Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар


Скачать книгу

кэпсиирэ, онтон олус астынан, иккиэн ыга куустуһан нус-хас утуйан хаалаллара.

      Эллээйчик кинилэри арай биирдэ ыксата сылдьыбыттааҕа, ол куоракка көһүөхтэрин эрэ иннинэ хоту улуус оскуолатыгар үөрэнэ сырыттаҕына этэ. Биирдэ күнүс балыыһаттан оҕотун аһатаары кэлбитэ, уола салбаҕырбыт сирэйдээх-харахтаах көрсүбүтэ, үрдүнэн үрүҥ чыычаах көппөтүнүү атаахтык үөскээбит буолан, дьонуттан толлубата, ол иһин ийэтэ киирэрин кытта өс саҕа малтаччы ыйытан чаҕылыннарбыта:

      – Ийээ, мин аҕам атын киһи дуо?

      Ксенья олус соһуйан, тутан киирбит суумкатын муостаҕа төлө ыһыктан кэбиспитэ, атахтарын таҥаһын олорон эрэ уларытталларыгар аналлаах, киирэр ааҥҥа туруорбут олоппоһугар лах гыммыта:

      – Туох даа?!

      – Сордоҥ Вовка: «Эн нууччалыы дьүһүннээххин, оттон ийэлээх аҕаҥ мас сахалар, ол аата, эн дьиҥнээх аҕаҥ нуучча быһыылаах», – диир.

      Ийэтэ ону истэн өрө тыыммыта, хата иитиэх оҕо буоларын туһунан тугу да эппэтэхтэр эбит.

      – Сордоҥ Вова диэн кимий?

      – Оттон ити… Щукин Вова…

      – Эллээйчик, бииргэ үөрэнэр табаарыскын хос ааттыырыҥ куһаҕан. Оттон аҕаҥ биһикки төрүттэрбитигэр сахалартан ураты араас омуктар бааллара үһү – нуучча казактара, поляк сыылынайдара, олохтоох эбэҥкилэр. Онон эйиэхэ европейскай хааныҥ, өбүгэлэриҥ дьүһүннэрэ-бодолоро хас да көлүөнэ кэнниттэн эргийэн кэллэҕэ дии, ити уустук боппуруос, улааттаххына үөрэтиэҥ-билиэҥ, оттон Щукин Вованы кытта аны оонньоомо, кини билиҥҥиттэн оҥорон көрө-көрө сымыйа хобу-сиби тарҕатара олус куһаҕан, биирдэ баран эттэххэ, кини сиртэн да быга илик оҕочоос дии, онно тугун дьыалатай?! – олус кыыһыран-кыйаханан, тугу да эбии булан эппэккэ, хоһугар киирэн хаалбыта. Уолун уоскуппута курдук буолла да, дьиҥэр ыллахха бэйэтэ сымыйалаата, ол эрээри Эллээйчиккэ «эн ийэҥ-аҕаҥ атыттар» диири син биир тыыннаах этиттэн быстарар кэриэтэ ыарыылаахтык саныыра.

      Ол киэһэ Бэргэн үлэтиттэн кэлбитигэр, оҕото моһуоктаах ыйытыытын туһунан ботур-итир кэпсээбитэ.

      – Уоһугар уоһаҕа куурбакка сылдьан, хобу-сиби тарҕатар туох буолбут оҕонуй – ол Щукин Вова?! Дьэ ити буоллаҕына, мин сарсын оскуола дириэктэригэр бардаҕым! – кэргэнэ кыыһырбыта.

      Кырдьык, дириэктэри кытта Бэргэн кэпсэтиэҕиттэн араас уорбалааһынынан ким да оҕолорун сирэй-харах анньыбат буолбута. Ол да буоллар, дьэбиннээх тимир үөрбэ кэлэн сүрэхтэрин ыарыылаахтык таппыт быһыылааҕа, хаһан эрэ кырдьыгынан кэпсиэхтээхпит диэн санааттан иккиэн да олус саллаллара, «сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар» диэбиттии, ол туһугар олус ыарахан, хобдох түгэни уһата-кэҥэтэ сатыыллара, син биир киһи өлөр өлүү киниэхэ кэлиэхтээҕин санаабакка кыһалларын курдук…

      Ксенья өрө тыынан баран, эркиҥҥэ ыйаммыт хаартыскаҕа оҕолор ортолоругар турар Эллээйчигин сыллаан ылла уонна уотун умулларан, хостон тахсан, Бэргэнигэр чугаһаата. Эрэ киниэхэ кыһаллыбакка, бэркэ тартаран кинигэтин ааҕар, онуоха Ксенья «Сириус» эргэ радиолатын холбоон, Моцарт