Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар


Скачать книгу

тэбиннэ. Оптуобус хоҥнуо арыый да эрдэ, онон уол мас ыскаамыйаҕа олорон, хайа эрэ бичтэр итирэн баран муомалаһалларын одуулаһа олордо. Сыыҥк-сыраан аллан, таҥастара-саптара холто буолан, дьэ сирэй-харах дьаабы, бу сордоохтор хайдах маннык ынырык олоххо тиийиэххэ диэри таҥнары түҥкэлэйбиттэрэ буолуой?! Саҥа төрүүллэригэр ийэлээх аҕалара үөрэн-көтөн көрүстэхтэрэ, онтон олох хаҕыс долгуннара быраҕаттыылларыгар түбэһэн, бу айылаах буоллахтара, туох диэн бу дьону буруйдуоҥуй, олох оннук эрэ дииргэр тиийэҕин, кинилэри аһыныахха эрэ сөптөөх…

      Онтон Бэргэн чарапчы иһигэр бөлүөхсүбүт дьону көрбөхтөөтө, куорат таһыгар айаннааччылар суумка тутуурдаахтар, сорохтор үрүксээк сүкпүттэр, саамай ырааталлара Покровскайга, Намҥа баран эрдэхтэрэ, хас биирдиилэрэ туспа үөрүүлээх-хомолтолоох, бэйэлэрэ араас кыһалҕалаах сырыттахтара. Сир-дойду киэҥ, араас дьон элбэх…

      Ити олорон сыыр диэки көрөөт, сүрэҕэ мөҕүл гынна – маҥан былаачыйалаах Ксенья сиртэн-буортан тэйэрдии чэпчэкитик туттан, хааман-сиимэн сэгэлдьитэн иһэр. Олоххо араас дьикти буоларынан, күүтүллэбэтэх түгэннэр соһуччу тосхойоллорунан уратылаах, быйыл сааска диэри маннык кэрэ кыыс күн сиригэр баара буолуо диэн санаабат да этэ, билигин бу наскылдьыйан иһэрэ үчүгэйин! Бэйиэт буоллар, хоһоон суруйуо эбит да, суох киһитигэр суох, арай аан маҥнай университекка киирбиттэрин кэнниттэн оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уола, кэлин университет саха тылын факультетыгар киирбит Бааска, кистии-саба Арбита диэн бобуулаах бэйиэт «Долгуннар» диэн биирдик этиллэр эрээри, тус-туһунан өйдөбүллэрдээх тылларынан – омонимнарынан суруллубут бэйиэмэтин илиитинэн устубутун аҕалан уһултарбытын өйдөөтө, онно бааллара дии маннык тыллар:

      Муус солко былааккын эринэн,

      Кэлиий даа, мин күнүм күлүмэ,

      Мин курдук эрэллээх эринэн

      Дьоллонор төлкөҕүн күлүмэ…

      Кэрэ кыыс туналыҥнатан иһэрин көрөн, санаатыгар бөҕүнэн-сыыһынан туолбут куорат уулуссалара быдан сырдаан-сэргэхсийэн кэллилэр, тула аалыҥнаһар дьон кытта тупсан хаалбыкка дылы буоллулар, ойон турбутун бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла, тиэтэйэ-саарайа кыыска утары барда.

      – Хайа, күүттүҥ дуо? Бириэмэ билигин да баар дии, – Ксенья мичээрдиир, кини тута сылдьар чэпчэки таҥас суумкатын уол ылла:

      – Суох, улаханнык күүппэтим, сөпкө кэллиҥ, оптуобуспут барыар диэри өссө да бириэмэ баар…

      Сотору оптуобус күлтэһийэн кэлэн хорус гынна, наһаа элбэх буолбатахтар эрээри, син биир анньыалаһан-үтүөлэһэн иһирдьэ киирдилэр. Уоллаах кыыс кэлин олбоххо тиийэн сэргэстэһэ олордулар. Намҥа тиийэн, быыллаах суолу кыйа күөх от бытыгыраабытынан оргууй аҕай хаамыстылар, кыыс итииргээн дуу эбэтэр килбигийэриттэн дуу сирэйэ тэтэрэ кыыспыт, хата, Көстөкүүннэрин дьиэтэ автовокзалтан соччо ырааҕа суох эбит, үс мастаах күрүө сиэрдийэтин быыһынан Ксенья чэпчэкитик элэс гынна, оттон Бэргэн бэйэтин кыаҕын көрдөрөр баҕата тулуппата бадахтаах – үрүт сиэрдийэттэн