Арчылан

Ийэлэриэм, мин кэллим!..


Скачать книгу

оҥочонон хайдах айаннаабыттарын туһунан кэпсиирин Баһылай истэ олоруох эбит. Кини бу Элиэнэ курдук улуу эбэҕэ оннук эрдиилээх мас тыынан айаҥҥа туруоҕун өйө соччо-бачча хоппот… Баҕардар, ыччаттары кытта кучуһан уонна дойдутугар-дьонугар тардыстан, ол күүһүгэр уйдаран сананыах эбитэ дуу?..

      Баһылай аргыый аҕай көхсүн этиттэ. Онтон Миитэрэйин диэки көрдө.

      – Сэрии саҕаламмыт күнүн бүгүн курдук өйдүүбүн… Өрөбүл буолан, бэрт үчүгэйдик налыччы утуйан турбутум. Килиэп арыыланан, халыҥ соҕустук сыбанан, олус минньигэстик аһаабытым. Хайдах эрэ чуумпу баҕайыта. Бары ханна эрэ барбыттар этэ. Туран, маанымсыйан, маҥан ырбаахыланан-хайаан, устунан пааркаҕа тиийэр санаалаах, куорат устун дьаарбайа барбытым. Куорат эмиэ тоҕо эрэ иһийэн хаалбыт курдуга. Наркамаат дьиэтин таһыгар саҥа улахан кыһыл былакаат ыйаммыт этэ. Ааҕарын аахпытым эрээри, суолтатын соччо өйдөөбөтөҕүм. Кыһалҕата суох киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, Ардьаникиидсэ уулустатыгар баар, олордуу сибэккилээх, үс муннуктуҥу быһыылаах майдааҥҥа тиийбитим, дьон тоҕуоруһан, үөһэ баҕанаҕа ыйаммыт араадьыйа диэки хантайан иһиллээн ахан тураллара. «Сэрии турбут! Ньиэмэс басыыстара саба түспүттэр. Муолатап биллэрдэ», – диэбиттэрэ. Онно били былакааппар суруллубут тыллар суолталарын өйдөөн кэлбитим: «Симиэрт – басыыстам!» диэн этэ. Дьон бары санааҕа баттатан саҥарар-кэпсэтэр киһи диэн суоҕа… Бары даҕаны ханна баран испиттэрин умнан кэбиспит курдуктара…

      – Оннук, ол күн барытын тосту уларыппыта. Мин онно дойдубар Кэбээйигэ этим. Күлбүт-үөрбүт сирэйдээх, мичээрдээбит, чаҕылыйбыт харахтаах киһи диэн биирдэ суох буолан хаалбыта… Сэрии!..

      – Сэрии!.. – Баһылай үтүктээйи курдук хатылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла быһыылаах. – Куоракка сонно тута хаартачыканы туттууну киллэрбиттэрэ. Хаартачыката суох тугу даҕаны ылар кыаҕыҥ суох. Ордук ас-үөл кырыымчык буолбута. Истипиэндьийэбит бүтүннүү кэриэтэ оборуона буондатыгар барара. Ол эрээри ытанар, үҥсэргиир ыччат суоҕа. Мин курдук тыаттан кэлбит устудьуон куоракка айаҕын булунара кыаллыбат буолбута. Өскөтүн урукку өттүгэр дьоҥҥо мас хайытан, уу таһан харчылаһар эбит буоллахпытына, билигин биһигини көмөлөһүннэрээччи суоҕа. Туохтарынан төлөһүөхтэрэй? Бары аас-туор олоххо олорон?..

      – Мин онно, истээт даҕаны, Кэбээйигэ киирэн байаҥкамаакка тиийбитим. Ылбатахтара.

      – Биһиги эмиэ боруоҥҥа дьулуспуппут. Бэс ыйын сүүрбэ биэс күнүгэр хайыы үйэ байаҥкамаакка тиийбиппит, бэйэбит тылланан, добурабуолас буолан. Мин ол кэмҥэ уон аҕыспын туола иликпин, онон, чыпчылыйбакка даҕаны, «сүүрбэ икки сыллаах төрүөхпүн» диэбитим. Итэҕэйбэтэхтэрэ. Барыта дьыалабар сурулла сырыттаҕа дии. Эбиитин быраастар, ол иннинэ кумахылаабыппын билэннэр, букатын киэр кыйдаабыттара. Добурабуолустаан бүттэҕим ол… – Баһылай өрө тыынан ылла. – Онно «үрүҥ билиэт» туттарбыттарыгар букатын кимҥэ даҕаны, туохха даҕаны туһата суохтуу сананан муҥурданыыга киирбитим… Оттон