Коллектив авторов

Таптыыбын… Шёпот сердца…


Скачать книгу

уруута суох этэ. Баай баайга тардыһар дииллэринии, Уйбаныаптар аймах кийииттэрэ, күтүөттэрэ бары кэриэтэ түс-бас дьон оҕолорун кытта уруурҕаһаллара. Арай бу баай-талым олохтоох дьоҥҥо хара тураах кэриэтэ буолан, Наадьа барахсан кийииттии кэлээхтээбитэ. Детдомҥа улааппыт кыыс баай, уурунуу харчы диэнэ хантан кэлиэй? Онуоха эбии уҥуоҕунан кырата, дьүһүнүнэн харата ханан да халыҥ аймах Уйбаныаптарга, Күөх Кэтириинэ сыдьааннарыгар, кылбаа маҥан сиэннэригэр, соруйан айылҕа анаан төрөппүтүн курдук, тэҥэ суох курдуга.

      Ол эрээри Руслан ыйаастыгас соҕус хап-харанан чоҕулуччу көрбүт сэмэй, нарын бэйэлээх Наадьа кыыһы көрүөҕүттэн, хара маҥнайгыттан таптаабыта. Кыыс бэйэтин сэнэнэ үөрэммититтэн, килбигиттэн эбитэ дуу, аан бастаан уолтан куота, тэйэ сылдьыбыта. Кэлин уһугар баар баара бүкпэт буоллаҕа, икки таптаһар сүрэх тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар сааскы ньургуһуннуу, ыраас санаанан, истиҥ иэйиинэн ыал буоларга санаммыттара. Төһө да аймахтара утардаллар, биэс сыл устата дьоллоохтук олорбуттара. Руслан киһи кэрэмэһэ этэ: хаһаайын бэрдэ, майгылаах бастыҥа, оҕомсоҕо, үлэһит үтүөтэ, өй-мэйии мааныта уонна, туох кистэлэ кэлиэй, дьүһүнүнэн ыраас бэйэлээх, сиртэн-буортан тэйбит, Орто дойду олоҕор тэҥэ суох аанньал курдуга. Кинини киһи тута көрөөт, дьону ытыктыыр, сыаналыыр кистэлэҥ ураты көстүүлээх диэн билэр дьоно бэлиэтээччилэр. Аҕыйах сыл иһигэр Мырыла биир бастыҥ ыалларын ахсааныгар киирэ охсубуттара. Бастакы улахан дьиэ, матасыыкыл кинилэргэ эрэ баара. Кэлин Руслан өссө массыына ылар баҕа санаалааҕа. Олохтоохтор кинини ытыктаан Уйбаанабыс диэн ыҥыраллара. Өлөр сылыгар оскуола дириэктэринэн анаммыта…

      Буолар буолтун кэннэ хайаахтыай, өлбүтү кытта өлөн барсыбыт суох. Оҕолорун туһугар утуйар уутун умнан туран, Наадьа эрэйдээх ферма хара үлэтигэр умса-төннө түспүтэ. Хаста даҕаны бастыҥ ыанньыксыт аатыран, хомсомуол бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта, үрүҥ илгэ үс сыллаах кубогын хаһаайката буолан, биирдэ улуу Москуба куоракка күүлэйдээн кэлэр үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Онно Наадьа барахсан биир сүөм үрдээн, үлэттэн дьоллонор үөрүү үлүскэнин билбитэ үчүгэй да этэ.

      Ама да ааспытын иһин, чугас киһитэ суох тыйыс кэмнэр ааспыттара. Дьон үтүө сыһыана суох, арааһа, Наадьа бу ыарахаттары барытын тулуйуо суоҕа эбитэ буолуо.

      Оо, ийэм эрэйдээх… Маришка үөһэ тыынан ылла. Кини эрэ курдук дьылҕаламматах киһи…

      Эмискэ кини ыраатан эрэр курус санааларын Аанчык уһуктубут атаах куолаһа үрэйдэ:

      – Маришка-а, кофе иһэби-ит? Миэхэ, баһаалыста, оҥоруоҥ дуо? Төрөөбүккэр үөрбүтүм даҕаны.

      – Һы-һы, үөннээх, албын да кыыскын. Тур, чэ. Чэйбитин өрүнүөххэ, – Маришка чаанньыгын оргутаары остуол диэки хаамта.

      Кыргыттар күө-дьаа кэпсэтэн, хайыы үйэ эбиэт буолбутун билбэккэ хааллылар. Иккиэн көмөлөөн хортуоппуй хахтаатылар. Маришка эт кырбаан, хортуоппуйугар эбии соркуой буһаран тиритэ-хорута сырытта. Саас буолан хосторо итиитэ сүрдээх, бэл омуннаатахха, киһи тыына хаайтарар. Эмискэ ааны тоҥсуйдулар, дьуһуурунай