буолбакка?!
– Эбээ… оннук буолбатах. Мин тулаайахпын, кыраттан да ытыырым кэмнээх буолуо дуо… – титирэстэс куолас, төһө да кистээбит, онон-манан аралдьыппыт иһин, син биир төлө көтөн тахсан, бүгүн күнү быһа илистибит кыыһы эбии ытатта.
Марыына эмээхсин кыыһы дэллэритэн илдьэн кэбиниэт дэнэр быыкаа холлороон курдук хоһугар киллэрдэ. Итии мүөттээх чэйи буруолаппытынан сибэкки ойуулаах чааскыга толору кутан кэри-куру кыыс иннигэр ууран биэрдэ. Остуолун тардарыттан ыһык гынар суухаратын кытта хас да кэмпиэти таһааран кыракый бүлүүһэҕэ үөрүйэх баҕайытык тэлгэтэ оҕуста. Бэйэтэ хаһан да арахсыбат, таба ойуулаах дьоҕус чөҥкөйүн хойуу үүттээх чэйинэн толороот, сонно иҥнэрэн, муус маҥан бүлүүһэҕэ ыы-быччары кута охсон, сойута уурунна.
Итиэннэ, ийэ эрэ сатыыр албаһынан буолуо, муунтуйбут кыыһы дэлби ааттаан, ыраахтан таайтаран, устунан уоскутан олус иһирэхтик, истиҥник кэпсэттэ. Сааһыгар кими да кытта маннык наллаан, ирэ-хоро сэлэспэтэх Аанчык бастаан кистэнэн кумуччу туттубута сыыйа ааста быһыылааҕа. Кинини бэркэ өйдүүр, курдары көрөр кэриэтэ санаатын сыыһын наһаа чопчу быһааран кэбиһэр, олоҕу олорбут, арааһы билбит эбээ барахсаҥҥа кыыс оҕо туҥуй сүрэҕин дьол икки, таҥнарыы икки сытыытык кэйиэлиир кистэлэҥин сыыһын барытын тоҕо сүөкээтэ…
– Мин Толяны буруйдуох санаам кэлбэт… Кини олус үчүгэй, киһи да быһыытынан миэхэ саамай күндүм, мин кинини син биир таптыыбын… таптыам даҕаны, – Аанчык эрэйдээх букатын оҕолуу, туох да ситимэ суох булкуур быһаарыыта итинник.
Оҕо барахсан, хата, итиччэ этиннэҕэ диэн эмээхсин күлүгэр имнэннэ. Таҥнардылар диэн таҥнастар суолга киирэр толкуйа суоҕуттан кини үөрдэ даҕаны, төрөппүт кыыһын, сиэнин кэриэтэ олус аһынна даҕаны.
Таптаабыта буруй буолбатаҕын, оҕо кэлэрэ дьылҕа бэлэҕэ дэнэрин эмээхсин боростуойдук, ылыннарыылаахтык өйдөттө. Ытыыр-соҥуур, куһаҕаны саныыр, ыраланар сыыһатын, ол барыта киһи буолан кэлиэхтээх оҕо түһүн эрдэттэн сатарытыа, айгыратыа диэн, куттаабакка, кырдьыгынан ууран биэрдэ. «Кыыс оҕолонуохтааҕын билэн, уол, баҕар, кинини харыстаан, атын кыыһы кэргэн ыларын аһаҕастык эппэтэх буолуон эмиэ сөп» диэн өйдөөх баабыска балаһыанньаны бары өттүттэн быһаарыста, үөһэ-аллара ыараҥнатта. Кими да сэмэлээбэккэ, буруйдааҕы ирдээбэккэ, буолбут балаһыанньа хайа диэки үтүөнэн салаллыахтааҕын туһунан бэйэтин санаатын эттэ.
Инньэ гынан эмээхсиннээх кыыс иккиэн эрэ билэр тыын кистэлэҥнэрин кимниин да үллэстиэхпит суоҕа диэн сүбэлэстилэр. Тиһэҕэр Марыына:
– Анютка, эн, кырдьык да, сөпкө гынаҕын, тоойуом. Оҕоҥ аҕата тоҕо куһаҕан санаалаах, төттөрү кэмэлдьилээх, ыраас кыыһы албыннаабыт дэниэхтээҕий? Биллэн турар, төрүөхтээх оҕону эрдэттэн хомотор сыыһа. Кини аҕата эн таптыыр киһиҥ, күн сиригэр саамай соҕотох күндү диэн эн таллаҕыҥ эбээт! Онон оҕоҕун да оннук иитиэхтээххин. Чэ, кытаат, тоойуом, сарсыарда буолара субу кэллэ. Бар, утуйа тарт! Үүнэр күн саргылаах санааны салайдын, – диэн быһа кутугунатан, сып-сылаастык сыллаан-уураан, санааҕа баттаппыта саҥардыы