Арина итини иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, чанчыгын тула тарбаҕынан «акаарыгын дуо?» диэбиттии эргитэн ылбыта уонна түргэнэ диибин диэн, көрүөх бэтэрээ өттүгэр төлөпүөн үрдүгэр түспүтэ. Дьолго «абонент не доступен» диэн буолбута. Сотору кэминэн, иккиэн да сылайбыппыт быһыылаах, иһиппитин сууйаат, утуйардыы сыппыппыт.
– Спокойной ночи, – диэбитим мин.
– Спокойной ночи. Ити Денис чахчы үчүгэй уол, – диэн Арина уутун быыһыгар нэһиилэ миэхэ хоруйдаабыта.
Ити кэнниттэн икки күн ааста этэ дуу, киэһэлик төлөпүөн тыаһа уу чуумпуну аймаабыта.
– Алло…
– Варя? – билбэт эр киһим куолаһа трубкаҕа иһиллибитэ.
– Истэбин, – ким буоллаҕай диэн таайа сатаабытым.
– Э-ээ… бу Денис эрийэбин.
– Ханнык Денис? – Ариналыын кэпсэппиппин таһыччы умнан кэбиспиппин.
Тохтобул.
– Оттон били… Аринаттан эн нүөмэргин ылбытым, – саҥатыттан-иҥэтиттэн бу киһи хоту улуустан сылдьарын таайбытым. Арина эмиэ итинник саҥарар. Чахчы биир дойдулаахтар эбит.
– Туох наадалааххыный? – диэн холус соҕустук ыйыппыттым.
– Суох, оттон туох наадалаах буолуохпунуй? Арай… сарсын баҕар Табаҕаҕа өрүс барарын көрбөппүт дуо? – диэн хаһан да харахтаан көрбөтөх киһим этии киллэрбитэ.
Саас кэлбит. Кэлэрин ааһан бүтээри гыммыт. Өрүс хамсаабыт. Мин чахчы да олохтон хаалан иһэр эбиппин.
– Сөп, – диэбиппин бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Трубканы ууран баран бэйэбиттэн бэйэм кэлэйбитим, чэпчэкитик даҕаны сөбүлэстим.
Оруобуна болдьоммут кэмигэр кэлбитэ. Тахсыбытым, олбуорга массыына бөҕө кэчигирээн турара. Мин мунаахсыйа турдахпына, маҥан өҥнөөх джиптэн биир бөдөҥ баҕайы эр киһи оронон тахсыбыта. Итиччэ толооһу көрөммүн испэр Аринаҕа кыһыйа санаабытым: саатар дьүһүнүн-бодотун даҕаны ойуулаан биэрбэтэҕэ ээ. Ити баар дии! Атыҥыраабыт кус курдук туттан, нэһиилэ массыынаҕа чугаһаабытым. Уолум кэлин олбохтон сибэкки уонна корзиналаах клубника ылан туттарбыта. Мин махтаммытым, испэр «Дон Жуан эбит» диэн сэрэхэдийэ санаабытым. Денис мин сирэйим-хараҕым олоруута кытаанаҕын көрөн, уоскута таарыйа: «Бүгүн хата үчүгэй күн буолбут. Муус барара бэркэ көстүүһүк», – диэбитэ. Айуу-айа, мичээрдээбитигэр айаҕа күн уотугар бэл диэтэр күлүмүрдүү түһэргэ дылы гыммыта. Илин тиистэрэ үксэ кыһыл көмүс коронкалар этилэр.
Ити үлүгэр элбэх фиксаны көрөн, мин төрүт да дьулайбытым. Эчи улаханын! Харыта модьутун! Өссө эбиитин моонньугар кэтит баҕайы кыһыл көмүс сыапачкалаах, тарбаҕар печатка биһилэхтээх. Мобильнайа бөтөн түһэн биир кэм хам буолбат. Этэргэ дылы мин «типаһым» буолбатах. Биэрэк кытыытынан айаннаан иһэн, юрист коллегаларбын санаан ылбытым. Эчи культурнайдарын, уурбут-туппут курдук таҥналларын, тас дьүһүннүүн, саҥарардыын кинилэр атыннар!
…Сааскы көстүү киһини үөрдүбэт. Суол кытыытын хаара ууллан, бөх-сыыс бөҕө. Сир чэлгийэ көҕөрөрө өссө да эрдэ буолан, харааран турар.
Хатаһы ааһан, Табаҕаҕа тиийбиппит. Хайа үрдү-гэр тоҕуоруһан турар дьону көрөн мин соһуйбутум. Эчи элбэхтэрин! Тэҥнэһиэм