Галина Нельбисова

Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун


Скачать книгу

а сыл анараа өттүгэр Уус Алдан Майаҕаһын кулуубугар Анна Прокопьевна уонна Иван Афанасьевич Стручковтар киинэ көрө кэлбиттэригэр улахан оҕолоро Матрена кинилэри сайыһан, биллибэтинэн-көстүбэтинэн кэлэн олорорун туһунан кэпсэтиилэрэ.

      Билигин Амма Алтаныгар олорор, айылҕаттан айдарыылаах саха эмчитэ Матрена Ивановна Григорьева-Чугдаара Хотун оҕо эрдэҕиттэн сытыытынан-хотуутунан «баппатын» туһунан сылаанньыйа ахтар-саныыр.

      – Уон ыйбар хаампыт үһүбүн, тоҕус ыйбар тылламмыппын. Биирим ааһыыта киһини кытта толору кэпсэтэр буолбуппун.

      Уол оҕо курдук этим. Дьэ мин быракааһым элбэҕэ. Дэлэ кыһалҕаттан буолуо дуо, ампаарга өтүү быанан баайан кэбиһэллэрэ, ону сүөртэрэн, бара сатыыр айдааннааҕым. Уолаттары кытта табаарыстаһарым, наар тыаҕа оту-маһы ааҕан, күөх дуолга көҥүл-босхо сылдьарбын туохтааҕар да ордорорум.

      Уус Алдан улууһун Майаҕас сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Аҕам Иван Афанасьевич Стручков Майаҕастан, ийэм Анна Прокопьевна Петухова Кэптэниттэн силистээх-мутуктаах дьон. Алта оҕолоох ыалга улаханнарабын.

      Кыра эрдэхпиттэн эбэлэрбэр олус чугас этим. Аатын биэрбит эбэм, аҕам ийэтэ Матрена Григорьевна-Матырыас миигин наһаа таптыыра. Эбээ оҕото этим. Эһэм Афанасий Иванович Стручков, дьонугар-сэргэтигэр Тоҥхоҥнуур диэн аатынан биллэрэ.

      Ийэм төрөппүттэрэ Прокопий Семенович Петухов-Кырааһынай уонна Евдокия Романовна Алексеева сайылыкка олорооччулар. Кинилэргэ барарым миэхэ туохха да тэҥнэспэт үөрүү, улахан наҕараада курдук этэ. Сарсыарда уһугуннахпына сибилигин ыаныллыбыт үүт минньигэс сыта, эбэм күөрчэҕин ытыйар тыаһа дьоллоох оҕо сааһым умнуллубат түгэннэрэ буоллахтара эбээт! Эбэм ынах хомуйа барарыгар миигин сүгэ сылдьара, эмп оҥороругар от хомуйара.

      Ийэлээх аҕам иккиэн үлэни өрө туппут дьон. Кырабар Кэптэни бөһүөлэгэр көспүппүт. Ийэм өр сыл устатыгар элбэх сыратын, кыһамньытын биэрэн оҕо саадыгар ньээҥкэлээбитэ, кэлин аптекаҕа санитаркалаабыта. Аҕам суоппар, тырахтарыыс идэлээҕэ. «Чөмпүйүөн суоппар» аатын ылыар диэри бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Үлэтигэр өрүү үрдүк кирбиилэри ситиһэн, социалистическай үлэ кыайыылааҕынан буолара. Бөһүөлэккэ дьонум ытыктанар ыал этилэр.

      Тустаах үлэлэрин таһынан бөһүөлэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кытталлара. Онон биһигини, бэйэлэринэн үтүө холобур буолан, батыһыннара сылдьан үлэни таптыырга, үлэһит дьону ытыктыырга үөрэппиттэрэ. Этэргэ дылы, «кытай курдук» үлэһит ыал этибит. Биһигини, алта оҕолорун сатыылларыгар барытыгар такайбыттара. Онон бука бары туох да үлэттэн куттаммаппыт, бэйэбит оҕолорбутун эмиэ оннук ииттибит.

      Ийэлээх аҕабыт үлэни, спорду, чэгиэн-чэбдик буолууну кытта алтыһыннаран тэрийэллэрэ. Ол биһиэхэ бырааһынньык кэриэтэ этэ.

      Холобур, муус ыларбытыгар, мас мастыырбытыгар хайыһардаах, хаҥкылаах барарбыт. Ийэбит минньигэс, сылаас аһы өйүөлээн ыытааччы. Ыраас салгынынан дуоһуйа тыынан, эппитин-хааммытын эрчийэн, үлэ бөҕөтүн бүтэрэн-оһорон, астынан, сынньанан кэлэрбит.

      Аҕабыт наһаа эйэҕэс майгылаах, олус аймаҕымсах этэ. Кыыһыра сылдьарын хаһан да көрбөтөхпүт, наһаалаатахха биирдэ эмэ таһылларбыт. Ханна да сырыттар, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэрэ-такайара. «Сиргитигэр-уоккутугар өрүү махтана, киниттэн көрдөһө сылдьар буолуҥ» диирэ. Сылдьарбыт тухары аҕабыт этиитин толорон, Кэптэни эбэбит кытыытын, сылдьар сирбитин-уоппутун наар ыраастааччыбыт.

      Ону тэҥэ бултуурун сөбүлүүрэ. Эбэ кыйа хайыһар суолун тэлээччи. Хайыһардыы бардахпытына куобах кэһиилээх кэлээччибит. Онон биһиги, оҕолор, бары сааланарбыт, туһах иитэрбит, илим көрөрбүт.

      Аҕабыт Уус Алдан улууһун спордун бэтэрээнэ. Хайыһардыыра, сүүрэрэрэ, бэлисипиэт тэбэрэ. Онон кинини утумнаан бары кыанабыт, спорка олус чугаспыт, хайыһардыыбыт.

      Ити үтүө үгэс сиэннэргэ эмиэ бэриллибит. Эһэтин туйаҕын хатарбыт сиэммит Ваня Аржаков хайыһардыыр, сүүрэр. Быйыл «Дети Азии» оонньууга 3 км сүүрүүгэ бастаабыта. Оонньуу сабыллыытыгар аныгы сырыыга оонньууну тэрийэр Монголия дойдутугар былааҕы туттарыы сиэригэр-туомугар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Кыра балтым, Ваня ийэтэ Гея кэргэнинээн Дмитрийдиин Өлүөхүмэ оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлииллэр, тириэньэрдэр.

      Ийэбит, элбэх оҕолоох киһи сиэринэн, дьиэтин-уотун көрүүтүн уонна үлэтин-хамнаһын тэбис-тэҥҥэ тутан, бүтэрэн-оһорон иһээри, түбүгэ баһаам буолара, биир сиргэ таба олорбото.

      Ийэм ис-иһиттэн ыраас, чэнчис. Бэрээдэги сөбүлүүр. Киниэнэ туппута-хаппыта барыта тып-тап курдук, түргэн-тарҕан. Амтаннаах асчыт, иистэнньэҥ. Айылҕаттан бэриллибит ис култууралаах хаһаайка. Аһыыр остуол кыраһыабай сервировкалаах, мааны иһиттэринэн киэргэтиллибит буоларын сөбүлүүр. Хас биирдии киһиэхэ быһах, биилкэ, ньуоска хайаан да уурулларын тутуһар. Кини бэлэмниир кэнсиэрбэтин, барыанньатын, утаҕын арааһын ааҕан сиппэккин.

      Аҕабыт былырыын сайын орто дойдуттан бараахтаабыта… Ийэбит барахсан кытта кырдьыбытын суохтаата ахан… Ол гынан баран, син биир кимиэхэ эмэ туһалаатарбын диэн, дьэ олорон турбат. Сиэннэрин көрсөр, туохха барытыгар көмөлөһөр, сүбэ-ама, күүс-көмө  буола сылдьар.

      Кыра сырыттахха ийэҥ, аҕаҥ эппиттэрэ-тыыммыттара эккэр-хааҥҥар хаалар эбит. Ол үтүө тылларын олоҕуҥ устата туһанар эбиккин…