Галина Нельбисова

Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун


Скачать книгу

буоларга,

      Эппин-сииммин кытта

      Биир тылы буларга.

      Сырыы аайы кыһаллан,

      Үрдүккэ, кэрэҕэ талаһа,

      Туһалааҕы оҥорорго

      Кыһамньылаах буоларга.

      Ол эрэн сылайдым

      Дьон нэгэй сыһыаныттан,

      Сэнии көрөрүттэн,

      Эрэл кыымын сүтэрэриттэн.

      Өйдөөҥ-төйдөөҥ, толкуйдааҥ,

      Санаа кулута буолумаҥ,

      Ыарыыны хасыһа сатаамаҥ,

      Чөл турукка айаннааҥ…

САХСЫРҔАКыаммат киһини, оннооҕор, сахсырҕа атаҕастыыр…

      Саахарымсах сахсырҕа,

      Күөх истээх сахсырҕа

      Дыыгынаан бүт,

      Киһини утут.

      Күөх искин да кыаммакка

      Тото-хана аһаабыккын,

      Утуйар сир көрдөөн

      Көтөн дыыгыныыгын.

      Онно олорон көрөҕүн,

      Манна өйөнөн көтөҕүн,

      Тугуҥ табыллыбат,

      Туох дьэ уоскуппат?

      Туох соруктаах эн

      Бу сиргэ олороҕун,

      Сытыйбыты сиэри дуу,

      Дьаҥы-дьаһаҕы тарҕатаары дуу…

* * *

      Ыарыы… Ыарытыйыы…

      Ыар турук…

      Ытарчаҕа ылларбыттыы

      Ыбылы ылар,

      Ыпса, кэккэлэһэ

      Ыбылы кууһар.

      Ыбыс-ыараханнык,

      Ыарыылаахтык ынчыктатан,

      Ыарыы хам ылар,

      Ыксатар ырайга,

      Ыарахан сиргэ…

      Ыл, тэй миигиттэн.

      Ырааһыр, өйүм-санаам,

      Ыалдьыма, этим-сииним…

САНАА ТИҺИГЭ

      Санаатарбын эрэ мин,

      Сайа охсор салгыҥҥа,

      Сиэлэ, сүүрэ оонньуохпун,

      Сымнаҕас хонууга

      Күөлэһийэ мэниктиэхпин баҕарабын.

      Санаам туолбатыттан

      Санаарҕаан дуу,

      Хамсаабат, бөһүйбүт

      Атахтарбар оргууйдук

      Санаам иэйиилэрин

      Сыыйа алҕаан ыытабын…

      Сүр дьиктитик иһийэ,

      Сипсийэ, эрэннэрэ:

      «Күүт, кыратык тулуй,

      Сыыйа санааҥ хоту сүүрүөм,

      Сиэлиэм-хаамыам

      дьоһуннук» диэн

      Сипсийэ былаастаан,

      Сэрэнэн-сэрбэнэн,

      Хамсаабат буолбут атахтартан

      Санаа ситимин тутабын.

* * *

      Кыланар мин дууһам,

      Ыалдьар этим-сииним,

      Оргуйар мин хааным,

      Тохтуур сүрэҕим тэбиитэ…

      Ол кэмҥэ истэбин,

      Көрөбүн тулабын,

      Айылҕам дьикти күүһэ

      Бүттүүн миигин абылыырын…

2008 с.

      ЭТИТЭР, ИЭТЭР ИЭЙИИЛЭРИМ

      Матрена Ивановна хоһоонугар, эппитин курдук, «айылҕатын дьикти күүһэ абылаан», блокнотугар айылҕаттан анаммыт ураты дьоҕура арыллан, аһыллан, бэйэтин биллэрэн эрэрин туһунан хоһоонунан этитиилэр киирэн кэлбиттэрэ кэккэлии тиһиллибит.

      Үөһэттэн айан ыыппыт

      Модун, көстүбэт күүспүн мин,

      Хайа кэмҥэ, хайдах

      Туһанарбын