Лиидэ курдук моһуоннаах кыргыттары сөбүлүүр. Оттон Хонооһой Шурата өссө да оҕо сааһыттан тахса иликкэ дылыта, уопсай дьиэ көрүдүөрүнэн дьиэрэҥкэйдии-дьиэрэҥкэйдии хааман иһэрин көрдөххө, хаһан эрэ бу кыыс түспэтийэн, ыал, хотун-хаан ийэ буолан дьоһуннук тутта сылдьыа диэн итэҕэйэр уустуга.
Бэргэн быһаччы аккаастан хомойон, бэл төбөтө ыалдьарга дылы гынан, соҕотохто дууҥ-дааҥ курдук буолла, ол кэнниттэн суунар сиргэ кыраантан чаанньыгар уу сүүрдэн, хоһугар чэй сылыттан, аһаары оҥостон эрдэҕинэ сэмэйдик тоҥсуйбуттарыгар: «Баҕар, Лиидэ санаата уларыйа охсубута буолаарай?» – дии санаат, ааны ыксалынан тэлэйэ тардыбытыгар, бэрт эрчимнээхтик аһылла түспүтүттэн соһуйан, кылгас халааттаах, түөһүгэр чачархайдыҥы суон суһуоҕа намылыйбыт билбэт кыыһа чинэрис гынна, арылыччы көрбүт харахтардардыын Бэргэн харахтара харса түстүлэр. Кыыс мичээрдээтэ уонна кыбыстан суһуоҕун убахтаан, маҥан тарбахтара эймэҥнэстилэр:
– Здравствуйте.
Бэргэн өмүттүбүтэ ааспакка, соһуччу ыалдьыт маҥан сирэйин, мөкүнүк харыларын уонна тобугар да тиийбэт халаата саппатах көнө дьороҕор маҥан сотолорун одуулаһа турарын дьэ өйдөөн, омуннаахтык «бар» гыннарда:
– Баһаалыста, аас! – хос иһин диэки даллах гынан баран, сценаҕа тахсыбыт артыыстыы эбиитин сүгүрүс гынна.
Кыыс хоско киирбитигэр тута олоппос аҕалан олордо оҕуста уонна:
– Эн кимиэхэ кэллиҥ? – диэтэ.
– Эһиэхэ. Сэргэ хоско олорор Динаны билэҕин дуо? Кини – мин дьүөгэм, өрөбүлбэр ыалдьыттыы кэлбитим да, Динам суох, кыргыттара бааллар, дьүөгэбин күүтэ таарыйа тугу эрэ ааҕыах эбиппин, кинигэтэ уларыс эрэ.
– Уларсан бөҕө буоллаҕа дии! – Бэргэн кинигэ долбуурун аттыгар биирдэ баар буолла, – талбыт кинигэҕин ыл, тугу ааҕаҕын? Саха суруйааччыларын, нуучча классикатын?
– Ээ, мин нууччалыы историческай романнары ордоробун, оннук баар дуо?
– Ол да ханна барыай, – Бэргэн халыҥ соҕус кинигэни чопчу ороото. – Ян «Чингиз хаана» баар, маны аах.
– Ээй. Хаһан эрэ аахпытым, – кыыс кинигэни ылан саараабыттыы биэтэҥнэтэн баран, хонноҕун анныгар кыбынан кэбистэ, – чэ, буоллун, иккиһин да аахтахха киһи салгыбата буолуо.
– Оттон таптал туһунан ааҕыаххын баҕарбаккын дуо? – Бэргэн иккис кинигэни таһаарда, – бу Сергей Крутилин суруйбут «Косой дождь» сэһэнин наһаа сөбүлээн аахпытым.
– Крутилин? – кыыс мичээрдээбитигэр, маҥан сирэйэ өссө туналыйа сырдаан ыларга дылы гынна, – оннук суруйааччы баар эбит дуу? Хаһан да аахпатаҕым.
– Дьэ аах, элбэҕи толкуйдатар, үөрэтэр кэрэхсэбиллээх кинигэ. Эн хайа дойдугунуй?
– Уус Алдаммын.
– Ханна үөрэнэҕин?
– Медучилищеҕа.
– Оттон ааккын билиэххэ сөп дуо, кэлин кинигэбин кимтэн ирдэһэбин?
– Ксенья. Оттон эн ким диэҥҥиний?
– Мин дьикти ааттаах киһибин, Бэргэн диэммин.
– Тыый, кырдьык, сэдэх аат эбит, уу сахалыы.
– Дьэ, Ксенья, тыаҕа нууччалыы аакка үөрэнэн оннооҕор оҕонньоттор