кэпсэтэллэр.
Ити бириэмэ балаҕан ыйын эргэтин, алтынньы ый саҥатын диэки буолуо дииллэрэ.
Дьэ, ити тоҕус хонуктара туолан, ити үүрбэни бүтүннүү үүрдэрэн, Быһый Чөөкүмдэ, тугу да аһаабакка-сиэбэккэ хаҥас ороҥҥо сытан, өлөн хаалар. Ону Хатырыктаах Санньылҕа көмтөрөр.
Дьэ, ити уоллара өлөр, икки сэттэ уоллаах кыыһы кытта, үс сэттэ сүөһүнү үүрдэрэн бүппүтэ төгүрүк сыла туолбутун кэннэ, Бүөкээни диэн алаастаах Күөттээни оҕонньор улахан уолун Хатырыктаах Санньылҕаны соруйар: «Бу Былыт уолугар өрө кыыран таҕыс. Тоҕус олоххо кыыран баран, тиийэриҥ буолуо. Мин атыыр оҕустаахпын. Ону киллэрэн, атыыр оҕуһунан хассыһыннаран, кыайдын».
Инньэ диэн эппитин курдук, уола, өрө кыыран тахсан, кырыа дьаҥха илбистэнэн, төттөрү эҥсиллэн түһэр. Тойон аҕатыгар этэр: «Абааһы уола оҕуһун эһиил от-мас хагдарыйыытын саҕана, киирэ сылдьыбыт кэмигэр, киллэриэх буолла», – диир.
Били кыырыы кэнниттэн биир сыла туолуор дылы, урут даҕаны, атыыр оҕус, чугастааҕы илин улуустарынан, атыыр оҕустары кэрийэ сылдьан харсар идэлэммит. Тулуктаһан биир да харсар оҕуһу булбатах. Барытын кыайар эбит. Ити оҕус саас кулун тутар эргэтин диэки, түөттээх сааһыттан ыла идэ оҥостон, Үрүҥ Күөл арҕаа өттүгэр Нам сиригэр түөт биэрэстэ холобурдаах тэйиччи олорор Мооһордор Олохторо диэн сиргэ тахсан, үс хонон киирэр идэлээх эбит. Хас сыл аайы.
Эһиилгитигэр кэпсэтиилээх кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, биир түүн, биир нэдиэлэ хонугун былаанын тохору, ол күрбэ иини 3 хаһан-хаһан баран, саар булгунньахха күрбэ иини хаһар. Абааһы уола тохтообут тиитин, муоһунан аалан, муоһун сытыыламмыт.
Дьэ, ол гынан баран, сэттэ хоммутун кэннэ, түүн үөһүн бадахтаах, оҕустар харсар айдааннара, тыастара-уустара, муос тыаһа бачыгырааһына, оҕус муннун тыаһа бууһурҕааһына, иэк-сиэк мөҥүрэһии, айаатаһыы иһиллэр.
Сарсыарда халлаан сырдаан эрдэҕинэ, тыҥ хатан, били оҕустар харсар тыастара тохтуур.
Хатырыктаах Санньылҕа билириккэ кэтэҕиттэн тардыстан олорор. Аҕата Күөттээни оҕонньор ыйытар: «Хайа, нохоо, оҕус хайаата?» – диэн. Санньылҕа: «Оҕус кыаттарда», – диир.
Дьэ, лаппа сырдаабытын кэннэ, күн тахсыбытын кэннэ, иккис уол Лыгый Бөҕө оҕуһу көрө барар. Саар булгунньах хаҥас тэллэҕэр, улахан тиит төрдүгэр оҕус өйөнөн баран турар үһү. Ону тахсан көрбүтэ, хаҥас буутугар биир сиринэн, хаҥас ойоҕоһун төрдүнэн биир сиринэн итиэннэ хаҥас моонньун хорук тымырын тобулу анньан, оҕус хаана баран, ыарыыланан, өлөөрү турарын аҕатыгар киирэн этэр.
Аҕата тойон: «Ити өйөнөн турбут тиитин төрдүгэр, улахан күрбэ ииннэ хаһан, ытыгылаан, көмөн кэбиһиҥ», – диир.
Күөттээни кырдьаҕас баппат: «Былыт уола уолбун сиэтэ, оҕуспун кыайда. Кыайбыт киһи ситэри кыайдын. Аны, атыырбын киллэрэн, атыырынан охсуһуннаран кыайдын», – диир.
Инньэ диэн Хатырыктаах Санньылҕа, кыырбытын курдук, өрө кыыран: «Төгүрүк сыл буолан баран, киирбит кэмигэр атыырын киллэриэх буолла», – диир.
Дьэ, инньэ диэн баран, төгүрүк сыллара туолар күһүнэ буолар.