Огдо

Санатыма дуу, ааспыты…


Скачать книгу

куруук түбүк үрдүгэр сылдьар уонна бэйэтэ кырачаан киһилэнээри күн-түүн долгуйа күүтэр ураты туругунан үлүһүйэн кыраны аахсыбат. Онуоха эбии Толятын таптыыра бэрт, кини туһугар тугу баҕарар тулуйуох этэ.

      Аанчык, быыс буллар эрэ, аттынааҕы сквергэ бэркэ сөбүлээн дьаарбайар. Онно саас буолуоҕуттан аҕалар, кэлээскэлээх кырачааннарын үтэн, өрөбүл күн элбииллэр. Атын күннэргэ ийэлэр бэйэлэрэ сылдьар буолаллар. Итини көрө-көрө, кыыс мичээрдиир, кинилэр Толялыын эмиэ оҕолорун кыһанан көрүөхтэрин санаан олус долгуйа астынар.

      Биир күн кыыс маҕаһыыннары кэрийэргэ былааннанна. Санаатыгар, саҥа кэлиэхтээх киһитигэр тугу ылыахха сөбүн эрдэттэн суоттанаары уонна иллэҥсийбиччэ атыыны-эргиэни көрөн сэргэхсийээри.

      Толя биллибэтэҕэ үһүс нэдиэлэтигэр барда. Бука, үөрэҕэр ыктардаҕа, сааскы сессия субу ыган чугаһаатаҕа. Онон, хата, өҥнөөх сап атыылаһан, быыска-арыкка кыра быысыпка анньарга сөбө дуу…

      Оргууй сыыйыллан, турар бэйэҕин бэйэтэ күөгэччи көтөҕөн үөһэ мэндиэмэҥҥэ илдьэр кирилиэстээх улахан маҕаһыыҥҥа, үлэ кэмэ буолан, киһитэ аҕыйах эбит. Аанчык, биэс мэндиэмэн тухары бииртэн-биир лааппылары кэрийэн, балай эмэ илистэ быһыытыйда. Бүтэһиккэ тиийбэккэ сананна, ол иһин бэттэх соҕус сып-сырдыгынан сандаарар биир дьоҕус павильону көрбүтэ, сыбаайба таҥаһа-саба, киэргэлэ ааҥҥа тиийэ анньыллыбыт. Итинник эгэлгэ киниэхэ өтөрүнэн наадата суоҕун быһыытынан, төттөрү эргийиэх буолан эрдэҕинэ, хайдах эрэ наһаа билэр куолаһа хантан эрэ:

      – Заночка, маны көрүүй, бу фата эйиэхэ ордук барсыа дии. Мантын ылаҥҥын сирэйгэр саба түһэринэҕин, оттон бу кэннэ ууп-уһун… ыраахха диэри соһуллар. Оруобуна эн биһикки олохпут курдук эмиэ уһун да уһун буолуохтаах, оннук буолбат дуо, чыычаах? – диэтэ.

      Аанчык эргиллэн көрбүтэ – ким да суох. «Һуу» гыныан саарыы турдаҕына, өстүөкүлэ аан анараа өттүгэр иһирдьэ олус билэр көхсө көһүннэ. Ону кытта кини иннигэр, уп-уһун фатаны субуруппутунан, үрдүк бэйэлээх кэрэ куо хааман наскылдьыйар уонна нарын да нарын куолаһынан чуораан курдук лыҥкыныыр:

      – Толи-ик, ама дуу… наһаа старомоднай буолбатах дуо? Мещанскай соҕус диэбэккин дуо? А не лучше ли, если тут прикрепить коротенькую фату, а? Что скажешь, будущий мой архитектор? Короче, эн дизайнер хараҕыҥ суох эбит диэн өссө биирдэ этэбин… Мне тут не нравится, пошли в другой салон, – кыыс оҕото били субуруппутун соҕотохто эһэ быраҕан, туохтан эрэ өһүргэммиттии туттан-хаптан, тоһоҕо курдук сип-синньигэс хобулуктарынан тоһугураан, муннун анныгар өс саҕа саҥалаах субу тахсан кэллэ. Кэнниттэн кини сөбүлээбитэ сөбө суох аатырбыт Толя, тоҕо эрэ үүтүн тохпут оҕолуу туттан, батыһан иһэр… Аанчык, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, түҥнэри хайыста, битириинэни одууласпыта буолан дьон быыһыгар кирийэ сатаата… Хараҕыттан сарк гыммыт сылаас таммахтар тохтоло суох иэдэһинэн сүүрдүлэр. Билигин да туох буолбутун төбөтүгэр ситэ тиэрдибэтэ эрээри, сүрэҕэ хайыы-үйэ сэрэйэн, туох эрэ олус суолталаах бүтэрэ бүппүтүн биллэрэн ыарыылаахтык ыгыта туппахтаата. Мэйиитэ маннык түгэни ылыныан баҕарбат быһыылаах,