курдук, Дьулус уол күрүө үрдүнэн көтөн, коза аттыгар биирдэ баар буола түстэ. Тугу гыныан билбэккэ, козаны икки аҥыы муоhуттан харбаан аан диэки соһооччу буолла. Коза соhуйан, бээҕиниии түhээт, хара күүһүнэн уолу муоhунан силэйэн олордьу анньан кэбистэ. Тилэх баттаhа сүүрэн кэлбит Кэтириистээх Бүөтүр ый-хай бөҕөтүн түһэрэн, оҕуруоттан козаларын үүрэн таhаардылар.
Дьукку астарбыт илиитин имэринэ-имэринэ, Дьулус туран кэллэ, эргим-ургум көрдө.
Хаhан Бүөтүр бүтэйи бүөлүөр диэри Кэтириис уол аттыгар кэллэ:
– Уу, сатана сүөһүтэ сорбутун сордоон да эрэр. Хата улаханнык тыыппатах быhыылаах. Хайыа, эн илиигин быhа түстүҥ дуо? Ыл, көрдөр эрэ. Маннык гыннаххына ыалдьар да? Суох да? Тостуу суох быhыылаах. Чэ, хата, халымыр соҕус эбит. Барыах, сууйан баран дьуоттаан кэбиhиэхпит.
Ийэтэ билбэт уолун батыhыннаран киирбититтэн Вера соhуйан тэрбэччи көрдө.
– Вера, аптечканы булан аҕал уонна чэйдэ тарт.
– Һа, билигин эрэ аhаан бүттүбүт буолбат дуо? – дьүөгэлэригэр ойоору турар Вера аҥаар түүппүлэтин кэтэн булумахтанарын быыhыгар соґуйан саІа аллайда.
– Тиэтэй! – ийэтэ, утарылаhар туhата суоҕун биллэрэн, куолаhын сонотто.
Вера били күөх оту тосту үктээбэт, мэлдьи күлэн мыччыста сылдьар ийэтин саҥата кытааппытыттан туох эрэ бөрүкүтэ суох дьыала тахсыбытын өйдөөтө, түүппүлэлэрин турута тэбиэлээт, аптечка көрдүү ыстанна. Ити бириэмэҕэ аҕалара киирэн, остуол биир уhугар саҥата суох олорунан кэбистэ. Кэтириис Вера аҕалбыт аптечкатын хаhан, водород суурадаhынынан уол илиитин бааhын сууйда, дьуоттаан кэбистэ:
– Чэ, сыбаайбаланыаххар диэри оhуо… – диэтэ уонна, илиитин суунаат, иhит бэлэмнии сылдьар кыыhыгар көмөлөспүтүнэн барда.
Дьулус турбут сиригэр хамсаабакка балайда турда, хайдах эрэ табыгаhа суох балаһыанньаҕа түбэспит курдук сананна. Олорунан кэбиhиэн – кини манна хаhаайын буолбатах, тахсан баран хаалыан – сыал-сорук гынан кэлбит дьыалатын хайаан даҕаны тиhэҕэр тиэртэҕинэ табыллар курдук.
Уол сирэйэ куhаҕан буолбутун көрөн, Вера ааhан иhэн уол үрүсээгин хап гынан ылла, аҕатын утары олоппоско «олор» диэн имнэннэ, үрүсээги илдьэн таҥас ыйыырга ыйаан кэбистэ. Дьулус илиилэрин, ханна гыныаҕын билбэккэ, нэлэІнэттэ уонна ыйбыт олоппосторугар олороругар тиийдэ.
Кэмниэ кэнэҕэс бары оннуларын булан олордулар, ол тухары саҥа-иҥэ суох. Ким да саҥарбатыттан бэркиhээн эбитэ дуу, дьаhайар санаатын батарбакка дуу Кэтириис бастакынан тыл ыhыгынна:
– Хайа, айан киhитэ, сылайбытыҥ буолуо?! Итиитэ киллэрин уонна оттон… туох сыаллаах-соруктаах кэлбиккин тоҕо тэбээн кэбис!
Уол иэдэстэриттэн саҕалаан сыыйа кулгаахтарыгар тиийэ кытар гынна, сыпсырыйбыт чэйин тыастаахтык ыйыстан кылк гыннарда, чааскытын төттөрү ууран, илиитин холбуу тутунна уонна тарбахтарын имитэ-имитэ, быhыта-орута кэпсээбитинэн барда:
– Мин Дьулус Васильев диэммин. Мединститукка иккис кууруска үөрэнэбин. Ол иннинэ медколледжы бүтэрбитим. Ийэбинэн Бүлүүбүн. Кини бу саас суох буолаахтаабыта, тиһэх көрсүһүүбүтүгэр хайаан да аҕаҕын булаар диэн тылбын ылбыта уонна