эттэххэ, эмиэ итинник этэ. Мээчиги үрдэрэргэ үөрэтиигэ эмиэ ол хатыланара. Ол эбэтэр хайдах эрэ туох да суох курдук буолан тахсар. Мээчик даҕаны, бэлисипиэт даҕаны, аҕам түһэҕэ даҕаны. Мин эмиэ суохпун. Ол оннугар ыалларбыт оҕолоро бааллара. Аҕам наар кинилэр бэлисипиэттэрин тутар этэ. Кэннилэригэр турар уонна багажнигыттан тутар. Онтон миигиттэн: тутабын дуо диэн ыйытар. Мин куруутун суох диэччибин. Тоҕо диэтэххэ, соҕотоҕун буоларыҥ быдан ордук. Дьиэҕэр кэлэҕин уонна көҕөрбүт сиргин улахан ньуосканан аалаҕын. Оттон аҕаҥ хаһыаты хачыгыратар, эйигин көрөр уонна этэр: ити кэнниттэн ньуоскаҕын хайаан да сууйаар.
Ол иһин, Серега дьиэтигэр ааны ким да арыйбатаҕар Генка, арааһа, мин аҕабар бара сырыттахпытына сатаныыһы диэбитигэр, ол кирдээх подъезд от күөҕэ истиэнэтин таһыгар кинини утары көрөн туран, туох диэхпин билбэтэҕим.
– Тоҕо мэндээриччи көрдүҥ? – диэбитэ кини. – Тоҕо саҥарбаккын? Эн итирэн баран бэйэҥ эппитиҥ дии, кини Москва мээрийэтигэр үлэлиир диэн. Киниэхэ барыахха, кэпсэтиэххэ. Кини онно бу дьиэ атыыламмыт дуу, суох дуу диэн билиэҕэ. Ким, хаһан атыыласпытый. Дьиэтэ-уота суох хаамаайыларга сыһыаннаах туох эрэ сулууспалаахтара да буолуо. Регистрация… Уопсайынан, тугуй-ханныгый. Бардыбыт. Онто суох, бириэмэ ыгар.
– Мин кинини уон сыл көрбөтөҕүм.
– Онно тугуй? Дьэ көрүөҥ буоллаҕа. Сыыҥкын сиэн бүт! Биһиэхэ киниттэн атын ким даҕаны Серега дьиэтин туһунан эппиэти биэриэ суоҕа. Онтон ону билбэккэ эрэ, дьиэҕэ киирэ сатыыр төрүт сатаммат. Биһиги бу дьиэҕэ ким олорорун билиэхпитин наада. Итиэннэ, үөдэн баара, кинилэр манна хайдах киирдилэр. Чэ, чэ, аадырыһын эт.
Мин Пашка диэки көрбүтүм, ол эрээри кини ити кэмҥэ атын сир диэки хайыспыта.
– Эһиги кимиэхэ наадыйаҕыт? – диэбитэ ааны арыйбыт эдэр дьахтар.
Куттаммыта. Онто куолаһыттан биллибитэ. Биһиги үһүөн кини иннигэр бандьыыттар курдук турарбыт. Мин Генка кэннигэр саһа сатаабытым. Саатар сирэйбин кистээри.
– Ээ, бу эн, Костя! – диэбитэ аҕам, дьахтар кэнниттэн көрүдүөргэ көстө түһээт. – Киир. Киириҥ, уолаттар, бары.
Мин Генка кэнниттэн тахсан кэлбитим, онно аҕам миигин күүскэ бобо кууһан ылбыта.
– Дьэ кэллиҥ дии. Оттон мин эйигин күүппүтүм ыраатта.
Кини арыгыта ыарахан сыаналаах этэ. Импортнай этикеткэлээх уонна кыраһыабай бытыылкалаах. Ол эрээри аҕыйах. Уон биэс эрэ мүнүүтэҕэ тиийбитэ.
– Марина, биһиэхэ өссө буокката атыылас эрэ, – диэбитэ аҕам. – Онтон атын манна биһиги бары утатан иэдэйиэхпит.
– Эн сарсын мунньахтааххын, – диэбитэ дьахтар, мин диэки көрбөккө буола сатыы-сатыы.
– Ону өйдүүбүн. Бар, көмүһүөм, атыылас. Мин уолбун кытта дьэ кэмниэ-кэнэҕэс арыгы иһиэхпин наада. Тоҕо эн бачча өр кэлэ сылдьыбатаххыный? Ээ, Костя?
– Дьыала элбэх, – диэбитим мин.
– Оттон мин наар бырааттаах балтыгын көрдөрүөхпүн баҕарар этим. Эн кинилэр тустарынан билэҕин дуо? Кинилэр билигин оскуолаҕа сылдьаллар. Наташка бэһис кылаас, Славка пиэрибэйгэ киирдэ. Иккиэн иккис симиэнэлэр.