Сборник

Үс Бүлүү айдарыылаахтара


Скачать книгу

буолан баран, Аана эмээхсин эдэр сааһыгар буолуо. Арай биирдэ туох наадалааҕа биллибэт, кыра соҕустук атыыһыттыыр идэлээх киһи Ааналаахха киэһэ буолуута киирэн кэлэр. Саха киһитин сиэринэн ону-маны кэпсэтэн баран утуйаллар. Сарсыарда туран хоноһо барардыы тэринэр уонна Аана күтүөтэ Прокопий Прокопьевка (Кылаан уолугар) суолун ыйдараат, баран хаалар. Арай киэһэ хараҥарыыта били бөлүүн түүн ыалдьыттаабыт хоноһо төттөрү тиийэн кэлэр. «Хайа, бу хайдах буоллуҥ?» – диэн буолар, онуоха били киһи: «Дьэ билбэтим, оттон мааҕын барарбар ыйдарбыт суолбун тутуһан айаннаабытым да, бу төттөрү кэллим дии», – диэбит.

      Онуоха Аана хап-сабар эппит: «Киһи буолан атыыһыттааҥҥын, кэлэ-бара сылдьан, биир аһыылаах малгын сүтэрбит эбиккин. Ол, баҕар, манна көстөөрү эйигин төттөрү угуйта буолаарай?» Хоноһо: «Дьэ билбэтим, туох да оннук улахан аһыылааҕы сүтэрбиппин өйдөөбөппүн. Баҕар, баара буолуо», – диэн саарбахтаабыт. Онуоха Аана: «Чэ, тугун таайа сатаатахпытый, киэһэ, кыаллар буоллаҕына, көрүөхпүт туох сүппүтүн», – диэбит. Дьэ хоноһо манна эрэ билбит били Аллараа Бүлүү ааттаах удаҕана Аанаҕа кэлэн олорорун. Ууга түспүт сылгы курдук куттаммыт, титирэстээбит, буордаах көлөһүнэ аллыбыт. Куттаммытын билэн, Аана: «Аккын сынньатан, аһата түһэн баран бар. Биир ааһар ыалдьыт, хонор хоноһо аһыыр астаах, көлүнэр көлөтүгэр аһатар оттоох ыалбыт», – диэн хоноһотун эйэ-дэмнээхтик, сылаас тылларынан уоскуппут. Киэһэ, боруҥуй буолтун кэннэ, Аана улахан дүҥүрүн ылан, үс төгүл суордуу кыланан баран былаайаҕын төбөтүнэн дүҥүрүн ортотугар тобугураччы охсубутугар, дьэбин быһа сиэбит былыргы саха уустара охсубут быһахтара дүҥүр ортотугар бадараана, хаппыт буора тохтубутунан кэлэн түспүт. Дьэ онно били хоноһото – куорат ааттаах баай атыыһыта – эдэр эрдэҕинэ бэлэх туппут быһаҕын дойдулаан иһэн сүтэрбитин өйдөөбүт уонна Аанаҕа махтал улаханын этэн, ол быһаҕын ыраастаан, онно баар дьоҥҥо көрдөрбүтэ үһү. Быһах бэйэтигэр сөп удьурҕай уктаах, икки өттүнэн үөстээх, кыратык төбөтүн диэкинэн дьэбиннирбит, буорга хам хата сыппытын хоҥнору тардыбыт суоллара тирии кыыныгар көстө сылдьара. Ол айан киһитэ хас да хонон, атын аһатан, сэниэ киллэрэн, таптаан-таптатан, сылаастык утуйан муммакка сөптөөх суолунан барбыта. Дьэ, ол курдук Мэҥэ Хаҥалас курдук ыраах сиргэ сүппүт, буорга тэпсиллибит быһаҕы буоруттан (хаар анныттан) хоҥнору тардан, көтүтэн аҕалан, дүҥүр үрдүгэр түһэриини киһи сөҕөр быһыытынан өйдүөххэ сөп. Дьэ оннук күүстээх көтүтэр албас биир куһаҕан киһи буорту буолбут таҥаһын көтүттэрбититтэн ханнан-сүтэн турар диэн кэпсииллэрэ (И.С. Иванов).

      Улуу Удаҕаны үтэн-анньан көрүү хара өлүөр диэри тохтооботоҕо. Биир буолбут түбэлтэни ааҕааччыга тиэрдэбит. Биллэр хомунньуус учуутал Илья Семенов урут өрөбөлүүссүйэ иннинэ Аана Куокуй кинээһин кыыннаах быһаҕа сүппүтүн көтүтэн аҕалан биэрбитин истибит. Балачча уһуннук толкуйдаан баран: «Ити эмээхсини туох ааттаах арбыылларый, бэйи абын-хомуһунун хайдах эмэ тургутан көрбүт киһи», – диэн саныыр буолбут. Дьэ оҥостон, Анна Дмитриевна кыстыыр өтөҕөр Нээтийэҕэ