Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

Аны, били оҕо эрдэҕинээҕим курдук, ат тараахтаах кымньыытынан таһыйаары гынар бэйэтэ дуу?» Суох, тойоно илиитигэр кымньыы да, нагаайка да тутан олороро биллибэт. Сирэйиттэн-хараҕыттан да көрдөххө, кырбаары гыммыт быһыыта көстүбэт. Ол эрээри «таҥаскын уһул!» диэн соруйбута олус дьикти. Сылгыһыт Сүөдэр, өр соҕус саараан турбахтаан баран, кугас кулун тириитэ сонун устан сиргэ бырахта. Өҥө көстүбэт буола киртийбит сиидэс ырбаахынан эрэ хаалла. Дьаакыбылап кулуба хамначчытын кирдээх ырбаахытын, хас эмэ сиринэн абырахтаах торбос тириитэ ыстаанын сиргэммит курдук көрүтэлээтэ.

      – Хотуйдаар, Сүөдэркэ истээх сонун аҕалыҥ эрэ!

      Дьиэ көрөөччү кыыс, Сүөдэркэ хара саһыл тыһа истээх сукуна сонун түгэх хостон таһааран, ханна да гыныан булумуна, туора көтөҕөн турда.

      – Тойоон, бу сону ылан кэтэн көр! – диэн Дьаакы-былап соруйда.

      – Ол тоҕо кэтэбиний? – Сылгыһыт Сүөдэр, мааны таҥастан куттаммыт курдук, кэннинэн чинэрийдэ.

      – Чэ-чэ, иэх-дьуох буолума, ылан кэт!

      Сылгыһыт Сүөдэр, бэркэ диэн толло-толло, соҥҥо илиитин уунна. Тойонун уолун мааны сонун, буобура саҕатыттан ылан, синэ биир диэбиттии, хап-сабар санныгар быраҕынна, кэттэ.

      – Тимэхтэн! – тойоно уолу эргийэ хаама сылдьан көрдө. Уолун соно Сылгыһыт Сүөдэргэ, ананан тигиллибитин курдук, сөрү-сөп эбит.

      – Хааман көр эрэ!

      Сылгыһыт Сүөдэр хааман көрдөрөр. Тойоно хайдах эрэ айа кылыытын кыҥаан эрэрдии кыҥастаһар. Хара саһыл тыһа истээх сон Сылгыһыт Сүөдэр этин бэрт сымнаҕастык, сылаастык кууһарга дылы. Кини бу сону устубата буоллар, кыһыҥҥы тымныыны билбэккэ аһарыа эбит. Уол санна, этэ ол сымнаҕаска, сылааска үөрэнэн эрдэҕинэ, Дьаакыбылап:

      – Чэ, уһул! – диир.

      Сылгыһыт Сүөдэр сону уһулар, ону Дьаакыбылап кулуба ылан хамначчыт кыыһыгар биэрэр:

      – Мэ, хотук, маны таһырдьа таһааран, тэбээн баран, салгылата ыйаан эбис!

      Сылгыһыт Сүөдэр кулун тириитэ сонун кэтэн, тойоно уолун мааны сонун тоҕо кэтэрдэн көрө сылдьыбытын таайа сатыы-сатыы, аан диэки баран эрдэҕинэ:

      – Тохтоо, нойоон!.. Киир эрэ манна. Мин эйигин кытта кэпсэтэр наадалаахпын, – диэн кулуба кэтэх хоско ыҥыран киллэрэр.

      Сылгыһыт Сүөдэр бу кэтэх хоско хаһан да үктэнэн көрө илигэ. Хос иһигэр бэрт элбэх мааны таҥастар ыйанан тураллар. Өстүөкүлэ таас ааннаах ыскаапка бэрт элбэх көмүс иһиттэр көстөллөр.

      – Сүөдээр, миигин үчүгэйдик өйдөөн иһит, – Дьаакыбылап кулуба тоҕо эрэ уорба баҕайы намыын куолаһынан, тэҥнээх тэҥнээҕин кытта кэпсэтэн эрэрин курдук, саҥаран барар. – Эн мин ииппит оҕом буолаҕын. Эйигин кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр биирдэ эмэ туһаныам, көмөлөһүннэриэм этэ диэн ылбытым. Дьэ, эн көмөҕөр наадыйар күнүм кэллэ. Ол иһин бу эйигин ыҥыттардым…

      Сылгыһыт Сүөдэр, туох да диэн булбакка, тойоно кини диэки арыы ньалҕархайдык көрүтэлиирин, сирэйдиин-харахтыын сымнаабытын, сырдаабытын дьиибэргии саныы турда.

      – Эн, оҕом Сүөдэр, баҕар, баттаммыттаах-атаҕастаммыттаах буолуоҥ, ону барытын умун. Дьиэ кэргэн иһигэр