Хата, эт эрэ, хаһан бүтэһигин училищеҕа киирэ сылдьыбыккыный?
– Мин дуо?
– Миэхэ акаары курдук көстө сатаама.
– Икки хонуктааҕыта.
– Тоҕо?
– Биир уолга харчы биэриэхтээх этим.
– Дьэ онно хайдаҕый?
– Үчүгэй.
– Аркадий Андреевиһы көрсүбүтүҥ дуо?
– Кими?
– Үөрэх сэбиэдиссэйин. Эн тугуй, бүгүн миигин соруйан кыынньыы сатыыгын дуо?
– Суох, мин, кырдьык, кини аатын умнубуппун. Биһиги кинини тэбиэн диэн ааттыыбыт.
– Силэ бырдаҥалыыр дуо?
Александр Степанович сонньуйан ылбыта, онуоха бүтүн бэйэтэ үрүллүбүт аарыма саарык курдук култараҥнаан ылбыта.
– Өссө хайдах курдук!
– Өйдөнөр. Итиҥтиҥ тиһэҕэр өссө ыраах силлиэҕэ. Дьэ онон кинини көрсүбүтүҥ дуо?
– Көрсөн.
– Туох диэбитэй?
– Оччо суох. Эйигин ыйыппыта.
– Ону туох диэбиккиний?
– Эйигин ыалдьар диэбитим.
– Ыалдьар даа? Оо дьэ акаары! Киниэхэ кырдьыгы этиэххэ баара. Онтон атын кини эйигин сиэҕэ. Ордук дириэктэр буоллаҕына.
Онтон ыла мин үөрэх сэбиэдиссэйин аатын умнубатаҕым. Тоҕо диэтэххэ, Александр Степанович сыыспатах этэ. Аркадий Степанович, кырдьык, дириэктэр буолбута. Билбэтим – баҕар, миниистир доҕорун атын үлэҕэ анаабыттара, эбэтэр Александр Степанович бэйэ оҥорбут кыһыл арыгыта утаҕы ордук ханнарыа дии санаабыта дуу. Аҕам оҕо эрдэхпинэ, «Массандра» диэн соҕурууҥҥу олус үчүгэй кыһыл арыгы баар диирэ. Тоҕо эрэ мин ол арыгы аатын өйдөөн хаалбытым. Мин ол мороженайдааҕар минньигэс буолуо дии санаабытым. Баҕар, дириэктэр ол арыгыны иһээри уолугар барбыта буолуо. Билбэтим. Кини миэхэ уруһуйдуургун быраҕыма диэбитэ. Бырахтахпына, кэлэн төбөбүн быһа тардыах буолбута. Чопчута – баскын диэбитэ.
– Эн миигин өйдөөтүҥ дуо? Таҥара оннукка эрэ тиэрпэтин, быраҕыма. Быраҕыаҥ даҕаны мин эн баскын эрэ быһа тардыам суоҕа.
Ол эрээри кини кэлбэтэҕэ. Оттон мин тута кэриэтэ уруһуйдаабат буолбутум, тоҕо диэтэххэ, кини кырдьык эппитэ буолуо дии санаабытым. Кинини хас да ый күүппүтүм. Онтум баара – сыбыс-сымыйа эбит. Кини мин ааппын да умнубут буолуохтаах.
Оттон Аркадий Андреевич сонно тута миигин иитиигэ ылсыбытынан барбыта. Ол иһин, бэбиэскэ тутаат, мин бастакынан байыаннай комиссариакка барбытым. Ким да билбэт этэ буоллаҕа дии, ол хайдах түмүктэниэн. Онно эбии Эдуард Михайлович миигин олох сордообута.
– Иһит эрэ, Костя! – БТР хоҥнубутугар Генка кулгаахпар хаһыытаабыта. – Дембеллэнэн баран, эн кииринньэҥ аҕаҥ сымыытын быһа тардыахпытын баҕараҕын дуо? Ээ, Пашка? Ол акаары сымыытын быһа тардабыт дуо?
Мин баспын быһа илгистибитим, тоҕо диэтэххэ мотуор тыаһын баһыйа сатаан хаһыытыахпын баҕарбатаҕым. Онуоха эбии, биһигини кытары тоҕо эрэ дивизия ыстаабыттан кэлбит капитан айаннаан иһэрэ. Кинини кытта өссө прапорщик Демидов баара. Кини хаһан да биһигини кытары БТР-га олорсооччута суох этэ.
Генка