Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар


Скачать книгу

таайа аахха хааллардылар, эбиэт чугаһыгар суоппар бу сырыыга судургу соҕус «Тойота» массыынанан кэллэ. Хатыҥ Үрэххэ асфальт суолунан тиийэннэр, туох да көстүбэт гына тимир лииһинэн ыга саайыллыбыт олбуордаах дьиэ ааныгар тохтоотулар. Бэстэри быыстарынан икки мэндиэмэннээх кирпииччэ дьиэ кытарымтыйан көстөр. Олбуор айаҕар «Осторожно! Злая собака!» диэн суруктаах. Суоппар кэлииккэ чанчыгар баар звоногу баттаабытыгар автоматическай күлүүс тыаһа халыр гынна уонна домофонтан дьахтар саҥата иһилиннэ: «Астым».

      Иһирдьэ киирбиттэригэр, сыап кылыгыраата да, улахан ыт аһыыта килэйбитинэн, ардырҕаабытынан сүүрэн кэлэн иһэн, суоппар буойбутугар, кинини билэн, кутуругун куймаҥната-куймаҥната нуучча остуоруйатыгар баар дьиэҕэ маарыннатан оҥоһуллубут, түннүгүн, аанын хаптаһын бүүрүктэрэ киэргэтэ быһан оҥоһуллубут кыһыл-күөх кырааскалаах уйатыгар төттөрү барда. Кэлииккэ ааныттан ыла тротуар – түөрт муннуктаах билииккэлэр тэлгэтиллибиттэригэр тиит көтөҕөтө таммалаабыт. Дьиэ сүрдээх улахан эбит, тыа кулуубуттан итэҕэһэ суох быһыылаах, олбуор иһигэр эбии дьиэлэр, гаражтар, баанньык, бу тутуулары барытын гааһынан сылытар хочуолунай бааллар.

      Бүтүннүү өстүөкүлэ таас улахан күүлэни уҥуордаан дьиэҕэ киирбиттэригэр, будьурхай уһун баттаҕын саннын байаатыгар ыспыт, маҥан эмиийдэрин куоһааҕа көстөр аһаҕас уолуктаах хараҥа былаачыйалаах Дина кыламаннара тэрбэһэн, арылыччы көрбүтүнэн кэлэн, Ксеньяны кууһа түһэн, уураан ылла:

      – Дьүөгэм, маладьыас, хата ханна да атын сиргэ барбатаххыт, дорообо, Бэргэн.

      – Бу эһиэхэ, – Ксенья хоруопкалаах үрүүмкэлэри туттарыбытын Дина аһан көрөөт, хаһан да итинник үчүгэйи көрбөтөх курдук «уой-аай» бөҕөтүн түһэрдэ (Бэргэн иһигэр: «Ильф, Петров хоһуйбут Эллочка-людоедкатыгар дылы буолан», – дии санаата), баай, кыахтаах дьахтар итинник омуннаахтык үөрбүтүттэн ыалдьыттар эгди буоллулар, Дина онтон кинилэри иһирдьэ ыҥырда:

      – Баһыыбаларыҥ, чэ, ааһыҥ, табаарыстарбыт кэлитэлээбиттэрэ…

      Өссө икки хас хоһу ааһан, бүтүннүү от күөҕэ өҥнөөх киэҥ саалаҕа киирдилэр, хоһу тилэри халыҥ сымнаҕас көбүөр тэлгэммит, биэс-алта нуучча-саха эр дьон бинсээктэрин устан, хос ортотугар турар улахан бильярдыыр остуолу тула көтө сылдьан, шариктары охсуолаан оонньууллар, кинилэр холоонноох доҕотторо быһыылаах – мааны дьахталлар дьыбааҥҥа олорон, бэрт килбэчийбит-чаҕылыйбыт өҥнөөх ойуулардаах сурунааллары арыйталаан көрөллөр, саҥа ыалдьыттар киирбиттэригэр, харахтара кинилэргэ буолла.

      – Карп, – диэн Дина ыҥырбытыгар, кыыдаа маҥан баттахтаах, атыттар хаалтыстаах буоллахтарына, уолуга аһаҕас ырбаахынан нэлэлдьийэ-хотолдьуйа сылдьар дьиэлээх киһи тиийэн кэллэ.

      – Бу билсэн кэбис, мин устудьуон сыллартан табаарыстарым – дьүөгэм Ксенья уонна кини кэргэнэ Бэргэн.

      Кырдьаҕас киһи кинилэргэ лобуой курдук эттээх эрээри, сып-сымнаҕас ытыһын туттарда:

      – Карп…

      – Чэ, Карп, саҕалыырбыт дуу, ыалдьыттар бары муһуннулар.

      – Сөп-сөп, мин билигин… –