Анна Андросова

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар


Скачать книгу

түүҥҥү хараҥанан туһанан сулустарын көрдүү сатаата. Үс муннук сулуһун, дьэ, таба көрдө.

      – Пошёл! – суостаах хамаанда иһилиннэ.

      «Онтон сорох сулустарым» дии санаан истэҕинэ, кини саастыыта эдэркээн саллаат Бүөккэни сирэйинэн умса баран түһүөр диэри аптамаат уоһунан көхсүн хараҕар дьөлө аста. Ыарыытыттан кэдэс гынна, тыына хаайтарда.

      – Ну, чо разлёгся, азиат! Вставай, а ну пошёл, б…! – саппыкынан көбдөххө тэптэ. Ньирэй саҕа боруода ыт сыыһа хабан кэбистэ.

      «Сытымыахха, тура сатыахха». Бүөккэ олох ыксаата. Клык наручниктаах илиитинэн турарыгар көмөлөстө. Бүөккэ, ыарыытын кыатана сатыы-сатыы, Клыгынан көмөлөһүннэрэн тыраабынан тахса турда.

      Сөмөлүөт, хараҥаны тыыран, көтөн күпсүйэр. Бүөккэ, түрмэҕэ сытан, былыт буолан көҥүлгэ дохсуннук устуон баҕарара. Оттон билигин кый үөһэнэн көтөн иһэр да, үөрүү кыыма кыламнаабат. Аптамааттаах саллааттарынан арыалланан, наручник кэтэн дириҥ санааҕа ылларан олорор.

      Стюардесса бодунуоска лимонад, кэмпиэт аҕалбытын хаайыылаахтар сотон ыллылар. Өссө иккиһин кэлбитин эмиэ мэлиттилэр. Өссө аҕалыа эбит да, прапорщик бобон кэбистэ.

      Хаайыылаахтар көрдөһөн туалекка сырыттылар. Клык обургу туалеттан соттору, мыыланы сойботто. Ону Бүөккэ хайдах эрэ сүөлүргүү көрдө.

      Хаайыллан олорор киһиэхэ кыргыттар барахсаттар наһаа да тупсан, кэрэтийэн көстөллөр. «Кыыс – олох сибэккитэ» диэн сөпкө да эппиттэр. Бу тырымнаһа, күлэ-үөрэ олороллоро үчүгэйин. Салон иһигэр, бэл, сыттара кэлэргэ дылы.

      «Катя билигин утуйа сыттаҕа. Саатар, түүлүгэр көстөн ааһарым буолуо дуо? Түбэспиппин истибит буолуохтаах. Төһө эрэ кэлэйдэ. Күүтүө дуо? Мин кинини ахтарым курдук ахтара, саныыра буолуо дуо? Арай күүттүн. «Үйэ-саас тухары сүрэхпитин холбоон ыал буолуох» диэх этэ. Ол эрээри олоххо барыта төттөрү буолар эбит…»

      Кырдьаҕас хаайыылаахтар: «Дьэ, быраат манна аан өрүү аһаҕас, тахсар ыарахан», – дииллэр. Өссө эбэн: «Биирдэ түбэстиҥ – манна «пропискаланным» дии санаан кэбис», – дииллэр. Ама, хайаан оннук буолуой? Киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоҕу хаайыыга атаарыах кэриэтэ, олорботох ордук.

      Сөмөлүөт, көлөһөлөрө сиргэ охсуллан, өрө дьигиһийбэхтээн ылла. Ханна кэллилэр?

      Дьэ, бу буоллаҕа номоххо киирбит Иркутскай куорат «Александровскай централ» түрмэтэ. Бүөккэлээҕи быстах түһэн ааһар «транзит хатаҕа» уктулар.

      – Здорово, братва! – Клык дорооболоспутунан хаамыра аанын боруогун атыллаата. Кини наар инники сылдьааччы.

      – Уу, – Бүөккэ көрө сөхтө. Үс дьаарыстаах наара оронноох, кип-киэҥ хаамыра тобус-толору киһи.

      Олохтоохтор бары хайыһа түстүлэр. Саҥа кэлбиттэр аан таһыгар бөлүөхсэн турдулар. Арай Клык баран балаһыанньаны кытта билистэ. Ыйыталаһан, кэпсэтэн Амеля диэн өҥнөөхтөрүгэр Саха сирин этабын аатыттан уопсайга туттарга харчы биэрдэ. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн ханна миэстэ баарынан оннуларын буллулар. Үс саха уола эрэйдээхтэр аҕыс уонча атын омук дьонун быыһыгар симэлийэн хааллылар.