Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара


Скачать книгу

олоҥхоһут Куоҕас Уйбаан кыыһа Дуунньа, уон оҕолоохтор. Иккис уола Иван Иванович – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол Алексей биллиилээх механизатор этэ. Билигин Баҕадьанан, Мукучунан, Дьокуускайынан Борисовтар диэн аҕа ууһа, халыҥ аймах үүнэн-үөскээн, эдьиийбит Аана араспаанньатын халыҥата сылдьаллар. Өссө да үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа.

      Алыһардаах Аана хаһан өлбүтэ чопчу биллибэт. С.С. Ионов суруйбутунан, Кучаҥҥа ииппит кыыһыгар Даарыйаҕа, күтүөтэ Кылаан Борокуоппайга олорон үтүмэн сылларга өлбөт-сүппэт үйэлээх өйдөбүлү хаалларан, 1933 с. саас кулун тутар ыйга өлбүт. Саха сирин киэҥ киэлитигэр аата-суола киэҥник тарҕаммыт, уос номоҕо буолбут Алыһардаах Аана көмүс уҥуоҕа кэргэнин өтөҕүттэн чугас сытар Дьэҥкэ күөл хоту өттүнээҕи тиит, харыйа былааһыктаах лиҥкир тиит тумуһахха оҕонньорун Сыгынньах ойуун, быраатын Холохоно ойуун аттыларыгар сэргэстэһэ хараллан сытар. Мэҥэ тааһыгар хараҥа халлаан күөхтүҥү хара кыраасканан «Здесь покоится инородка Вилюйского улуса Павлова Анна» диэн суруллубут.

      Олохтоох үһүйээннэргэ Сыгынньах ойууну ааттаах-суоллаах Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кэпсэнэр. Ол төһө оруннаах эбитий? Ити боппуруоска эппиэттээри Нээтийэ Лүүчүҥҥэ олохсуйбут уолун Кюртя (Кортя), Павел Максимов (1758 с.т.) салаатын эридьиэстиибит. Ийэтэ Тыайаттан Сытыкыйа Илбянев кыыһа Татьяна Афанасьева (1713 с.т.) кинини 45 саастааҕар төрөппүт. Павел кэргэнэ Эркя Кысалгина-Агафья эриттэн 13 сыл аҕа, хантан төрүттээҕэ суруллубатах. Архыып докумуоннарын үөрэтии түмүгэр Эркя-Агафья Кэбээйи Левиннэрин ытык өбүгэтэ буолбут Кысалга Бархагаров кыыһа буолара чуолкайданна. Кини туһунан 2012 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Лүүчүннэр. Аймахтары анаардахха, уруулары сурастахха» кинигэҕэ киирбит «Лиэбиннэр» диэн ыстатыйаттан билсиэххэ сөп.

      Павел Максимовка төннөбүт. Биэс оҕолоохтор: Кэрэмэс Саппырыан (1789 с.т.), Петр (1795 с.т.), Сымнаҕас (1791 с.т.), Дария (1796 с.т.), Татьяна (1800 с.т.).

      Кэрэмэс кэргэнэ Елена Павлова (1789 с.т.) биэрэпистэргэ киирбит биир уоллаахтар – Феофан (05.12.1822 с.т.). Иккис уоллара – Федор (05.12.1823 с.т.), миэтирикэтэ көһүннэ эрээри, 1850 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ аата киирбэтэх, арааһа эдэр сааһыгар өлбүт бадахтаах. Феофан (Софрон) кэргэнэ Мария Егорова (1823 с.т.), оҕолоро: Иван (1852 с.т.), Иван (1854 с.т.) уонна Ульяна (1844 с.т.). Бу салааны манан муҥурдаан кэбистибит.

      Иккис уоллара Петр Павлов Евдокия Павлованы (1801 с.т.) кэргэн ылан үс уолламмыттар: Михаил (09.12.1828 с.т.), Петр (1830 с.т.), Ефим (05.1836 с.т.) Михаил Петрович кэргэнэ Екатерина Григорьева (1830 с.т.), уолаттара – Иван (1852 с.т.), Иван (1853 с.т.).

      Михаил Петрович иккис Уйбаанын (1854 с.т.) утумун үөрэтэбит. Кэргэнэ Матрена Николаева (1857 с.т.), оҕолоро: Прокопий (1876 с. т), Федот-Мутумаан (10.07.1892 с.т.), Феодор (15.01.1895 с.т.), Григорий-Мандарааскы (20.06.1899 с.т.). Бу оҕолоруттан Прокопий уонна Феодор оҕолоохторо биллибэт. Федот кэргэнэ Мария Ионова, оҕолоро: Василий (1920 с.т., ууга түһэн өлбүт), Степан (1927 с.т., ыалдьан өлбүт), Мария (Намнар кийииттэрэ, оҕолордоох). Мандарааскы Киргиэлэй кэргэнэ Даарыйа, соҕотох Афанасий диэн уоллаах.

      Петр Павловтаах кыанар ыал буолан