бокуойа суох иhирдьэ киирбитинэн бардылар.
– Хайа, бу аата тугуй? Туох үлүгэрэ буолла? – Нина Николаевна сөбүлээбэтэҕин тута биллэрдэ.
– Биhиги эйигин кытта кэпсэппэппит, суоппарга наадалаахпыт, – диэн сержант погоннаах уол утары саҥаран дьабдьыгыратта. – Убаайка, биhигини арҕааҥҥы «Молочнайга» илдьэн быраҕа оҕус эрэ, үүттэн матаары гынныбыт.
– Кырдьык, ыксал буолла… бука баhаалыста, илдьэн биэрбэккин ээ? – лейтенант эйэҕэстик көрдөстө.
– Оо, уолаттаар, мин тиэтэйэ аҕай сылдьабын, атын массыынаны туппаккыт ээ? – Миша көрдөhөн көрдө.
– Кими тутарбытын бэйэбит үчүгэйдик билэбит, онно эн сүбэҕэр наадыйбаппыт! – сержант эмиэ дьабдьыгырыы түстэ. – Буолуммат буоллаххына, отделга бардыбыт, онно быhаарсыахпыт!
– Суох, суох! Биhиги эйиигин тутар, хайыыр да санаабыт суох ээ, көннөрү көрдөhөбүт эрэ, – лейтенант уол кэбиинэ аанын өссө да саппакка олордо.
– Туох аатай, бу ыган-түүрэн түhэҥҥит… – Нина Николаевна хардары киирсэн эрдэҕинэ, Миша тоҥолоҕунан имнэнэн тохтотто. – Сах салаатын, бардыбыт! – диэт, массыынатын ускуораhын холбоото.
Туора уулусса тоҕойугар эргиллэн, арҕаа диэки төттөрү айаннаатылар. Миша даҕаны, Нина Николаевна даҕаны биир да тылы быктарбакка, бу дьонтон түргэнник босхолоно охсубут киhи эрэ диэн санаалаахтар.
Үрүҥ ас маҕаhыынын иннигэр тиийэн түhэрэллэригэр сержант уол: «Манна төhө элбэх бириэмэ сүтүөҕэй… аҕыйах мүнүүтэни баран…» – диэн саҥара-саҥара, кэбиинэттэн таҕыста.
– Баhыыбаҥ ити дуо? – диэн хаалла Нина Николаевна.
Эмиэ илин диэки тигинэтэн-таҕынатан истилэр. Соҕуруу диэки барар туора уулусса куоhааҕар баhыллыбыт чалбаҕы кэстэрэн тахсан, сыыр анныгар турар түөрт кыбартыыралаах дьиэ туhаайыытыгар тохтоотулар.
– Чэ, мин манна олоробун… Хайыыгын, киирэҕин дуо? – диэн ыйытта кыыс.
– Бэрээдэги көрөр ааттаах дьоммут дэлби кыыhырдан, аhа да суох тотордулар быhыылаах. Киирэн уу эрэ иhиэҕим… Хайа уонна эйигин үлэҕэр суохтаан туруохтара дии? – диэтэ Миша, массыынатын мотуорун умулларан баран.
Нина Николаевна дьиэтигэр киллэрэн, уолга улахан ыстакаанынан чэй иhэртэ, ас тардаары гыммытын буолуммата. Дьиэттэн тахсалларыгар Миша: «Аны эн олорор сиргин биллэҕим, сылдьа үөрэнним да, атаҕым бэйэтэ да аҕала турара буолуо», – диэтэ.
– Оттон хайыаххыный… атаҕыҥ аҕаллаҕына, баҕар, сылдьаар, – кыыс, күлэ-күлэ, хардарда.
Ол эрээри балаҕан ыйын устатыгар Миша Отуукап биирдэ даҕаны көстүбэтэ. Оттон Нина Николаевна хайдах эрэ иhигэр кэтэhэ сылдьар, бу тиийэн кэлиэ диэн саныыр буолан хаалла.
БЭҺИС БАҺА
Өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-ахсаан оскуолатын тохсус кылааhын үөрэнээччилэрэ, арахсыспат атастыылар Степа Таскин уонна Илья Бояров биир субуота киэhэ Сэргэлээх иккититтэн Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа медицинскэй училище уопсай дьиэтигэр буолар дискотекаҕа бардылар. Ол иннинэ Степа Күннэйтэн дискотекаҕа эҥин атын ыччаттары букатын киллэрбэттэрин туhунан истибитэ. Ол да буоллар уолаттар, санаалара батарбакка,