Федот Захаров

Күрэтиллибит таптал


Скачать книгу

элбэх үлэлээх киһинэн дьахтар буолар. Кини түбүгэ хаһан да бүппэт. Хотон үлэтин таһынан куобах тириитин имитэр, ас астыыр, иистэнэр. Ол сылдьан үлэтин «быыһыгар» оҕолонор. Саҥа төрөөбүт оҕо үксэ кыратыгар тымныйан өлөр. Адьас биир эмэ оҕо тыыннаах хаалар. Мааппа аҕыста оҕоломмутуттан Бүөтүччээн эрэ ордон, таҥара көмөтүнэн, быйыл уон аҕыһыгар барда. Оҕолоро өллөҕүнэ ытыыра. Бары бойбох курдук эттэнэн, киһини албынныыр буолан иһэн, аҕыйах хонукка ыалдьаат өлөн хаалаллара. Оҕо өллөҕүнэ «абааһы сиэтэҕэ» дии саныыллара. Абааһыны куттаары, оҕо биһигэр былыргы кураахтаах саа дьэбиннээх тимир оҕун, хаххан тыҥыраҕын баайаллара. Эмиэ абааһыны муннараары, оҕоҕо кыыл-сүөл аатын биэрэллэрэ. Бүөтүччээн сахалыы аата Күтэр диэн. Ол аатын сөбүлээбэт буолан наар нууччалыы аатынан ааттыыллар.

      Мааппа бэйэтэ мантан сэттэ биэрэстэлээх сиргэ баар Көдөһү диэн кыракый алааска үөскээбитэ. Аҕатын өйдөөбөт. Үстээҕэр өлбүтэ үһү. Ийэтэ кыыс уон иккилээҕэр эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Онтон ыла эһэтигэр иитиллибитэ. Эһэтэ Аамай оҕонньор икки ынаҕы бэйэтэ ыыра. Ол ынахтарын кыһын дьиэ хаҥас өттүгэр баайаллара. Эһэтэ балыктаан, куобахха айалаан, куртуйахха туһахтаан, иккиэйэх бэйэлэрэ айахтарын ииттинэн, ыал курдук сананан олорбуттара.

      Мааппа уон алтатын ааспытын кэннэ, Таһымаан Дьаакып кэлэн, эһэтэ оҕонньору кытта кэпсэтэн, уолугар Байбалга холбообута. Туох да энньэтэ-таймата суох оҕонньордоох кыыһы көһөрөн ылбыттара. Тыһаҕас өлөрөн, чугастааҕы ыаллары ыҥыран уруу туомун тэрийбиттэрэ.

      Аамай оҕонньор сайын аайы «алааспын аҕынным» диэн, дойдутугар тиийэн ый курдук олорон туулаан, балык хатаран аҕалара. Кэлин өлөрүн чугаһыгар эрэ барбат буолбута.

      Кыһын Дьаакыптаахтан чугас эргин ыал суох буолааччы. Арыый чугас ыаллара Быргый Дьөгүөрдээх мантан соҕуруу үс биэрэстэлээх сиргэ олороллор. Кинилэр сайын сайылыктарыгар Бүрүнэйгэ көһөн кэллэхтэринэ чугаһыыллар. Бүрүнэй бу үрүйэ төрдүгэр баар сайылык алаас. Ити алааска сайын аайы хас да ыал көһөн кэлэн сайылыыр. Оҕолор саҥалара, дьахталлар сүөһүлэрин һайдыыллара, ынах маҥырыыра эҥин мантан иһиллэ турааччы. Бүөтүччээн оҕо эрдэҕиттэн, санаатаҕын аайы баран, оҕолору кытта оонньуур, сөтүөлүүр сирэ. Сорох сайын ол алааска көһөн тиийэн ыалга дьукаах сайылыыллара. Кэлин балаҕаннарыгар сайылыыр буоллулар.

      Мантан арҕаа Өлүөнэ өрүскэ диэри онон-манан күөллэрдээх, хас эмэ көстөөх халыҥ сис тыа. Хоту уонна соҕуруу өттүлэригэр, чугаһынан, ыаллаах алаас суох. Илин өттүлэригэр киһи-сүөһү олохсуйбут үтүөкэн алаастара бааллар. Дьаакыптаах нэһилиэк кытыы сиригэр түҥкэтэх дойдуга олорор буолан, ыалдьыт-хоноһо сылдьыбат ыала. Ол эрээри нэһилиэккэ, улууска туох уларыйыы, сурах-садьык баарын хойутаан да буоллар истэ-билэ олороллор.

* * *

      Сүүрбэ биэс-алта сыллааҕыта куораттан кэриим аҕабыыта тахсан, нэһилиэк дьонун барытын сүрэхтээн, саҥа нуучча миэрэтин ылыммыттара. Уһун суһуохтаах эр дьону баттахтарын кырыйталаан, үрдүлэригэр уу кутуталаан, нууччалыы ааты биэрэн, быалаах кинигэҕэ суруйбуттара. Саҥа ааттарын