Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара


Скачать книгу

кини тугу дьаһайбытын барытын толороллор. Көрөн олорооччулар саҥатын дүҥүр тыаһыгар баһыйтаран истибэттэр эбит. Балай эмэ кыыран баран эмтээһинигэр киирэр. Ыарыһах ыалдьар сирин анал быһаҕынан кыратык быһа сотон баран, хаас куорсунуттан оҥоһуллубут тэрилинэн ыарыытын оборон ылан, иһиккэ сүөкээн көрдөрөр эбит. Хаһыакка кыайан эмтээбэккэ, үс-түөрт ыарыһаҕа өлбүтэ бэлиэтэммит. Хаһыакка тоҕо эрэ Аана Илин Сибиир генерал-губернаторын граф Алексей Павлович Игнатьевы кытта көрсүбүтүн ахтыллыбатах (НА РС(Я). Ф.12-и. Оп.1. Д.10а. Л.56).

      Эмтииригэр үгүс саҥата суох эмтиирэ. Арай чүмэчи туруоран, таҥараҕа үҥэн көрдөһөрө. Кини ыарыһах тоҕо ыалдьыбытын, туохтан сэрэниэхтээҕин этэрэ, сүбэлиирэ. Ыарыһаҕы үс-түөрт хоннорон, үөрэтэн көрөрө, онтон эмтиирин саҕалыыра.

      Национальнай архыыпка биир интэриэһинэй докумуон хараллан сытар – Орто Бүлүү улууһун Иннокентьевскай таҥара дьиэтин аҕабыыта Иннокентий Синицин 1905 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр түһэрбит үҥсүүтэ. Сурукка этиллэринэн, Павлова Өлүөхүмэ, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Хочо, Ньурба улуустарын дьонун эмтээн, сылга 1 тыһ. солкуобай суумалааҕы киллэринэр эбит. Элбэх сиринэн кэргэнинээн сылдьан дьону эмтиир буолан аата кэҥник биллибит. Таҥара дьиэтигэр аҕыйахтык сылдьан суолтатыгар кириэстэнэр, үҥэр диэн аҕабыыт үҥсүбүт. Кэргэнэ Сыгынньах Ойуун таҥара дьиэтигэр Сибэтиэй Пасха күнүгэр уҥан түспүт.

      Аҕабыыт Анна Павлова кыырыытыгар олохтоохтор мустубуттарыгар таҥара дьиэтиттэн 55 биэрэстэлээх сиргэ бара сылдьыбыт. Ыалдьыт киирбитин Аана көрбөтөх. Кэлин өйдөөн көрбүтүгэр аҕабыыт ойууннуурун тохтоторугар көрдөспүт. Онуоха удаҕан эппит: «Мин кыыран харчы ыларбар абааһы кучуйар». Биирэ киниэхэ «буруйун таҥараҕа үҥэн бырастыы гыннарарыгар» сүбэлээбит. Удаҕан: «Тылбын биэрэбин, мин аны кыырыам суоҕа, эн малыыппаҕыттан куттанабын», – диэн малыыппаттан аккаастаммыт. Ити эмтээбит киһиҥ хараҕа үтүөрүө дуо диэн аҕабыыт ыйытыытыгар: «үтүөрүө суоҕун сөп, эн мэһэйдээтиҥ» диэбит. Онуоха таҥара үлэһитэ кыыһырбыт уонна «эн үтүөрүө суоҕа диэтиҥ, мин таҥара көмөтүнэн үтүөрүө диибин» диэбит уонна сарсыарда түспүт ыалыгар кэлэ сылдьарыгар көрдөспүт.

      Сарсыҥҥытыгар Аана кэлбит. Аҕабыыт уонна удаҕан киирсиилэрин көрөөрү дьон бөҕөтө мустубут. Дьон ортотугар аҕабыыт ойууннуургуттан аккаастан диэн өссө төгүл эппит. Аккаастанарыҥ бэлиэтин мин малыыппа ааҕыам, ону үтүктэн ис диэбит. Онно кини аны кыырарбын тохтотуом, оттон малыыппаны ааҕартан аккаастанабын диэбит. Ол эрээри кэлин да кыырарынан дьарыктанарын улуус быыбарынай кулубата Иннокентий Андреев уонна Иван Жирков, Прокопий Кычкин, Кырыкыйтан Сидор Кычкин, Чочуттан Алексей Федоров туоһулуохтарын сөп диэн суруллубут. Аанаттан чугас олорор ойууннар бары куттаналлар, кинини утары саҥарбаттар, нэһилиэнньэ кинини убаастыыр эбит. Синицин аҕабыыт Павлованы ойууннуурун хайдах боборун туһунан сүбэ көрдүүр.

      Үҥсүү Консистория суутунан көрүллэр. Резолюцияҕа этиллибитинэн, ойууннааһыны утары охсуһары күүһүрдэргэ уонна удаҕан ханнык ыарыылартан эмтиирин салгыы