бэйэҥ эрэ дьоллуугун!
Ама да ааспытын иһин, олох диэн олох, ардыгар үтүө да өрүттэрдээх, ардыгар санаа да түһүүлээх этэ. Онтон сүрүнэ бэйэм санаабытым, бэйэм толкуйдаабытым, бэйэм ииппитим, бэйэм туппутум, бэйэм ытаабытым, бэйэм үөрбүтүм буолар. Барытын уйулҕам хаттыгастарынан билэн ааспытым олоҕум үөрэҕэ буолар. Махталлаахпын Айыыһыттарбар, махталлаахпын дьылҕабар, куһаҕан да үчүгэйдээх, үчүгэй да куһаҕаннаах буоллаҕа…
Билигин аттыбар үс кэрэ сибэкким, дьылҕам мааны бэлэхтэрэ, баалларыттан бары куһаҕаны бырастыы гыммытым… Син дьахтар аналын, кэргэн оруолун толорон, дьиэ-уот туттан – барыта баара, ол эрээри арахсыы син биир ситэн араартаабыта, ол да барыта Үөһэттэн көҥүллээх курдуга… Кэмсиммэппин, мин олоҕум тус айаным буоллаҕа, олох оскуолатын ааспыт кэрчигим, онон эмиэ да хомолтолоохпун, эмиэ да махталлаахпын, эмиэ да кэмсинэрдээхпин… Киһи тыыннааҕын тухары олоҕун тупсарарга дьулуһуохтаах – олох биир тэҥ буолбат, биир сиргэ турбат.
Хараҥа түүҥҥэ чыпчыҥныы тыкпыт сулус, сарсыарда саҥа күҥҥэ миэстэ биэрэрдии, аргыый сүтэн, симэлийэн, бээ, бэйэм кэммэр эмиэ кэлиэм диэбиттии, чаҕылыйа уостан хаалла…
Ийэ буолбут үөрүү…
Олоҕум омоон суола, эмиэ да синньээн, эмиэ да соноон, үөһэ-аллара түһүүлээх-тахсыылаах буоллар да, олох олорор баҕаттан сыралаһыы саҕаламмыта. Кэргэним иһэн-аһаан арыгылаан, ону барытын буолуохтаах курдук ылынан, син дьиэлэнэн-уоттанан ардыгар чаҕылыйа тыгар күннээх, ардыгар ааспат хараҥа түүннээх субуллан испиттэрэ. Ол сылдьан саҥа киһи үөскээбитэ биллэн, быраастарга көрдөрөн балыыһаҕа киирдим… Эмп сытынан тунуйар көрүдүөр устун хааман, санитарка сытыахтаах хоспор киллэрдэ. Бэйэм курдук оҕолоноору сылдьар билбэт кыргыттарым үөрэ көрүстүлэр. Оччолорго хайдах эрэ муҥкук, барытыттан куттана сылдьар эдэр оҕо этим. Арай тоҕо эрэ бу палаата сырдыга, мичийэ үөрэр харахтар миэхэ сылаа- һы куттулар… Күө-дьаа кэпсэтэ олорбут кыргыттар мин диэки хайыһа түстүлэр, ороммун булан санитарка оҥорон биэрдэ… Мин балыыһа диэн саҥа эйгэҕэ киирэммин, уоскулаҥ көрдүү сылдьыбыт уйулҕам сылаата киирэн утуйан хааллым. Арай түһээтэхпинэ, наһаа сылайбыт кырдьаҕас эмээхсин кэлэн иннибэр турар: «Тоойуом, бу хара тыанан хайдах ааһаҕын? Муммакка, тоҥмокко туораан ааһыаҥ дуо…» – диэн ыйытта уонна сүтэн хаалла. Мин хайыһан көрдүм: хараҥа сабардаабыт, аарыма тииттэр суугунуу турар халыҥ тыата эбит уонна киирэн сап курдук синньигэс, сорох сиринэн ким да сылдьыбатах суолунан киирэн хаама турдум. Испэр эмиэ да куттанабын, эмиэ да тулуйан бу тыаны ааһыахтаахпын дии саныы сытан уһуктан кэлбитим… Турбутум, киэһэрбит, палаатам кыргыттара: «Эбиэти куоттардыҥ дии…» – дэһэн, мин диэки дьиктиргээбит харахтарынан аһыммыттыы көрдүлэр. Дьэ, ол курдук күн-дьыл ааһан, кыргыттарбын кытта билсиһэн-бодоруһан эмтэнэ сыттым. Бырааһым: «Бүөрүҥ тымныйыылаах, ол иһин оҕоҥ куотаары гынар, олох сыт», – диэтэ. Палаатам кыргыттарыгар киэһэ аайы дьонноро көрсө кэлэллэр, ас-үөл аҕалаллар,