Кыталык сототун уҥуоҕунан маҥнай көхсүттэн оборон көрбүт уонна эппит: «Олус да кытаанахтык олорбут эбит. Бэйи, түөскүнэн оборон көрүөххэ. Балтыбын көрөн туран өлөрүөм дуо?!» Суордуу хаһыытаат, түөһүттэн оборон хааннаах, ириҥэлээх уҥуоҕу сулбу тардан таһаарбыт. Салгыы түөһүттэн дэлби оборон ыраастаабыт уонна эппит: «Уҥуоҕуҥ өр сылдьыбыт, хараарбыт, көр бу. Дьэ, дьолуҥ билиэҕэ. Сэттэ хонукка кыра-кыратык ууллубут арыы ырааһын эрэ иһиэҕиҥ. Онтон бэргээбэтэххинэ, өссө сэттэ хонукка арыыны кытта сылаас үүтү иһиэҕиҥ. Биир сыл устата итии уонна тымныы аһы аһаайаҕын. Ириҥэрэн моһуоктаабатаҕына, өссө сэттэ хонон баран убаҕас хааһыта сиэр. Арыый кытаанах аһылыгы 99 хонон баран сэрэнэн сиэҕиҥ. Кэлин хааһыны кытта холбуллубутунан сүөгэйдэ сиир буолаар. Ити күүс киллэриэҕэ. Билигин сэттэ хонукка тохтоон ыарыылыам, эмтиэм. Кэлин бэргээтиҥ да, ыҥыраар. Тута кэлиэҕим. Соторунан ханна да барыам суоҕа». Сэттэ хонукка ыарыылаабыт, эмтээбит уонна барбыт. Өкүлүүнэ үтүөрэн, Аананы иккистээн ыҥырбатахтар. Кэлин Өкүлүүнэ үйэлээх сааһыгар Улуу Удаҕаҥҥа махтанара дииллэр.
Үһүс түбэлтэ (П.С. Колтовской). Дьөккөн Билэччи кэпсээнэ. Билэччи уолугар олорор эбит. Эмээхсинэ баарын-суоҕун туһунан сэһэҥҥэ ахтыллыбат. Кини сонунун сарсыарда аһыы олорон кэпсиир үһү. Биир сарсыарда аһыы олорон: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым. Дьаам Силиибин ойоҕо уҥуохха харан, ыалдьа сытар эбит. Онно Тааһаҕартан саҥа ойуун буолан, мөхсөн-тайанан эрэр эдэр киһини аҕалан кыырдардылар. Олох туга да суох киһи эбит, ыалга аһыам-сиэм диэн «тааҕы» дьаабыланар эбит», – диир.
Онтон биир сарсыарда эмиэ аһыы олорон кэпсээбит: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым, Үөһээ Бүлүүттэн ыарыһахтаах ыаллары кэрийэн кыыра сылдьар киһи кыырда. Кэм кыра туохтаах эмэлээх киһи эбит. Ол гынан баран, мин күөх истээх сахсырҕа буолан кэтэҕэр, баттаҕын иһигэр киирэн олоробун да, билбээт», – диэбит. Хас хонон баран эбитэ буолла, биир сарсыарда аһыы олорон дьонугар кэпсээбит: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым. Дьаам Силиибин эмээхсинэ улаханнык ыксаан сытар эбит. Кырыкыйтан Алыһардаах удаҕаны аҕалбыттар. Дьэ чахчы баардаах киһи эбит. Аатырыан аатырбыт. Маҥнай олорор олбох тэрийтэрэн, дьэ кыырардыы кыырда. Үөрүн-сүүрүгүн ыҥыртаан баран, дьиэ түөрт өттүн чарапчыланан көрдө уонна эттэ: «Дьэ, оҕолор, мин соҕотох буолбатах эбиппин. Улуу киһи убайым кэлэн күөх истээх сахсырҕа буолан, эркин маһа хайдыбытыгар киирэн олорор». Алҕанан-силэнэн баран, туран дьахтары тиэрэ сытыаран иһин сэлиэнэй чааскы айаҕын саҕаны көҥү үрэн кэбистэ. Бөдөҥ көтөр сототун уҥуоҕун ылан, хаста да төхтүрүйэн уҥуоҕу ыла сатаата да, уҥуох кэлбэтэ. Онтон дьахтары умса сытыараат, эмиэ сэлиэнэй чааскы айаҕын саҕаны көҥү үрээт, били уҥуоҕун ылан чупчуруйбутугар хааны-сиини, ириҥэни бүрүммүт сүөһү уҥуоҕун ылла. Дьэ, сүдү киһи эбит», – диэн Аана эмээхсинтэн дьулайбыта үһү.
Филипп Гоголев-Дьаам Силиибэ үс уоллаах: Ыстапаан биллиилээх партийнай, государственнай үлэһит, икки уол Сүөдэр уонна Ньыыкан церковнай-приходскай оскуоланы бүтэрбит оччотооҕуга додо