Огдо

Санатыма дуу, ааспыты…


Скачать книгу

аудиторияҕа киирэн уйа-хайа суох ытаабыта дуорааннанан көрүдүөр нөҥүө уһугар иһиллибитэ быһыылааҕа да, кыыска ким да чугаһаабатаҕа. Бачча тухары атаҕастаммыт курдук санаммат буолара да, тыл баар эбит кыһыылаах да, ыарыылаах да. Кимнээх буолан көмүскэтиэй? Ханыыта суох эрэйдээҕи аҥаардастыы атаҕастаатахтара абатын… Кинини туора соторго хантан ылбыт бырааптарай? Кыл түгэнигэр, хаста да өсөһүөх, миэстэтин туран биэриэ суох курдук санаабыта эрээри, оо, ити харахтар… Бука бары кинини тымныытык, хаҕыстык, туохтарын эрэ былдьатан өһүрбүт курдук көрөр элбэх да элбэх сып-сытыы харахтар. Хайдах итинник дьулаан харахтары кытта биэс сыл эллэһэн, тэҥҥэ этэҥҥэ сылдьыахха диэтэххэ, ыарахан этэ. Ол иһин аккаастаммыта.

      Дьиҥэр, ити кыһыылаах-абаккалаах түбэлтэ ааспытын да кэнниттэн, холкутуйаат, хайдах эрэ кэмсинээччитэ суох. Хата, туох имнэммитэ буолла, арааһа, дьылҕата харыстаабыт дьүһүнэ буолаахтыа, иннигэр кинини күүтэр туох эрэ улахан алҕастан мүччү туттаран быыһаан ылбыта буолуо дии саныыр. Кыахтаах баҕайытык атын үөрэххэ барыам да диэбитэ баара? Киһи да күлүөх, Аанчык докумуонун туттарарыгар хас да сиргэ туттарсарга холонор албаһы билээхтээбэтэ даҕаны ээ. Букатын да мантан атын үөрэх туһунан санаабакка сылдьыбыт кыыс толкуйа туора-маары сүүрэр кыаҕа суоҕа.

      Онон, тиһэҕэр, туга да суох хаалбыт кыыс, ол күн саҥата суох малын хомунан, абитуриеннаан бүппүтэ. Уопсайтан тахсан, аа-дьуо хааман, хайа диэки барарын бэйэтэ да билбэккэ, оптуобус тохтобулугар тиийбитэ. Онно баар кыра киоска түннүгүн аттыгар, быһыыта, бэрт өрдөөҕүтэ сыстыбыт, ардах-хаар үлбүрүйэн, күн уота тобулу көрөн, дэлби саһаран хаалбыт биллэриигэ хараҕа хатаммыта. Дьэ, онто дьыалатын барытын бэрт судургутук быһаарбыта. Кыыс итиннэ этиллибит нүөмэрдээх оптуобуска олорон, олус судургутук оруобуна «Күнчээн» Оҕо дьиэтигэр тиийэн кэлбитэ.

      Хата, бу үлэҕэ түбэһэ түһэн абыранна даҕаны. Тулаайаҕын истэн, үгүс кэпсэтиитэ суох тута уопсайга олохтообуттара. Бастакы кэмҥэ бииргэ олорор кыыһа сүбэлээн-амалаан, үлэтин сатыар диэри үөрэтэн абыраабыта. Хаһан да кыһыл оҕону көрбөтөх кыыс маҥнай утаа соһуйбута сонун буолбатах. Баҕалаах барыга үөрэнэрин сиэринэн, дьахтар да буоларын быһыытынан, хаана оонньоотоҕо, оҕону көрөрүн-бүөбэйдиирин бэркэ сөбүлээбитэ. Куттанан чугуҥнаабакка, харса суох, этии-үөрэтии хоту, сүнньүн да сатаан кыаммат, үстүү эрэ киилэлээх кырачааннары бүөбэйдээбитинэн, имигэс бэйэлээхтик туппутунан-хаппытынан барбыта.

      Сааһыары ити дьоно төһө эмэ бороохтуйдулар, доҕор. Аны сууламматтар, ыстаан, ырбаахы сыыһын кэтэн баран, илиилэринэн таймаҥнаһан, батыһа көрөн, кураанах суоскаларын соппойоллорун быыһыгар өссө мичээрдээн ылаллар. Тура-олоро сатааччылар да бааллар, саамай сытыылара, икки илиилэринэн тардыһан тураат, уйаларын кэрийэ хааман муҥнаналлар.

      Ыалдьар оҕо атын эбит ээ. Сыппытын курдук сыттаҕа, атыттар хайдах да сайынныннар-эбинниннэр, ол эрэйдээхтэр, кыайан эргийбэттэр, төбөлөрүн көтөхпөттөр, оннооҕор, ыйааһыннара эбиллибэккэ дылы…

      Итинниктэри