тиийдэ, дьүөгэтин санныгар саба түһэн саҥа таһааран ытаан барда.
– Оҕобун уорбуттар! Ханна барыай уонна? – хаһыы быластаан саҥарда.
– Өрүүнэ, уоскуй! Милииссийэҕэ бар, итиннэ борохуот кэлэр сиригэр сылдьара буолуо, – Марыына дьүөгэтэ ыһыллыбыт баттаҕын өрө анньа, уоскута турда. – Мин Сэмэнчиги көмөлөһүннэрэн малгытын хомуйа туруом, – диэтэ.
– Кырдьык даҕаны! – диэт Өрүүнэ биэрэк диэки сүүрдэ. Онно тиийэн үгүс дьон быыһыттан милииссийэ куормалаах киһини таба көрөн, чопчу тиийэн ытыырын кыатана сатыы-сатыы туох буолбутун кэпсээтэ. Милииссийэ отуччалаах, хара бараан сирэйдээх, орто уҥуохтаах эдэр киһи барытын сиһилии иһиттэ.
– Чэ, барыах, барытын миэстэтигэр көрдөрөөр, – диэн Өрүүнэни батыста.
Олорор сирдэригэр кэлэн отууларын дьардьаматын көрдө, биирдиилээн дьонтон түүн тугу эмит көрбүккүт буолаарай диэн туоһуласта, Өрүүнэ аатын-суолун, оҕо туохха суулана сылдьарын, биһигин оҥоһуутун сурунан ылла.
– Гражданка, эн билигин сээкэйгин хомун, көһөргө бэлэмнэн, биһиги көрдүөхпүт. Туох эмит билиннэҕинэ хайаан да биллэриэхпит, – диэтэ.
– Оҕом көстө илигинэ ханна да барбаппын, манна хаалабын! – Өрүүнэ санныта ыгдаҥнаан ытаан барда.
– Суох, гражданка! Оҕоҥ көстүбүтүн-көстүбэтэҕин да иһин бараҕын. Байыаннай кэм быһыытынан аккаастанар түгэҥҥэр сууттаныаххын сөп. Ити уолгун санаа. Уорбут буоллахтарына биир күннээх буолбат, уһун көрдөөһүннээх дьыала буолар. Мин этэрбин иһит, бэйэҥ уонна уолуҥ туһугар диэн этэбин, – диэн мас-таас курдук дьаһайан кэбистэ.
Өрүүнэ өрөлөһүөх курдук туттан иһэн Сэмэнчигин санаан ах барда, ньилбэгэр умса түһэн олорон уһуннук ытаата. Сэмэнчигэ кэлэн көхсүттэн имэрийэ-имэрийэ тэҥҥэ ытаан ыҥырҕыы турда.
Күн ортотун диэки: «Бары сааһыланан тиэллэбит!»– диэн хамаанда дуорайда.
Баарсаларга лыык курдук ыга симиллэн, биир харах уулаах кытылы хаалларан атын сиргэ көс дьон уһунна.
Аһаҕас халлаан, хаар-самыыр аннынан тыалга курдары үрдэрэн, кытылга олорбуттарынааҕар ордук ыарахан тутулга түбэһэн тус хоту уһуннулар. Баарса маһын кирэ турар аччык сүөһү маҥырааһына, ыарыһах дьон ынчыга инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ буолбута. Тохтобул аайы хастыы да өлбүт киһини таһааран харайаллара. Өрүүнэ кыыһын сүтүктээн ытыы сатаан хараҕын уута да тахсыбат буолла. Дьонтон кистии-саба кыыһын суутун ылан сыллыыр, оччоҕо сүрэҕэ арыый уоскуйа, налыйа быһыытыйар. Сэмэнчигин олох бэйэтиттэн тэйиппэккэ тута, кууһа сырытта. Дьүөгэтэ Марыына араастаан аралдьытан, кэнникинэн аһары аймаммакка, сүтүгүн сүгэһэрин санаа ындыыта оҥостон, иһигэр хам баттаан, дьон көрөрүгэр таһыгар таһаарбакка уоскуйбут көрүҥнэннэ. Түүн Өндөрөйүн санаан, кыыстара, чыычаахтара сүппүтүн туох диэн тиэрдиэн билбэккэ муҥатыйда, утуйар уута уу буолбакка сулустаах халлааны көрө сыппыта. Дойдутугар сылдьан чыпчыҥныы тырымныыр сулустары сэҥээрэ-сэргии көрөрө, онтон билигин кинилэр үөһэттэн тоҕо эрэ дьиппиэрэ, тымныы, тыйыс