буолабын диэн. Эйигиттэн аккаастанан, эмиэ атах балай барарбын саныы сыттахпына, Бүөтүр киирэн кэлбитэ. Ийэтэ мин туспунан барытын кэпсээбит быhыылааҕа. Илиибин ылан ыга туппута уонна биир-биэс тыла суох биhиэхэ тахсаҕын диэбитэ, барытын тэрийэн, кыра малбын-салбын тиэйэн таhаарбыта. Бастаан дьиэс-куос туттар этим, онтон сыыйа үөрэнэн, дьиэлэhэн, ыаллаhан барбытым…
Биир түүн туран Бүөтүр хоhугар бэйэм киирбитим. Эдэргин, толкуйдан диэбитин сөбүлэспэтэҕим. Эн аҕаламмытыҥ, мин кэргэннэммитим… бүгүҥҥээҥҥэ диэри…
– Уой, маама, эн бачча өр хайдах кэпсээбэккэ сылдьыбыккыный? Уонна аҕам хайдах миэнэ буолуо суоҕай? Кини миэнэ! Ол уол былдьаhаары гынар дуо? Суох, биhиги паапабытын биэрбэппит. Барыах, ийээ, аахсыахха!
– Вера, уоскуй! Бачча тухары үтүөнү эрэ оҥорбут дьоҥҥо туох диэн мэhэйдиэхпитий? Туораан эрэ биэрэр буоллахпыт дии…
– Кэтириис, Кээтии, ханна бааргыны-ый? Кэл! Кэлэ оҕус! – чугас Бүөтүр хаhыыта дуораhыйда.
Кэтириис кыыhын кытта киниэхэ утары сүүрдүлэр. Бүөтүр, аҕылыырын кыатана-кыатана, кэлэн иккиэннэрин кууhан ылла, эргилиннэрэ тардаат, дьиэлэрин диэки дэллэриттэ уонна кирилиэскэ күүтэн турар Дьулуска:
– Көр, Дьулус, бу ийэбит Кэтириис, оттон бу балтыҥ Вера, саамай атаахпыт диэн буолар. Билсиҥ, – диэтэ. Дьахталлар, ытаhа түһээт, куустуhа түстүлэр.
– Оо, бу да дьон, ардах суоҕар ардаҕы аҕалан! – дии-дии биир-биир харахтарын уутун сотон, Бүөтүр иккиэннэрин сыллаан-уураан, дьиэлэригэр киирдилэр.
Били утуйа сытар диэбит эбэлэрэ, хата, кириэhилэҕэ бу чөмчөйөн олорор:
– Хайа, түүнү быhа сырсыакалаhаҥҥыт турбутунан уол оҕолоннугут дуу? – диэн күллэртээтэ.
– Аҕыйах ыйынан баҕар үһүстэниэхпит даҕаны, – диэн саайда ийэлэрэ.
– Кырдьык даҕаны? – Бүөтүр кэлэн Кэтирииґин кууhан, сымнаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылла.
– Бэрт дии бэлэм ньээҥкэ баар, – Дьулус аны кыттыста.
– Үчүгэйэ бэрт дии, мин эрэ ньээҥкэлээбэппин, бары уочараттыахпыт буо, – Вера бэрээдэги олохтоото.
– Тыый, бу дьон биир түүн иhигэр хас уолланаары гынныгыт? Утуйуҥ! Киhини утутуҥ! – эбэлэрэ, сыттыгын кыбынан, хоhугар дьөгдьөрүйдэ.
– Дьулуска бүгүн бакаа мансаардаҕа оронно оҥоруохха, сарсын быыс быhан, туспа хос оҥоруохпут, – Кэтириис быhаарда.
– Мансаардаҕа кумаар сүгүннүө суоҕа. Убайдаммыт үөрүүбэр бэйэм ороммун туран биэрэрим дуу, биир эрэ күҥҥэ. Эбээ, бүгүн миигин дьукаах киллэр эрэ-э! – Вера атаахтаабыт куолаhа эбэтигэр тиийдэ.
– Сыччыый, киир-киир, бииргэ утуйбатах да ыраатта, хобугунаhа түhүөхпүт.
– Сэкириэттэhэ диэ, – Вера, малын-салын хомунан, эбэтин хоhугар дьылыс гынна.
– Чэ, чыычаах, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, киирэн утуй, – диэн Кэтириистээх аны Дьулус миэстэтин буллардылар уонна иккиэн, саҥардыы көрсүбүт дьон курдук, ыгыта куустуhан, уохтаахтык уураhан ыллылар уонна бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник мичээрдэспитинэн хосторун аанын саптан, иһирдьэ дьылыс гынан