буолла? Кэргэнэ, хата, өйдөөх дьахтар быhыылаах, хаhыытаан-ыhыытаан, үүрэн-үтүрүйэн көрсүбэтэ. Киhилии бэрэбээскилээтэ, чэйдэттэ эҥин… Хата, кыыстара сытыы киhи быһыылаах, саҥаран-иҥэрэн, кэлэн-баран… Итинник балтылаах киhи барытыгар бииргэ сылдьыллыа этэ, көмөлөсүһэн, ардыгар мөккүһэн… Олох чуҥкуйуохтара суоҕа эбитэ буолуо…»
Бүөтүр биэрбит кумааҕыларын барытын бобуччу тутан олорбохтоото, онтон хараҕа хаартыскаҕа иҥиннэ, сүрэҕэ мөҕүл гынна, эмискэччи тиҥиргэччи тэбиэлээн барда: «Маайыс барахсан! Суhуоҕа субуллан, үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн… Таптыыр да этэ… Кини лыҥкыначчы күлэрин истээри үс биэрэстэ тэйиччи сиргэ, күн аайы оттуур ходуһатыгар, тэппит атаҕын көннөрбөккө эрэ тэбэн кэлэрэ. Тапталлааҕын кытта дуоhуйа күүлэйдээн, күн тахсарын бииргэ көрсөн баран төннөөччү. Дьоллоох да кэмнэр этилэр… Бу орто дойдуга кинилэртэн ордук дьоллоох, таптыыр, таптаhар дьон суоҕа… Биир түүн этиҥнээх ардахха баттатан, кэбиhиилээх от анныгар хонон турардаахтара. Ньылбы сытыйбыт таҥастарын киэр илгэн, иккиэн кыбыстыбыттыы, бастаан көхсүлэринэн сыстан сыппыттара, онтон саҥата суох эргиллэн, уос уостара бэйэ-бэйэлэригэр сыстыбытын билбэккэ да хаалбыттара… Сарсыарда иккиэн дьоллоох баҕайы дьон куустуhан, өр уураhан арахсыбыттара.
Субуота күн Бүөккэ биригэдьиириттэн көҥүллэтэн, ытыар диэри ыга киэргэнэн, ийэтин батыhыннаран, Маайыс дьонугар Уордаахаптарга кэргэн кэпсэтэ тиийбитэ. Ийэтэ барахсан, тугу эрэ этиэн баҕарарын биллэрэрдии, сотору-сотору өрө тыынарын да аахайбатаҕа. Долгуйара оччо дии санаабыта.
Дьиэҕэ киирбиттэрэ – дьиэлээхтэр бары чэйдии олороллоро. Ким да кинилэр диэки хайыhан көрбөтөҕө. Арай Маайыс ытаабыт-соҥообут сирэйдээх нэhиилэ Бүөтүр диэки кылап гына көрөн ылбыта. Бүөтүр туох наадалааҕын этээри, иһиттэн саҥатын ыган таhааран эрдэҕинэ, дьэбин уоhуйбут сирэйдээх Маайыс аҕата күргүйдээн тоҕо барбыта:
– Хонууттан булуллубут, ыт сиэмэтэ! Мин соҕотох кыыспын холооннооҕум диэн тэҥнэhээри кэлэн турбут буола-буола! Киэр буол! Икки харахпар көстүмэ!
– Туохтаахпын диэн миигин кытта уруурҕаhаары чарапачыстыҥ, хотон холоҥсото! – диэн, аны бэйэтэ сэрэнэн илибириии турар, кини ийэтин барахсаны кэлэн түҥнэритэ анньыалаабыта. Бүөтүр хараҕа хараҥарарга дылы буолбута, тыына кылгыы түспүтэ… Хайдах ити түгэҥҥэ бэйэтиттэн үс төгүл улахан киhини түҥнэри саайбытын өйдөөбөт…
Хаhыы-ыhыы, аймалҕан быыhынан Бүөтүр ийэтиниин таhырдьа анньыллыбыттара. Маайыс кинилэр кэннилэриттэн батыhан сүүрэн эрдэҕинэ, чугас турар убайа суhуоҕуттан сулбу сөрөөн, дьиэҕэ соhон киллэрбитэ.
– Көрдөөбүккүтүн ыллыгыт дуо? Аны кэлэ сорунаарыҥ эрэ! Уолаттар тыыҥҥытын иhиллиэхтэрэ, – диэн сыыбырҕаабыта ийэлэрэ буолуохсут.
Киhиттэн киhи атаҕастанара диэн баар эбит олус кыhыылаах-абалаах суол! Бүөтүр хаста да өрүскэ киирэн дагдайбат гына умсан хаалыан баҕарталаабыта да, ийэтэ эрэйдээҕи санаан, тохтообута. Ийэтэ барахсан тугу да саҥараахтаабатаҕа, уолун тула хачыгырайарын уураппатаҕа. Отой да охтон хаалыах киhи, оҕом туhа диэн санаатын күүhүнэн уйутта сылдьыбыта.
Ити