Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

былыт тахсан кэлбит. Этиҥ этэн, чаҕылҕан чаҕылыйан, тыаллаах, силлиэлээх самыыр түһэн барбыт. Ону утары Өлүөс Макаарап, кыырар таҥаһын кэтэн, кэргэттэрэ төһө да буойбуттарын иһин, силлиэни, тыалы утары күрүлүүр күнүс утары кыыран тиҥийэ турбут. Ол тыал ааһа турбут. Оҕонньор дьиэтигэр киирэн сыппыт. Ыарытыйа быһыытыйбыт уонна эппит: «Алыһардаах удаҕан ийэ кыыла тыҥырахтаах көтөр эбит», – диэн. «Мин ийэ кыылым, күөх эбириэн оҕус, кыайан утарсыбакка, куота турда. Ону ханна тиийэн ситэн сиирэ буолла?» – диэбит.

      Ити кэмҥэ Аммаҕа, Соморсун нэһилиэгэр, Мээндиги чараҥар нэһилиэк мунньаҕа буола турар эбит. Онно арҕаа диэкиттэн Хонору үрэҕи таҥнары силлиэлээх, этиҥнээх ардах тиҥинээн кэлбит, мунньах дьонун үрэйбит. Онно саас ортолоох Чөппүүк уола Мэхээлэ диэн ойуун, икки илиитин тыҥыраҕын кумуччу тутан баран, эрбэһин быыһыгар умса түһэн сыппыт. Ардах ааспытын кэннэ туран эппитэ үһү: «Өлүөс Макаарап ийэ кыылын, күөх эбириэн оҕуһу, улахан тыҥырахтаах кыыл, үрдүгэр олорон иһэн, тоҥсуйа иһэр. Сиир буолбут, быһыыта. Быһа кымньыылаан, быһа хабан ааһыахтара диэн ити сыттым».

      Былыргы дьон өйүгэр-санаатыгар ойууттар, удаҕаттар күрэстэстэхтэринэ, маһы-оту барчалыыр силлиэ, тыал, холорук буолан ааһаллара диэн өйдөбүл баара эбитэ үһү. Ону хойуккааҥҥа диэри Өлүөс Макаарабы Алыһардаах удаҕан эккирэтэн, күрсэн барбыт, суулларбыт маһа диэн кэпсиир буолаллара.

      Ол курдук оҕонньор өр суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыт. Күһүн хотоҥҥо сүөһүнү быалыыр кэмҥэ биир киэһэ хотон иһигэр сүөһү бөҕө үргэн тигинэһэллэр. Ону туох буоллулар диэн киирэн көрбүттэрэ, сүрдээҕин ырбыт, дьүдьэйбит күөх эбириэн оҕус хотоҥҥо киирэн, күр гына сууллан түспүт. Ону сүрдээх суостаах көтөр киирэн тоҥсуйа олорорун көрөн, дьиэҕэ куотан тахсыбыттар дьахталлар. «Оҕонньоор, туох эрэ абааһылара киирдилэр хотоммутугар. Туран алҕаан көрүөххүн», – диэбиттэр. Оҕонньор: «Алыһардаах удаҕан ийэ кыылбын аҕалан, ити суулларда. Өллүм. Алааһым булгунньаҕар көмөөрүҥ», – диэн кэриэһин эппит уонна өлөн хаалбыт. Ол курдук илэ-бодо Өлүөс Макаарап ийэ кыылын Алыһардаах удаҕан ийэ кыыла эккирэтэн кэлэн, бэйэтин дьиэтигэр суулларбыта үһү диэн үһүйээн кэпсээн өргө диэри баара. Бука, билигин даҕаны Алтан кырдьаҕастара ити үһүйээни билэллэрэ буолуо.

      БӨТҮҤ ЭМЭЭХСИН

      Кырдьаҕастар этэллэринэн, Кэнньэ биис ууһугар Бөтүҥ диэн эмээхсин үөскээн, элбэх оҕоломмут. Эмээхсин дииллэрэ оруннаах быһыылаах. Улахан уола Маһарах. Өссө Тиэтэйбит Боотур, Ураанай Бэргэн эҥин диэн эбиттэрэ үһү.

      Дөксө Кураандаҕа наахаралар олордохторуна Бөтүҥ уолаттарын сөҕөн, сирэн, Бөрө Бөтүҥнэр дииллэрэ үһү. Наахаралары сэриилэһэн самнарыахтарыттан ыла үөскээн, дэлэйэн, Кэнньэ нэһилиэгэр Ураанай аҕатын ууһа Хотуйаҕа олохсуйбут, ити Ураанай Бэргэн удьуордара; Маһарах оҕолоро Молуода Кэнньэтинэн ааттанара; Күөттээн аҕатын ууһа Күөттээн алааһынан Амма эҥэригэр олороллоро; Соморсун хоту өттүгэр Бадараан Кэнньэтэ биир аҕа ууһа олорбута.

      ЭМИС ХОТУН

      Эмистэр төрдүлэригэр Эмис Хотун баара