Хотойук Айгыына

Тэпсиллибит сибэкки


Скачать книгу

хайдах хайа диэки салаллыахтааҕын билбиттии, сэрэйэрдии хааллылар.

      Киһи уонна Айылҕа ситимнээхтэр, билин да билинимэ, итэҕэй да итэҕэйимэ. Кыргыттар кэннилэриттэн хара былыттар биир-биир уһулута ойон тахсан мустубутунан, уһун тииттэр, хатыҥнар суугунаспытынан бардылар, дьы- рылыы туойа ыллаабыт күөрэгэй тохтоон хаалла, кэҕэ кыылбыт да иһийдэ… Арҕаа халлаантан хараҥа былыттар мустан, үмүөрүһэн тугу эрэ сөбүлээбэтэхтии ньириһитэн, этиҥнээх ардах кэлэн иһэр тыына билиннэ. Хантан эрэ биир таммах көтөн кэлэн, кып-кырачаан хатыҥ сэбирдэҕэр «топ» гына түспүтүн аарыма айылҕа билбэккэ да хаалла. Дэриэбинэттэн иһиллэр тыраахтар тыаһа кытта чуумпурда, ыттар үрэллэрэ да иһиллибэт буолла, туох барыта иһийэ уоскуйда. Туох эрэ тэрээһиҥҥэ бэлэмнэммиттии, куула тыата аргыый суугунуу хамсаан барда, ханна эрэ утаппыт тураах дааҕырҕаан уу көрдүү сапсынан ааста, быыкаайык кыымаайы тохтуур-саһар сир көрдөөн сыыгынаата, от-мас быыһыгар олорбут аһыҥалар тыастара кытта тохтоото. Өр кэм курааннаан утатан турбут айылҕа, этиҥнээх ардахха бэлэмнэнэн, оҕотун-уруутун барыларын саһыаран, кичэллик биир дьикти тэтимигэр киирсэн, суунан-тараанан ылаары бэлэм турда. Онтон, кэмниэ кэнэҕэс сиккиэр тыал улам биллэн, тыыллан-хабыллан, мастар лабааларын дэйбиирдээн, тиит мастары кыыкыната суугунатан, ханна эрэ тыа түгэҕэр мутук тостор тыаһа хоһулаһан, көҥүл бэрилиннэ диэбиттии, хара былыттартан этиҥ ньириһийдэ. Дьэ, ол кэннэ сыыйа онтон-мантан бөдөҥ таммахтар, көччүйэр көҥүлү ылбыттыы, харса суох иҥнэри таммалаатылар. Эргиччи барыта биир айылҕа муусуката буолан, сайыҥҥы ардах эриэккэс суугуна алаас иһигэр кутулла түстэ. Этиҥ ньиргийдэҕин аайы, ардах тыастаахтык ыксаабыттыы курулатта, от-мас ардахтан илийэн онно-манна туолбут таммахтар сэбирдэхтэн чуккуруу сүүрдүлэр, отон, сибэкки уга ньылбы инчэйдэ, куула тыа сай сайын чаҕылыйа, сандаара көҕөрөн дьэргэйдэ. Айылҕа барахсан суунан, ыраастанан, бу манна санаа түһүүлээх кэпсэтиини ыраастыырдыы, бу хонууга олорон ааспыт кыргыттар олохторун хараҥа кэрчигин сууйардыы, ол сиргэ ардах тобулу түстэ. Балачча курулаччы ардыы түһэн баран, дьэ сөп буолуо, сууйдубут диэбиттии, халлааҥҥа мунньустубут хара былыттар сырдыы быһыытыйдылар, халлаан хабар ортотунан үрэл гыннылар, онуоха сырдык сырал сардаҥалардаах күн чаҕылыйа сандаарда да, тула барыта кыһыл, үрүҥ көмүс таастары ыһан кэбиспиттии чаҕылыйа түстэ. Күндүл халлаан быыһын арыйардыы, дьэрэкээн кустук арылыйа тахсан кэллэ… Чээн, айылҕа барахсан өссө киэркэйдэ, тубуста, салгыҥҥа күөх от сыта туймаарда уһунна…

      Мантан ыла олох-дьаһах тупсуоҕа диэбиттии, күөрэгэй битийэ ыллаата, тыа, от-мас көтөрө айылҕа муусукатын тутта, хонуу сибэккилэрэ чуоҕаһа киэргэйдилэр, ыҥырыа дыыгынаата, ханна эрэ суор халаахтыыра иһилиннэ. Тыыннаах киһи кутун, уйулҕатын айылҕа эрэ ыраастыыра чахчы. Айылҕа киһи ситимэ, Айыылардыын ыллыга бу тосхойдоҕо… Кып-кыра алаас иһэ, ньир-бааччы дьоллоох олохтоох ыалы санатан күйгүөрэ, дьол тойуга кутулла түстэ!

      Тапталы