кууруһунан үөрэх бүппүтүн бэлиэтиибит, – диэтэ Эллэй, ийэтэ Рафигы иһигэр киллэрбэтин билэр буолан, кинилиин сылдьабыт диэҕин кэрэйдэ. – Эн долгуйума, куттаныма, хойутаан да тиийиэҕим.
– Квартираҕа бырааһынньыктыыгыт дуо?
– Ээ.
– Түүн сатыы кэлэ сатаама, күлүгээттэргэ түбэһиэҥ, таксита ылаар.
– Ийээ, барыта үчүгэй буолуо, манна бииргэ үөрэнэр оҕолорум элбэхпит ээ.
– Чэ, кытаат, сыллыай, олох хойутаатаххына хоно хаалаар, түүн соҕотоҕун эрэ сылдьыма.
– Сөп-сөп, ийээ.
Төлөпүөнүн куругар иилинэ сылдьар хаатыгар угарыгар түүн төһө баҕарар хойукка диэри бырааһынньыктыырга көҥүл ыллым уонна кыргыттары кытта бииргэ сырыттахпытына буолбакка, туспа сылдьар кэммэр ийэм эрийдэ ээ диэн астына сатаата. Ити кэпсэтиини истибиттэрэ буоллар, ийэтин көрүүтүттэн-харайыытыттан тахса илик «маама оҕото» диэн саныахтар этэ.
Атыыласпыттарын кумааҕы дьааһыкка хаалаан, маҕаһыынтан таҕыстылар. Инники аһаҕас түннүгүнэн Катя мичээрдиир, оттон кэнникинэн Алена «туох-туох дьоҥҥо түбэстим?» диирдии, сүр боччумнаахтык одууласпыт. Дьааһыктарын массыына багажнигар уктулар уонна киирэн олороллорун кытта Рафик саҥата дьабаарыйда:
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.