйааччыта Софрон Данилов, репрессия, сэрии тиэмэтигэр күүскэ үлэлээбит Дмитрий Кустуров, о.д.а. саха ытык дьонноро сэрии, сут-кураан сылларынааҕы дьон сутааһынын илэ харахтарынан, эт кулҕаахтарынан көрөн-истэн саха норуота тыыннаах буолар үрүҥ тыынын өллөйө сүөһүнү-сылгыны эһиэ суохтаах, сиир бурдугу ыһыныахтаах диэн элбэхтэ суруйбуттара. Сир түннүгэ ытык кырдьаҕас Максим Сибиряков Саха сирэ, ордук илин, киин, Бүлүү эҥээрдэр цикл эргииринэн кэлэ турар улахан курааннартан, уу суттартан мэлдьи оҕустаралларын, онуоха эрдэттэн сэрэниэххэ, бэлэмнэниэххэ наадатын туһунан үгүстүк санатар.

      Ааспыт сэрии сылларыгар аҕа көлүөнэ дьоммут, былыргы дьон чээрэлэрэ буолан, улуу тулуурдарынан, үлэһиттэринэн, сатабылларынан, олоххо тардыһыылара, дьулуурдара күүһүнэн саха омук имири эстэр, генофона быстар кутталыттан быыһаабыттара. Оннооҕор айылҕа оҕото кыыл барахсан, уһун кыһыҥҥа хасааһа суох хааллаҕына, өлөргө-сүтэргэ барар. Өлүөхүмэ Тээнэтин олохтооҕо, табаһыт, булчут П.Е. Алексеев дьикти кэпсээнэ «Кыымҥа» (05.06.2008) бу курдук тахсан турар: «Моҕотой ис-иһиттэн улаханнык эҥсэн ытыырын мин хаста да истэн, илэ харахпынан көрөн турабын. Аны бу ытаан сордонон баран кыра ачаахтаах талаҕы, маһы булан, бүтэһигэр бэйэтигэр тиийинэн, моҥнон өлөр. Биричиинэтэ – кини уһун кыһыны туоруур аһын, сайыны быһа мунньан муҥнаммыт хаһааһын эһэ эбэтэр солоҥдо булан сиэн-аһаан, ордугун ыһан-тоҕон кэбиспититтэн буолар. Моҕотой салгыы олорор кыаҕа суоҕун билэн, итинник кытаанах быһаарыныыны ылынар», – диэн кэпсээбитин суруналыыс И.Неустроев бэчээттэппитэ. Оттон биһиги олохтон барбыт эбэлэрбит-эһэлэрбит, төрөппүттэрбит, билигин баар тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылын оҕолоро хайдахтаах инчэҕэй эттээх кыайан тулуйбат үлүгэрин, хотоҥҥо сүөһү бааллан турдаҕына, маҥхааһайга эт-балык, бурдук симиллэн сыттаҕына, сокуонунан көрүллэр дохуоттарын суотугар, сатаатар, күөх үүтү, бурдук атаҕын ылбакка, кэтэх сүөһүлэрин идэһэлэммэккэ, хоргуйан өлүү-сүтүү тахсарын эттэринэн-хаанарынан билэн-көрөн, төһөлөөх улуу тулуурунан, кыайыы туһугар дьулуурунан, инники көлүөнэлэр кэскиллэрин туһугар туруулаһан ордон, омугу салгыы ууһатар, олоҕу салгыыр кыаҕы биэрбиттэрэ – улууканнаах хорсун быһыы, туохха да тэҥэ суох героизмы көрдөрүүлэрэ кэлиҥҥи көлүөнэлэргэ холобур буолуохтаах. Уонна сэрии сылларынааҕы иэдээн: мобилизацияҕа холкуоска, аймахха, ыалга иитэр-аһатар киһитэ суох гына имири хомуйан, олоччу уот сэриигэ ыытыы, хаалбыт иитимньилэригэр, хаалынньаҥнарыгар харысхала суох сыһыан, дьон олоҕунааҕар үөһэттэн ирдэбили – былаан, отчуот туолуутун өрө тутуу – оччотооҕу үрдүкү, орто, алын салайааччылар алҕастара, аһыныгаһа суох быһыылара, төһө даҕаны байыаннай балаһыанньа кытаанаҕын иһин, сиэри таһынан толоругастара – кэлэр кэмҥэ, бүгүҥҥү олоххо бары таһымнаах салайааччыларга хомолтолоох уруок, суостаах сэрэтии. Салайааччы дьонун-сэргэтин иннигэр сүгэр эппиэтинэһин хайдах да көлбөрүтүммэт. Төһө да кэм аастын – син