Анна Андросова

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар


Скачать книгу

диэн олох таабырына эбит. Биирдэ эмит бырааһынньыктарга, ыҥырыкка бардахтарына сонун уһултаран, ыйатан наар хонноҕун анныттан тута сылдьааччы. Онон дьоҥҥо кинилэр саҕа эйэлээх ыал суох курдук көстөллөр. Онтон хайдах дьиэтигэр кэлээт, бэйэтин тимир тириитин кэтэн, илиэһэй кыыһыгар кубулуйар.

      Ол эрээри Натааһам асчыта, иистэнньэҥэ, туттара-хаптара ырааһа, түргэнэ, ылбычча дьахтар тэҥнэспэт киһитэ. Хата, Натааһабар баран кэлэрим дуу. Чэ, ол эрээри. Түүн ыраатта, утуйбут киһи, сарсын нэрээт сабардаахпын».

      Түүҥҥү ытыс таһынар хараҥаҕа арай истиэнэ чаһытын тыаһа иһиллэр.

* * *

      Атырдьах ыйа саҕаланан, сайын үтүөтэ бүттэ, түүнүн халлаан хараҥарар буолла. Арай хааллан олорооччуларга кыһына-сайына биир. Син биир түөрт истиэнэни өрө мыҥаан сыталлар.

      Киэһээҥҥи хараҥаҕа бачымах элбэх сулустар дьиримнии оонньуур буолуохтарыттан Бүөккэ түннүктэн арахсыбат буолла. Тапталлаах сулустарын ааҕа көрүтэлиир. Ол ааспыт сайыннааҕы кэрэ кэмнэрин хас ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырыта саныыр. «Катя эмиэ мин курдук бу кэмҥэ, бу түгэҥҥэ сулустары көрөрө буолуо дуо?» дии санаатаҕына, сүрэҕэ айманар.

      Иллэҥ киһи наһаа элбэҕи саныыр, толкуйдуур буолар эбит. Бэйэтин кэмигэр Катялыын сыһыана боростуой, судургу баҕайы курдук этэ ээ. Онтон билигин наһаа сытыытык саныыр, киниэхэ курдаттыы тартарар.

      Олохтоох сирин буллаҕына, хайаан да суруйар санаалаах сылдьар. Арай эппиэттээбэтин? Дьиҥинэн, кинилэр икки ардыларыгар оннук истиҥ сыһыан суоҕа. Катя кини курдук санаабата биллэр, хата умунна ини, хас хаайыылааҕы баран.

      Биирдэ киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн ааннара лиһигирээн арылла түстэ. Испииһэктээх надзиратель киирэн: «Клыша Георгий Иванович, Шаманов Петр Семёнович с вещами на выход!» – диэтэ.

      Хаайыылаах төһө элбэх хомунардаах буолаахтыай? Утуйар таҥастарын суулуу тутан хомуммутунан бардылар. Хаалааччылар: «Значит на этап. Куда начальник?» – ыйыталаһан көрдүлэр. Эйиэхэ этэн да бэрт.

      Ханна илдьэллэрэ буолуой? Эмиэ Клыктыын түбэстэ дии. Дьиҥинэн, Бүөккэ Клыгы кытта эҥээрдэһэ сылдьыан баҕарбат. Ханна да сүгүн батан сылдьыбат, ол аайы кини холуоһатыгар олорсон иһиэххэ наада.

      Каптёркаҕа тиийэн утуйар таҥастарын, иһиттэрин-хомуостарын туттардылар. Көрүдүөргэ уонча киһи баралларын кэтэһэн тураллара. Эбии сэттэ киһини ыллылар. Уон алта киһини привраткаҕа таһаардылар. Бу сырыыга сахалар үһүө эбиттэр.

      Привратка, хаһан баҕарар буоларыныы, киһитэ үп-үллэҥнэс. Дьэ, саҥардыы оннуларын тойдорун булан, кэпсэтэн-ипсэтэн эрдэхтэринэ, Алдан куораттан уонча киһини өссө эбии быраҕан кэбистилэр. Дьон хардаҕас курдук симиллэн хаалла. Элбэх киһи суоһуттан, онно эбии табахтаан, туалеттаан, салгын тиийбэт үлүгэрэ буолла. Ыксаан, ааны дэлби лигийэн ас биэрэр чуолҕаны астардылар. Улаханнык туһалаабата. Ньылбы сыгынньахтаныы буолла. Ким өҥнөөҕө, ким сүөһүтэ быһаарыллыбат үлүгэрэ. Үөхсүү кытаанаҕа. Биир кырдьаҕас нуучча оҕонньоро өйүн сүтэрбитин, көрүдүөргэ соһон кэбистилэр. Иэдээн. Маннык буоллаҕына, сарсыардааҥҥа диэри