Урсун

Хараҥа сискэ


Скачать книгу

тахсыбыта. Аркадийдаах Новосибирскай куоракка билсибиттэрэ. Костя онно Үрдүкү партийнай оскуолаҕа, оттон Аркадий консерваторияҕа үөрэммиттэрэ. Икки сыл устата Костяҕа Аркадий элбэхтик кэлэн, бэрт уһуннук сэһэргэһэр этилэр, бэркэ сөбүлэспиттэрэ. Аркадий консерваторияны бүтэрэригэр Костяҕа этэн биэрэн түөрт чаастаах «Биһик ырыата» диэн хоһоону суруйтарбыта. Ону кини пианиноҕа, виолончельга уонна куоласка анаан уустук музыкальнай композиция оҥорбута. Ол дипломнай үлэтин «туйгун» сыанаҕа көмүскээбитэ. Кинини үөрэппит профессора Петр Николаевич Иванов Костяҕа Аркадий туһунан үрдүк сыанабылын эппитэ: «У него абсолютный музыкальный слух… Он станет гордостью не только якутского народа», – диэн. Үөрэҕин үчүгэйдик бүтэрэн кэлэн, айар үлэнэн бэркэ дьарыктанан, икки төгүл композитордар сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн талыллан баран, доруобуйата эмискэ мөлтөөн, ыалдьан, күн сириттэн күрэммитэ. Костя доҕорун олус аһыйбыта, суохтаабыта. Кинилэр бииргэ үлэлэһэн, опера суруйан испиттэрэ… Костя Аркадий дойдутугар, Сунтаар Элгээйитигэр, хаста да сылдьыбыта, ийэтин, балтын кытта билсибитэ. Оттон бу сырыыга төрөөбүт дойдутун көрдөрө диэн аҕалбыта.

      Доҕордуулар ыалга түһэн баран, Костя урут олорбут сирдэрин көрө сатыы барбыттара.

      – Бу Элэмэс диэн сиргэ уҥа диэки Николай Денисович Неустроев аҕатын дьиэтэ балыыһа буолан турбута. Оттон хаҥас турар Николай Иннокентьевич Голиков диэн хорсун сэрииһит, хас да уордьаннаах убайым балаҕаныгар мин олоро сылдьыбытым. Билиҥҥэ диэри турар учууталлар уопсайдарыгар суруйааччы Афанасий Федоров олорбута. Үс оҕото барыта манна төрөөбүтэ. Бу дьиэҕэ олорон, «Айан аартыга» диэн бастакы, «Хагдарыйбат лабаалар» диэн иккис кинигэтин таһаартарбыта. Бу үрдүк сир – оскуола томторо. Манна мин бэһис кылааһы бүтэрбитим, 6 кылаастан Дьокуускай 2-с №-дээх оскуолатыгар үөрэммитим. Олус эргэрбиттэрин иһин, сэбиэттээн олорбут киһи уоттаан турар… – Костя кэпсии-ипсии, көрдөрө испитэ.

      Кинилэр оскуола томторун уһугар чөкөллөн турар кыра дьиэҕэ чугаһаабыттара. Тэйиччиттэн тиэрбэс иһигэр биир кырдьаҕас от охсо сылдьарын көрбүттэрэ. Иккиэн сиэх быһаҕас үрүҥ ырбаахылаах балачча толуу дьон оргууй чугаһаан кэлбиттэрэ.

      – Аркадий, ол тиэрбэс иһин охсо сылдьар оҕонньор – мин айбыт аҕам… Түөрт уон сааспын ааһыахпар диэри саһа сылдьыам дуо? Баран кэпсэтиэххэ, – диэт, Костя тиэрбэскэ чугаһаан кэлбитэ. Аркадий соһуйан: «Кырдьык дуо?» – диэбитэ. Онтон доҕоро оонньуу оҥостубатын, бэркэ туруммутун көрөн, салгыы туоһуласпатаҕа. Куорат дьоно күрүө таһыгар кэлбиттэрэ. Оҕонньор, ойоҕолуу турар буолан, ону өйдөөн көрбөтөх быһыылааҕа.

      – Миитэрэй, дорообо! Хайа, бу оккун охсо сылдьар эбиккин дуу?

      Оҕонньор билбэт дьоно кэлбиттэрин көрөн тохтообута. Хотуурун отунан сотон баран, чугаһаан кэлбитэ. Ыалдьыттар күрүө таһыгар, оҕонньор күрүө иһигэр туран кэпсэтэн киирэн барбыттара. Миитэрэй Аркадийы саҥа көрөрө, оттон Костяны маҥнай эмиэ билбэтэҕэ. Хардары-таары көрүөлүү түһэн баран, Миитэрэй дьэ билэн, Костяҕа туһаайан эппитэ:

      – Киһи сылгыттан төрөөбөт. Айбыт аҕаҥ бу турабын! Көр!

      Ити