да саҥата-иҥэтэ суох, аһыйбакка-харыһыйбакка биэрбит Динаттан сөҕө да, махтана да санаабыттара да, тастарыгар биллэрбэтэхтэрэ.
Дьэ ити курдук оҕолоро арыый бороохтуйан, үөрэх саҕаланыытын куоттара сыһан, анаппыт хоту оройуоннарыгар тиийбиттэрэ. Кинилэри күүтэн олороллоро, сүрдээх үчүгэйдик көрсөн, тута дьиэнэн-уотунан хааччыйбыттара. Оҕолоро ити хоту кыраайга борбуйун көтөхпүтэ, кини аан маҥнай сыылаҥхайдыыр буолуута, онтон оронтон, дьыбаантан тутуһан хааман барыыта, тута дьааһыла, оҕо саадын киһитэ буолуута туспа үөрүү этэ.
Кинилэр хоту көһөн барыахтарыттан куоракка хаалбыт Дина биирдэ да кинилэри кытта билсиһэ сатаабатаҕа, онтон Ксенья үөрэрэ эрэ – Эллээйчик кинилэр оҕолоро, атын ким да быдьаһар бырааба суох, онон төрөппүт ийэтэ адьас чугаһаабат буоллаҕына – олус үчүгэй! Кинилэргэ Дина туһунан сурах-садьык син тиийэрэ, ол иһин кыыс оҕото уран мөссүөнүнэн умсугутан, баай киһини булбутун, байбытын-көммүтүн, араас үрдүк сололоохтор ортолоругар эргичийэ сылдьарын истэллэрэ.
Ол эрээри сылтан сыл хоту олорорго улам кытаатан барбыта – судаарыстыба маҕаһыыннара эстэннэр, туох барыта чааһынай атыыһыттар илиилэрин иһигэр киирэн, ас-таҥас сыаната сиэрэ суох ыарыырын ааһан, аны аанньа тиэллэн тиийбэт буолбута. Хас биирдии кэппиэйкэни ааҕа-суоттуу сылдьар атыыһыттарга дьоно хойуутунан, сырыыта-айана судургутунан Дьокуускайга эбэтэр киин улуустарга эргинэллэрэ быдан барыстааҕа. Аһы-таҥаһы ыраах тиэйэн илдьэн атыылыыллара ночооттоох буолан, ыраах улуустарга бара да сатаабат этилэрэ, арай хотуттан төрүттээх-уустаах бэйэлэрин ыччаттара эрэ бар дьонноругар көмөлөһө сатаан, табаары аҕаларга сыралаһаллара.
Бэргэннээх маҥнай хоту тиийэллэригэр, уларыта тутуу дьалхаана саҥа тиийэн эрэрэ, онон соторутааҥҥа диэри ньиргийэн олорбут промышленнай бөһүөлэктэри баттаспыттара. Бу бөһүөлэктэргэ киһи бөҕөтө тоҕуоруйан, сылаас-тымныы уулаах, ванналаах-туалеттаах толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ күннээн-күөнэхтээн, астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын, ханна да суох Дьоппуон табаарыгар тиийэ хоту муоранан быһа аҕалына олорбуттар.
Таһыттан ааны аһан киирээти кытта тилэри сиэркилэлэринэн күлүмүрдээбит уһун эркиннэрдээх, халыҥ көбүөрдэр тэлгэммиттэринэн күөгэлдьиччи хааман, араас оһуор-бичик ойуулаах фойенан хас да сүүс киһи киирэр саалатыгар сымнаҕас кириэһилэлэргэ тиэрэ түһэн олорон, кэнсиэр, киинэ көрөр Дьокуускайга да сэдэх култуура Дыбарыаһа баара.
Онтон эмискэ, таарымта киирбитинии, уларыта тутуу диэн ааттанар түптэ-түрүлүөн саба бүрүүкээн, үп-харчы биирдэ мэлийэн, харчыта суох хаалбыт үлэһиттэр, сүнньүнэн, күннээх Украина дьоно, дойдуларыгар көһөр айдааныгар түспүттэрэ. Дьиэ-уот бары көрүүтэ-харайыыта суох быраҕыллан, сэрии буолан ааспытын курдук садаҕаланан, дьиэтин тэрилэ мэлийэн, түннүктэрэ-үөлэстэрэ аҥаһан тураллара, Дыбарыас көрүөхтэн сүөргү буолан, кириэһилэлэрэ тононон, сиэркилэлэрэ урусхалланан, дьардьамата эрэ хаалбыта, хаар-тыал сирилиир хосторунан быралгы