Хотойук Айгыына

Тэпсиллибит сибэкки


Скачать книгу

он санаа аччыыр дуу, элбиир дуу, тупсар дуу, сүтэр дуу ким ону мээрэйдээн, тиһэн билбитэй киһиттэн бэйэтиттэн ураты…

      Оҕо сааспын санаатахпына, миэхэ харах уута бычалыйар, эдэр сааспын санаатахпына, эмиэ харах уута иэдэспинэн саккырыыр, онтон орто сааспын сибикилээн ыллахпына, эмиэ да үөрүү, эмиэ да сонньуйуу… Ол эрээри мин олоҕум салҕанар, сандаарар, салаллар, сатанар кыахтаах эбит дуу диэн, дьэ, туох эрэ тыыппалаах санаа тырымныыр…

      Боччумурбучча бу дьоҕус кинигэбин, кимнээххэ аныырым ордуга буолла, чэ, ону ааҕааччы, бэйэҥ быыскар-арыккар быһаараар, эйиэхэ бу кинигэни толкуйдуургар, ырытаргар, кириитикэлииргэр Көҥүл биэрэбин. Бу мин олоҕум биир өрүтэ диэхпин татым, барыта диэхпин тыыннаахпын, сороҕо диэхпин кэччэйбит диириҥ дуу… чэ, бу түгэҥҥэ, бу күҥҥэ Санаам барахсан мин сүрэхпэр тугу сибис гыммытынан, уйулҕабар тугу таарыйан ааспытынан күндү-мааны, ытыгылыыр ааҕааччыбар бу кинигэм оҕотун бэлэх уунуохпун баҕарабын. Соһуйуоҥ иһин, бу кинигэм дьүһүнүн-бодотун бу диэн билбэккэ олоробун (ол аата, кинигэм тас көстүүтүн), онтон кинигэм ис көстүүтүн (ол аата, кинигэм тыынын) аан бастаан чочуйуум. Онно эн, ааҕааччы, эмиэ үлэлэһэҕин. Баҕар, бэйэм курдук дьылҕалаахтар сүбэ булуохтара, анаарыахтара, толкуйдуохтара, ол эрээри манна суруллубут дьиҥ олоххо буолбут түгэннэр. Дьэ, айаннаатыбыт…

      Сурукка-бичиккэ кистэнэр санаам,

      Биир куттааҕын булуо дуу?

      Баҕар, сатамматах санаа буолуо,

      Сириллиэ, быраҕыллыа, сотуллуо,

      Баҕар, уруйданыа, тускулланыа…

      Билбэтим дьылҕатын, ол эрээри

      Син биир суруйабын, тиэрдэбин…

      Киһи диэн сайдар санаалаах, тыырар толкуйдаах, оттон уйулҕата хайдаҕый… улугурар, уһуктар, улуутуйар… Арай бу олоробун суруксуттуу, ким, ханнык омук дуу, кылаан дуу, урдус дуу ыччата. Кимтэн кииннээхпиний, бу диэн ол түҥ былыргы удьуордарбын, төрүттэрбин билбэппин билинэбин. Миэхэ, туллан түспүт толугуруу тыаһыыр кыра ычалаах кыысчааҥҥа, ки-им да сэһэргээбэтэҕэ, оройбунан түһэн Орто дойдуга бэбээрэн кэлэрбэр, Аан дойду дьахталларын күнүгэр күн сирин көрбүппүн, Өкүлүүнэ диэн, тоҕо эбитэ буолла, сүрэхтээбиттэр, онон, устуоруйам бүттэ. Онтон, түргэтэтэн-ыксатан сэһэргээтэххэ, Мэхээлэ диэн айбыт аҕалаах, Ааныс диэн төрөппүт ийэлээх эбиппин, ол эрээри төрөппүт ийэ-аҕа тапталын билбэккэ улаатарым дьылҕам кинигэтигэр сурулуннаҕа буолуо, биир иҥнэри турар сэргэлээх тэлгэһэҕэ, суугунуур оттоох, күөх долгуннаах, доллоһуйа устар Өлүөнэ кытылыгар турар солко оттоох Суоттуга, тоҕо эрэ Айыыһыттарым онно олохтообуттара, улаатан-ситэн, үөрэнэн, үөрэхтэнэн, ийэ аналын толорон, кэргэн диэни билэн ахан дьэ, бу бичик бичийэ олордоҕум. Остуоруйалыы туойдахха уонна кылгастык, мин кимтэн кииннээҕим туһунан итинник. Хантан хааннааҕым оннооҕор уустук, аҕам төрдө Түүлээх нэһилиэгэ, ийэм – Өнөр. Иккиэн уус алданнар эбит. Онон, бэтэрээнэн хасыһан син хаан урууларбын булан, хаан тардыһан ханарытан, ол устуоруйабын булуохпун синэ буолуо да, билиҥҥитэ биллибэт элбэх, онон тус бэйэм эрэ силиспин силигилэтэн, мутукпун чөмчөтө сылдьабын. Икки хотой уолаттардаахпын, кындыа мааны кыыстаахпын. Остуоруйаҕа курдук онолуйдахха итинник, олоҥхоҕо курдук сэһэргээтэххэ ситинник.

      Ааҕааччы, баҕар, сүөргүлүөҥ, тугу-тугу туойарый диэн, ол эрээри дьэ бичийэр киэлибэр киирдэхпинэ, тоҕо эрэ маннык суруллар, толкуйдуур торуммар киирдэхпинэ, тосту-туора да буолбатар, тоҕо эрэ күн сирэ аһаҕаһын курдук аһаҕас санаалар ситэллэр. Эн, бастаан тулуйа-тэһийэ аах хайдах сатыыргынан, онтон дьэ ырытыһыахпыт. Кинигэ диэн дьэ тоҕо сурулларый эн санааҕар? Ааҕыллаары, толкуйдатаары, туох эрэ саҥаны билиһиннэрээри, уруккуга умсугутаары… диэххит. Онтон арай бу кинигэ ааптара кимэ-туга биллибэтин ааһан, өссө хайдах эрэ халы-мааргы дуу дии саныаҥ, чэ ол бэйэҥ көҥүлүҥ, мин суруйабын эрэ, туох-хайдах киирэринэн, сурулларынан итэҕэй-итэҕэйимэ. Толкуйдааһына эйиэхэ, сыта-тура анаарыаҥ буоллаҕа…

      Дьэ, бастакы дабайыы аанын сэгэттибит. Ааҕааччы, сэҥээрэ түстэргин сэргэхсийиэҥ, ааҕа түстэргин алаарыаҥ…

      Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына,

      ааптар

      Кэпсээннэр

      Алгыстаах ардах

      Аан ийэ дойдум барахсан, аар айылҕам кэрэҕин даҕаны… Бу бүгүн мүччү туттаран, лууктуу диэн ааттаан биир билэр кыыспыныын, дэриэбинэттэн чугас турар алааска кэлэн лууктаатыбыт уонна сэһэргэһэ диэн, астына-дуоһуйа бу алаас күөх хонуутугар көбүөргэ сытардыы сананан, күөх урсун халлааны одууластыбыт… Көҕөрөр күөх халлааным урсунугар көп түү курдук сымнаҕас былыттар бииртэн биир, ханна да ыксаабат дьоннуу, аргыый устан иһэллэрэ кэрэ да хартыына… аттыбар тыа суугуна, үрдүбэр күөрэгэй дьырылыыра, тулам чуумпу да чуумпу… оо, маннык чуумпуга, нус-хас олохтоох сылдьыбыт киһи… дьол диэн ол буолуо дуу? Нус-хас олох диэн мин санаабар сылаас сыһыан, таптал, туохтан да уолуйбакка, куттаммакка утуйуу, сынньалаҥнык сылдьан дьиэҕин-уоккун, оҕолоргун бэрийии… Ардыгар ол да суох буолар эбит ээ, сорохторго, чуолаан тус бэйэбэр. Олус сылайдым иһээччи кэргэнтэн, иирбэ-таарба, инникигэ умсугуйар эрэ санаалартан. Киһи санаата күүстээх дииллэр, хантан ол күүһү ылыахха сөбө буолла… Эрэнэр дьүөгэлиин сэһэргэһэн дуу, аарыма кырдьаҕастан сүбэлэтэн дуу,