Даана Сард

Вануату – дьол уйата


Скачать книгу

тас дьүһүнүнэн киһи сирбэт дьахтара. Кыратык суон эрэ, ону да хараҕыҥ үөрэннэҕинэ, туох да куһаҕана суох курдук. Чэ, ол туран эмискэ испэр «бээрэ, оччоҕуна мин били түгэх аанынан тахсан бүгүн дьиэлиир буоллаҕым дуу?» диэн таайа санаабытым. Сөпкө да сэрэйбит эбиппин, ол эрээри Таня тута дьиэлэппэтэҕэ: «Давай, чайкуулуохха», – диэбитэ.

      – «Чайкуулуохха»? – Николас туох эрэ олус интэриэһинэй, соһуччу сонуну истэрдии сэҥээрэ олордо. Миша даҕаны Костяттан кыбыстарын, туттунарын умнан, сыыйа-баайа тыла өһүллэн барда.

      – Да, «чайкуулуохха» диэбитэ. Мин буоллаҕына, чэйдээтэххэ да туох баар үһүнүй диэммин, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Таня миигин эрдэттэн кэтэспит курдук, түргэн үлүгэрдик ыйааһынын таһыгар аһын кэчигирэтэн барбыта, эбиитин коньяк орообута… – Миша ити кэнниттэн саҥата суох ах барда, чэйигэр баар саахары булкуйа олордо.

      – Мишка, ити соруйан тохтуугун дуо? – туох эрэ уһулуччу умсугутуулаах киинэни реклама быһа түспүтүттэн ньиэрбинэйдээбиттии, Николас тулуйбата: – салгыы туох буолбутай?

      – Салгыы дуо? Һы, билэ-билэҕин, тоҕо ыйытаҕын? – Миша чэйин ыймахтаата.

      – Кууллаах бурдуктар быыстарыгар дуо?

      – Арааһа оннук да буолуо. Коньяктан эбитэ дуу, барытын бүдүк-бадык курдук өйдүүбүн. Ол эрээри дьиэбэр килиэп тутуурдаах тиийбитим.

      – Биир сырыынан бүппүккүт дуо?

      – Эттэҕиҥ да баар! Таня, уопуттаах дьахтар, миигин ыытан бэрт, ыты сыапка баайалларыныы, ыраатыннарбакка, адьаһын бэйэтин аттыгар сырытыннарбыта.

      – Оттон, хата, айдаан тахсыбата дуо?

      – Туох айдаана? – Миша өйдөөбөтөх курдук тутунна.

      – Һы, бу да киһи ыйыттаҕын? «Совращение несовершеннолетнего» диэн сыалай ыстатыйа баар. Ол Таанньаҕын сууттаан саайыа этилэр, дьэ, оччоҕуна көрүлээн бүтэҕит. Оттон, Костя, саатар эн биллиҥ ини?

      – Суох, Мишка миэхэ биирдэ да кэпсээбэтэҕэ, – Костя нэһиилэ хоруйдаата. Бу кэпсэтии хайдахтаах курдук кини истэригэр кыбыстыылааҕын сэрэйиэххэ эрэ сөп.

      – Һы, оччотугар эһиги адьас улуу конспиратордар эбиккит дии?! – Николас сөҕүөн сөхтө. – Оттон ханна көрсөр этигитий? Итиччэ кыра дэриэбинэҕэ киһи саһар да сирэ суохха дылы!

      – Ханна буолуой, маҕаһыыҥҥа, – Миша тоҕо эрэ баҕарбатахтыы хоруйдаата: арааһа бу кэпсэтииттэн бэйэтэ да салҕан барда.

      – Ха-ха-ха! Кууллаах бурдуктар быыстарыгар! Ха-ха-ха…

      – Гришаня…

      – Ни-ко-лас… Эбэтэр Ник.

      – Тууй-сиэ, умна турабын ээ. Ник, аны эн бэйэҥ сырыыларгын кэпсээ, эн уочаратыҥ.

      – Һы, үөрбүт дии! Кэпсээн бэрт!

      – Тоҕо кэпсээбэккиний?

      – Аһара элбэх бириэмэ барыа. Биир күнүнэн бүппэккин.

      – Оттон саатар кыратык.

      – Суох диэтим, онон бүтэр.

      – Һы, киһи кистэлэҥин күүскүнэн кэриэтэ иһиттиҥ, бэйэҥ буоллаҕына тугу да кэпсээбэккин! Дьаабы киһигин дии! – Миша албыннаппыт курдук саҥарда.

      – Улахан баҕайы кистэлэҥнээх эбиккин! Манна диэн эттэххэ, мин олох да итэҕэйбэтим.

      – Тоҕо?

      – Костик