Хара диэн ааттарынан саха норуотун биир сүдьү киһитэ, үүнэн-сайдан иһиитинэн, тус-туспа ааттарынан олбу-солбу ааттаммыт эбит.
Онтон да атын былыргы сахалар хастыы да сүһүөхтээх саҥаттан саҥа ааттаналлара биллэллэр. Адьас да саҥардыы дьон сүһүөхтээх ааттаахтарын мин билэрим. Туллай, Малаһаак, Дорбоох диэн таптал, хос, өһүргэнэр ааттары илдьэ сылдьыбыта Борисов Николай Николаевич – Соморсун олохтооҕо. Кыбыах, Мээлгээр, Хатырык диэн ааттары сүгэ сылдьыбыта Гоголев Василий Алексеевич – Абаҕа олохтооҕо. Мин санаабар, мөлтөхтөр биир аатынан муҥурданар быһыылаахтар.
БОЙУОТ
Амма улууһугар Дьоҥку нэһилиэк баара. Үс аҕа уустааҕа: Үөгэй (сир аатынан), Булгунньахтаах (алаас аатынан), Бойуот (киһи аатынан). Хаһааҥҥыта биллибэт, бэрт өрдөөҥҥүтэ Амма өрүс сааскы халаанын уута наһаа улаханнык кэлбит. Мас атахтаах уу дииллэрэ үһү. Өрүс сүнньэ туолан, икки эҥэрин тыатыгар диэри киэптии устубут. Мууска олорон, биир оҕо өрүс баһыттан устан кэлэн, Амма өрүс илин эҥэригэр мууһа сыстан, онно уол тахсан, олохсуйан, хантан эрэ быстах дьон кыыстарын кэргэннэнэн, ыал буолбут. Оҕоломмут-урууламмыт. Ол мууһу кытары устан кэлбит киһи аатынан Бойуот хочото ааттаммыт. Кини оҕолоро биллэр-көстөр дьон буоланнар, Бойуот аҕатын ууһугар Ураҕастар, Саһыл Бытыктар, Быакаактар уонна Дааҕыйдар диэн ийэ уустара бааллара. Билигин бу дьон ыччаттара Абаҕа нэһилиэгэр Строд аатынан совхозка олороллор.
МААМЫРА КЫТАҔА
Абаҕаҕа, Арбаҕас ийэтин ууһугар Радион Старостин диэн өйдөөх, сытыы-хотуу баай киһи олорбута. Баай, өйдөөх буолан, Боотуруускай улууһугар кулуба буола сылдьыбыт киһи. Балта Маамыра диэн кыыһы Дьоҥку нэһилиэгин баайа, Тупсаан ийэтин ууһун оҕото Аммос Емельянов диэн киһи кэргэн ылбыт. Улахан уруу буолбут. Бу кыыс, Маамыра, элбэх ынах, сылгы сүөһү энньэтигэр оттоон, сүөһүтүн ииттин диэн, убайа, Арбаҕас баайын уола Радион Старостин Абаҕа дэриэбинэтин анныгар баар кытаҕы (намыһах ходуһаны) энньэ диэн анаан биэрбитэ. Ол кытах билигин да Маамыра Кытаҕа диэн аатынан ааттана сылдьар. 31 гектардаах үтүө ходуһа.
СЭМСЭ
Абаҕа нэһилиэгэр, Лыба диэн үрэххэ Сэмсэ диэн кыра ходуһа баар. Былыр, 1857–1958 сыл диэки, Аммаҕа, Саха сиригэр барытыгар даҕаны, халыҥ хаар дьыл буолан ааспыт. Ол хаар дьыл Лыбаҕа олохтоох Хонтой Хабырылла диэн 600 сылгы сүөһүлээҕиттэн, ото суох буолан, 400 сылгыта сутаан өлбүт. Онон улаханнык дьадайбыт. «Ходуһам кыараҕас, кыра буолан, сүөһүм сутаата», – диэн нэһилиэгин мунньаҕыттан көрдөһүү сурук түһэрбитигэр, ылынаннар, Лыбаҕа, Маралыкы төрдүн алын өттүгэр, икки элгээн икки ардын, өллүгэтин тас өттүнэн, аһынан, сэмсэ диэн ааттаан, эбии бэрсэн биэрбиттэрэ билиҥҥэ диэри Сэмсэ диэн аатынан ааттанар.
Иван Давыдович Терентьев (1926). I Чакыр. Билигин Соморсуҥҥа олорор, пенсионер. 1985 с. суруйбутум.
ЭЛЭЭН КЫТЫЛА
I Чакыр анныгар, Амма өрүс арҕаа кытыла Элээн Кытыла диэн. 50–60 га сир. Кыыс энньэтэ эбитэ үһү. Ол Элээн, бэрт мааны кыыс, Аммаҕа үөскээбит. Кини Бабаҕаҕа олохтоох Ефимовтар төрдүлэригэр