биирдэ эрдэ хатаан көрүөххэ, кини даҕаны харабыл курдук олорон биэрэр…
Акаары дьахтар олоҕун саҕаланыыта
Уой, эмиэ аһары туустаан кэбистэ быһыылаах, миинин туой аһары туустаан кэбиһэр үгэстээх буоллаҕа… Сирэн испэттэрэ буолуо.
– Бэла, хааһы буһарабын дуо?
– Суох. Детсадка – хааһы, дьиэҕэ – хааһы. Өрүү хааһы да хааһы…
Кырдьык даҕаны! Тойтойо сытыйан, адьас улахан киһи курдук саҥарар ээ, бэлэс – мааны.
Тууһа биллэр-биллэр, чэ, аны кэлэн хайаабат даҕаны, арай уу кутан биэрииһи. Тугу саныы туран туттан кэбистэ? Аа, төгүрүк оонньуур туһунан.
…Кини оронун үрдүгэр аҥаар өттө күөх, аҥаара кыһыл төгүрүк туох эрэ ыйанан турар. Ол төгүрүк эргичиҥниир: арыт кыһыл өттө түннүк диэки хайыһар, оччоҕуна кыһыла кылбачыйан ылар, арыт күөх өттө эргийэ түһээт, чээлэй күөҕүнэн чаҕылыйар. Кини ону тута сатыыр, төгүрүк буоллаҕына – кэлбэт. Онуоха кини ойон турар быһыылаах да, төбөтүнэн туохха эрэ ыарыылаах баҕайытык охсулла түһэр. Илиитин ууммутунан өссө өндөйөр – эмиэ сүүһүн тыаһа «лос» гына түһэр. Төгүрүк буоллаҕына, күлүү гынардыы, эргичийэрэ өссө түргэтиир: кыһыл, күөх, күөх, кыһыл, кыһыл, күөх… Кини эмиэ өндөйөн көрөр – эмиэ сүүһүнэн маска кэтиллэ түһэр. Кини онтон кыыһыран хаһыытыыр быһыылаах, ытыыр дуу? Аттыгар буоллаҕына тоҕо эрэ ким да суох, киниэхэ ким да көмөлөспөт. Кини хаһыытын ким да истибэт.
Хайдах оннук орон эбитэ буолла? Төбөтүн оройунан түспэтин диэн оронун үрдүнэн эбии туорай мастаах эбит буоллаҕа дуу? Муокас орон эбит дии. Уонна ити хастааҕар эбитэ буолла? Бэланы билигин оннук ороҥҥо күүскүнэн да хаайбатах бэйэҥ ини, көтүрэн да туран тахсыа этэ эбээт, онон буоллаҕына кыыһынааҕар кыра эбитэ буолуо. Эбэтэр адьас да орон буолбатах, туох эрэ атын эбитэ дуу?.. Илиитин кыбытан дуу, эбэтэр атыннык хайдах эмэ дьээбэлээн ылар диэни билбэт эбит, ойон тура-тура туой «лос» гына сүүһүнэн эрэ анньылларын билэр эбит…
Чэ, буста быһыылаах. Аныаха дылы буспатаҕай?
– Аһыаҕы-ыыҥ!
Даа, табыллыбатах миин буолбут: тууһа да аһыы, хойуута да бэрт, олоччу лапса.
– Маамаа, мин топпун.
Ити баар! Детсадка аһаабыт буоллаҕа дуу?
– Мииммит тууһа аһыы буолбатах дуо?
– Суох, үчүгэй дии. Хойуу, тотоойу…
Сүөдэр кини туһунан туох дии саныыра буолла?
Саныыра дуу, суоҕа дуу? Куһаҕан хаһаайка, асчыта суох, умнуган-тэмнигэн, онтон да араас диэн… Саҥарбат.
– Эн мин туспунан туох дии саныыгын?
– ?!
– Кырдьык ыйытабын.
– Туох дии саныамый?
– Туох да дии санаабаккын дуо?
– Суох.
– Тоҕо? Оччоҕо тугу саныыгын?
– Һы-һы…
– Күлэҕин, ээ?
– Эйигин эрэ саныыр бокуой суох. Ыһыыбыт хампаанньата тохтоору гынна, парторг кэлэ сырытта.
Мөҕүллүбүт быһыылаах.
– Тохтон-ыһыллан биэрэҕит…
– Үлэ-үлэ! Үлэ баһаам, Даайаа.
– Оттон… оттон мин туспунан туох да дии санаабаккын дуо?
– Билигин