да дойдуларыттан тэйэн, билбэт дойдуларыгар көһүөхтэрин баҕарбаталлар, кылгас кэмҥэ үчүгэй аһылыктаах сиргэ, кыайыы туһугар үлэлии да түһэн кэлэр сөп этэ диэн санааҕа кэлбиттэрэ. Сорохтор барыахтарын баҕарбаталлар да, утары тугу да булан этэр кыахтара суоҕа, Өрүүнэ олор истэригэр баара.
Көһөргө диэн сөбүлэҥи биэрэр куоластааһын саҕаламмыта. Араатардыыр киһи кэннигэр холкуос бэрэссэдээтэлэ Мэхээлэ Боппуоктуун турбут милииссийэ иннин диэки тахсан били боломуочунайы кытта сэргэстэһэ чыначчы туттан турунан кэбиспитэ, курун көннөрүммүтэ, бэстилиэттээх хобураатын туппаҕалаабыта. Араатар тылыттан самнан олорор олохтоохтор үрүҥ харахтарын өрө көрбөтөхтөрө. Куоластааһын түмүгүнэн сүүс бырыһыан көһөргө диэн буолбута. Боломуочунай бу да кэннэ тыла сымнаабатаҕа, үс хонук иһигэр хомунан көһөҕүт диэн кытаанахтык дьаһайбыта. Куоластааһын бүтэн көһүү туһунан кэпсэтиилэр саҕаламмыттара. Өрүүнэ, кыра оҕолоох киһи быһыытынан, ынахпын илдьэ барабын, оҕолорбун аһатыам диэбитин бэрэссэдээтэлэ «сүөһүлэргин заготпууҥҥа туттар, оҕолоргор холкуос сүөһүтүн үүтүттэн өлүүлүөхпүт» диэн уоскутан, хаалларар буолбута.
Мунньахтара уһаан, киэһэ буолуор диэри тардыллыбыта. Өрүүнэ төһө да көһөбүн диэн илиитин ууннар, уйулҕата улаханнык хамсаабыта, туора дойдуга тиийэн тугу аһаан сылдьыахтарын, тугу үлэлээн кыайыыны уһансыан өйө хоппотоҕо. Бу куура хаппыт, күһүн кэлиэн инниттэн күрэҥсийбит, атын ханна да сылдьан аҕыйах хонуктан уһаабатах (ону да Дьокуускайтан ырааппатах) киһиэхэ дойдута олус күндүтэ. Мантан ордук сир-дойду баара буолуо диэн санаатыгар да оҕустарбат этэ. Хайдах киһи буолбут үтүөкэн дойдутун хаалларан ханна эрэ ыраах, харахтаан да көрбөтөх, санаан да тиийбэтэх сиригэр-уотугар барыан ис кута олох буолумматаҕа. Сүрэҕэ туох эрэ көннөрүллүбэт алҕаһы оҥорон эрэрин курдук нүөлүйбүтэ.
Көһүү тэрээһинэ Өрүүнэлээх курдук ыалга улахан туох да сүпсүгүрүүнү таһаарбатаҕа. Элбэх малы-салы ылары боппуттара, киһи баһыгар уон алта киилэ таһаҕас көҥүллэнэрэ, онно төһө бэйэлээҕи ылыаххыный. Ол-бу хаһаайыстыбаҕа туттуллар наадалаах диэбит тэрилин ылбыта. Ордубут таҥаһын-сабын барытын хомуйан ампаарыгар укпута. Хас биирдии малы кытта олоҕун быстыспат өйдөбүлэ хараҕар көстөн кэлбитэ, аны хаһан төннөн кэлиэҕин санаан сонньуйан, хараастан ылбыта.
Иккис күнүгэр заготпууннар кэлэн сүөһүлэрин көрөн сыаналаан барбыттара, ньирэйдээх ынахтарын хаалар холкуоска эккэ атастаһыахпыт диэбиттэриттэн ынаҕын аһыйа турбут Өрүүнэ үөрэн сэгэс гыммыта.
Холкуос баайын-дуолун оннун булларыыга түүннэри-күнүстэри түбүгүрдүлэр. Аҕыйах эдэрси эр киһи баара оҕонньоттору кытта тэлиэгэ оҥоруутугар сырыттылар. Өрүүнэлээх өтөхтөрүн ыаллара икки оҕус тэлиэгэтигэр батан барар буоллулар. Барыта кэри-куру, үгүс саҥа-иҥэ суох, отур-ботур быһаарсан кыаллыах айылааҕы оннун буллардылар. Бэл, оҕо аймах уку-суку туттан, бааллара-суохтара биллибэккэ илии-атах буоллулар.
Барар күннэригэр тыҥ хатыыта тураннар бэлэм