Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

Сүөдэр суоҕун дьэ өйдүүллэр.

      – Хайа, Сүөдэрбит? – диэн Чөмөөт Сэмэн кыҥсыйан ыйытар. Кини болооччу курдук сүүстээх, тараҕай төбөлөөх, кыра уҥуохтаах, кыараҕас харахтаах киһи. Былыр-былыргыттан Дьаакыбылап кулуба көлүнэр көлө оҥостубут хамначчыта. Кэргэниниин, икки уолунаан бу баайга аһыыр-таҥнар эрэ иһин үлэлииллэр.

      – Дьэ, доҕоттоор, ханна барда диэтэххитий, таһырдьа сылдьар ини, – диир Толлор Ньукулай, сааскы убаҕас суораты минньигэс баҕайытык лэбийэ олорон.

      Аһаан бүтэн эрдэхтэринэ эмискэ аан аһылла түһэр, «Сүөдэрбит киирдэ», – дии санаан дьон бары эргиллэн көрөллөр.

      – Оҕолоор, ким киирдэ? – диэн Сөдүөччүйэ эмээхсин Сүөдэр буолаарай диэн ыйытар.

      – Э-э, мин, – диир хотонтон хойутаан киирбит Малаанньыйа кыыс саҥата.

      – Тоойуом, Сүөдэр уол ханна барбытын көрбүтүҥ буолаарай?

      – Эчи суох, ханна барбытын билбэтим. Түүн туран, сыттыгын анныттан ынах быатын ылан, хоонньугар уктан тахсан эрэрэ дии.

      Сөдүөччүйэ эмээхсин хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрэн түһэр. Кини уоһун иһигэр тугу эрэ ботугуруур. Хамначчыт уолаттар-кыргыттар, дьоннор, соһуйбут курдук ах баран, саҥата суох олороллор.

      Ол олордохторуна эмискэ аан тэлэллэ түһэр. Ааҥҥа Малаанай Ньукулай күрдьэх саҕа маҥан сирэйэ малтас гынан көстөр. Кини – Дьаакыбылапка ат көлүйэр, ыҥыырдыыр үктэл уол, тойоннорун илдьиккэ сүүрдэр-көтүтэр киһитэ.

      – Кыбыыттан тойон миинэр атын ким ылан барда? – диэн ыйытар Малаанай.

      Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Чөмөөт Сэмэн, элбэх саҥалаах муҥутаан, ким-хайа иннинэ чалыгыр гынар:

      – Малаанаай, Сүөдэрбит сүппүт. Бука, кини…

      Малаанай Ньукулай сирэйэ аантан мэлис гынан хаалар. Саадьаҕай ынах тириитэ бүрүөһүннээх халҕан «лап» гына сабыллар.

      Өр-өтөр буолбат, ыгдаччы кыыһырбыт тойонноро Дьаакыбылап суостаахтык силбиэтэнэн, күргүйдээбитинэн киирэн кэлэр:

      – Баччааҥҥа диэри үлэҕитигэр тахсыбакка, тугу гына олороҕутуй?

      – Сылгыһыт Сүөдэр бөлүүн… ынах быатын тутан тахсыбыт үһү, – дэһэллэр хамначчыттар.

      – Улаханнык дьүдьэйбитэ… Санаарҕыыр быһыылааҕа, – Чөмөөт Сэмэн чалыгырыыр.

      – Быаны тутан тахсыбыт үһү… Куттанабыт, аны бэйэтигэр тиийинэн ол алдьархайа буолуо, – дэһэ-дэһэ дьахталлар куттаммыт курдук көрөллөр-истэллэр.

      Тойонноро тугу да саҥарбат, өһөхтөөх баҕайытык хамначчыттарын көрүтэлиир:

      – Дьиккэр, аппын миинэн барбыт… Бэйи, көстүөҥ суоҕа! Олоруоххут дуо, үлэҕитигэр тахсыҥ!

      – Сүөдэри көрдөөбөппүт дуо? – диэн Чөмөөт Сэмэн симиктик ыйытар.

      – Кинини көрдөөн күнү алдьатаары гыммыккыт дии!.. Үлэлээбэккэ, бэлэми аһаары гынаҕыт дуо?..

      Күүстээх тыал түүнү көтүтэрин курдук, хамначчыттар, үрүө-тараа түһэн, үлэлии тарҕаһаллар. Арай Сөдүөччүйэ эмээхсин олорор сириттэн хамсаабат. Кини санаатыттан Сылгыһыт Сүөдэр түүн ынах быатын илдьэ барбыта арахсыбат. Ол быаны кини чэрдийбит ньилбэгэр