сүөһү аһылыга корм; ыһык провизия, аармыйа аһылыга провиант; сарсыардааҥҥы аһылык завтрак; күнүскү аһылык обед; киэһээҥҥи аһылык ужин; босхо аһылык бесплатное питание; аһылыктан, аһылык гын кормиться, питаться, потреблять, съедать; аһыыр астаах имеющий пищу; от аһылыктаах травоядный; эт аһылыктаах плотоядный; аһылыктаах сир место, где есть корм; пастбище (аһылыкка таһаар).
АҺЫН I см. аһый жалеть, скорбеть; сжалиться, щадить, сострадать, сочувствовать, миловать, оказывать милость (абыраа, араҥаччылаа).
АҺЫН II см. аас прекращаться, проходить; перестать; ардах аһынна.
АҺЫҤА кобылка, кузнечик; тоноҕос, тоноҕосчут стрекоза.
АТ I айаххын ат открывать рот, разевать; хараххын ас открывать глаза, раскрывать; икки арда аппыт расходиться, разъединяться; сибэкки атан эрэр распускаться; муоста аппыт отходить; атыт заставлять открыть рот.
АТ II 1. конь, лошадь; атыыр сылгы жеребец; айаас ат необъезженный конь; ыҥыыр ат, миҥэ верховая лошадь; көлө ат рабочая лошадь; ат сылгы лошадь; ат кулун жеребчик (мужского пола); ат таба верховой олень; 2. оценка качества; ат дулҕа очень высокая кочка; сатыы дулҕа низкая кочка; Ат хайа название высокой горы; атыыр дьахтар отменная, волевая женщина; аттаммыт кастрированный, холощёный, кладеный самец; аттаммыт сылгы мерин; ат оҕус вол.
ААТ I имя; прозвище, кличка; с притяж. афф. аатыҥ кимий как имя+твоё; аатым Айта имя+моё Айта; сир аата, кинигэ аата название книги; аатын ылар именины; звание, имидж; үтүөлээх артыыс аата звание заслуженного артиста; аат-суол громкая слава, ааттаах-суоллаах суруйааччы прославленный писатель; аат-сурах широкая известность; аат-сурах тарҕаныа пройдёт молва; аатын алдьаппыт опозорил своё имя.
ААТ II 1. част. туох аатыгар ради чего; биирдэ төрөөбүт ааппар раз родился; оҕо аата итинник таков, хотя ещё ребёнок; атаҕа суох аата хаамар загад. ходит, хотя без ног; аатыгар эрэ только на словах; туох аатай что значит; аата-ахса биллибэт бессчетное количество; 2. бран. аат оҕонньоро, аат уола, аат тыына исчадие ада.
ААТ III межд. аат-татай! ыат-татайбын! аат-туолар! недовольство, досада; аата көрүстэхпит! радость, удивление.
АТАҔАСТАА обижать, притеснять, пренебрегать; атаҕастабыл обида.
АТАҔЫРҔАА от атах беспокоиться, предчувствовать приход гостей.
АТАМААН главарь, вожак; предводитель; разг. большой мастер.
АТААН взаимное недовольство, противостояние; атааннаа умышленно мешать к. – л. выдвинуться; атааннас быть недовольными друг другом; фольк. атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дайды вселенная с противоречиями, противостоянием.
АТААР отправлять; көҥүллээн ыыт отпускать; тэрийэн ыыт снаряжать; тахсан атаар