ол-бу диэки көрө-көрө, кичэйэн бэлэмнэнэр. Ыксаабыт киһи тугун бытаанай, ыл, мин уматыым диэн кыйаханыах да курдук эбит эрээри, Аппырыыс ханна бараары тиэтэйдэҕэй? Күнэ-дьыла тустаахха, киниэхэ, уһаабыта оччо. Сото кэбиһэн табахтыы олорор оҕонньору ыраахтан көрөн, хойутаабыт ынах ыаччылар чаһыны сыыспакка сирдэтэллэр. Ыксаабычча, уутугар аҥаарыйбыт кыраларын мөҕөн-такайан өр гымматтар, туруора охсоллор:
– Күн ортотугар диэри утуйа сытар буоллаҕа. Көр, ити Аппырыыс кырдьаҕас былыр үйэҕэ маҕаһыыныгар тиийбит буолбат дуо? Тур-тур, ынахтары үүрэ тарт!
– Оо, дьэ, Аппырыыска биир ынахпытын биэриэххэ эрэ… Оччоҕо саатар онтун ыатаҕына, бодьуустаһан бытаардаҕына, лааппытыгар хойут кэлиэ этэ буоллаҕа дии, – диэн үнүр Баһылайаптар сиэн уоллара турумаары бууннаан, оннооҕор усулуобуйа туруорбут сурахтааҕа.
Сорох бэдиктэр Аппырыыс барахсаны итиннэ олорорун үлэлиир дии саныыллар эбит.
– Эһээ Аппырыыс тоҕо хоньокуулга дуу, эбэтэр уоппускаҕа эҥин барбатый? – диэн былырыын пиэрибэйгэ киирбит оҕо туоһуласпыта уһун күлүү буолбуттаах.
Оттон бүгүн күн ортото буолуохча да, ким да эбии биллибэтэ, килиэптэрэ да тардылынна. Уочараттаахтар саҥа мустан эрэллэриттэн сылыктаатахха, арааһа, 12 чаас чугаһЇаабыт бадахтаах.
– Хата, били биһиги Тарыысабыт бүгүн суох дуу? – Морууса чарапчыланан ырааҕы көрө сатаата, кэпсэтиэҕин бу оҕонньор тоҕо эрэ тылга тииспэтиттэн иһигэр кыһыйа санаата.
– Эс, суох, мааҕын эрдэ били сараҕар сиппиирин сүгэн пуордун диэки баран эрэрэ… – Аппырыыс, бөппүрүөскэтин күүскэ обороот, тыастаахтык эҕирийдэ.
Ити икки ардыгар үс бөдөҥ бэйэлээх уола хааннара маҕаһыын дьиэ хаҥас өттүттэн тахсан, ыллык суолу батыһан, оол көстөр дьиэлэр диэки сорунуулаахтык сулбу хааман аастылар.
– Хата, бу үчүгэй эбит. Тарыыса тэлгэһэтин тарбаатаҕына, бука, сөмөлүөтэ булгуччу кэлэрэ буолуо ээ, – Морууса күлэн кэҕийдэ эрээри, хараҕын кырыытынан били дьону, субу ааһан истэхтэринэ сиирэ-халты көрөн кэбиһэн, сирэйдэрин да дьүүллээн өйдөөбөккө хаалла.
Кини барахсан бэркэ мунаарда. Кимнээх сылдьар баҕайыларай, бу үлүгэр ардахха хаһан кэлэ охсубут буоллахтарай диэн иһигэр түргэн бэйэлээхтик ырыта, санаатын ыырын лаппа ырааҕынан анаара оҕуста. Дьүһүннэрин да көрбүтэ буоллар, атыҥырыах чинчилээх ээ, быһыыта. Тоҕо эрэ таҥастара-саптара биһиги эргин дьонтон атын бэйэлээх. Бу үлүгэр хомуур, быйаҥ саҕана хайдах буолбут эр киһи итинник мааны бинсээктэнэн баран бөһүөлэк устун хаамтаҕай? Ити аҕамсыйбыт киһилэрэ хамыһаардыы балачча улахан бартыбыаллаахха дылы. Өрө тарааммыт хойуу баттаҕа сөбүгэр да сиккиэргэ омуннаахтык өрүкүйэрин Морууса бэркэ атыҥыраата. Итинник көп түүлээх төбө бу эргин баарын… дьэ, чахчы мунаарда ээ. Оттон икки атына лаппа эдэр кэриҥнээхтэр эрээри, өссө ааһа баран эттэххэ, букатын оҕолор быһыылаах. Тутталлара-хапталлара оннук. Атыллыыллара атылыы эрээри, тоһоҕо курдук үрдүк бэйэлэригэр субу саҥардыы эт туппут буолан, тобуктара