иннигэр-кэннигэр тэлээрбэхтээн ааһаллар. Ханна эрэ киргил тыҥкыныыр. Арай, үрэх сир буолан, күөрэгэй ырыата иһиллибэт. Хата, бэрт чугас туруйалар лоҥкунаһаллар. Суола-ииһэ суох буолан хаамарга олус эрэйдээх эбит. Ата сотору соҕус ыараханнык тыынар буолан барда. Бэйэтэ да улаханнык тириттэ, илиһиннэ. Онон тохтоон, тыын ыла түһэ-түһэ, айанныыллар. Сорох сиргэ сөкүтэ киһитээҕэр үрдүк буолар эбит. Онно киирэн умса-төннө түһүү сэниэтин эстэ. Ол да буоллар, иннин диэки дьүккүһэн иһэр. Дулҕата киһини киининэн буолар сирдэрдээх. Тыаны быыһынан барыаҕын куобаҕын уоһа киһини да, аты да сатаан хаамтарыа суох. Онно эбии ындыыта элбэҕэ бэрт буолан окко-маска тардыллан эрэйдиир. Ити быыһыгар эмиэ дэхси соҕус үктэллээх сирдэр кэлэллэр. Оччоҕо сынньанан, тыын ыла түһэн баран, эмиэ түҥ-таҥ түһүү, батыччахтааһын бөҕө буолар.
Маҥнай айаҥҥа турунарыгар эһэ түбэһиэ диэн дьиксинэ саныыра. Биэстэ эстэр автомат саатыгар сүнньүөхтэри уктан кэбиспитэ. Тулатын көрө-истэ, кэтэнэманана испитэ. Билигин ол дьиксинэр санаата ханна эрэ үтүрүллэн хаалла. Атаҕын анныттан атын сири көрбөт да буолан барда. Биирдэ эмэтэ уоскуйаары тохтоон ыллаҕына тулатын кэриччи көрбөхтөөн ылар.
Дулҕанан, сөкүнэн саба үүммүт кытыллардаах, талах, хахыйах, титирик хаймыылаах үрэх тус хотуттан көбүскөнөтүк дьурулаан киирэр эбит. Ол диэки ырыых-ыраах хайалар төбөлөрө көҕөрүмтүйэн көстөргө дылылар. Ыраас күн Алдан уҥуоргу мырааныттан Дьааҥы хайалара наһаа ырааҕа суох курдук өрөһөлөнөн көстөөччүлэр. Билигин буһуруктаах буолан, ол диэки хайалар баалларын билэр эрэ киһи барбах көҕөрүмтүйэр дьураалар былыттар буолбатахтарын сэрэйэр.
Киэсэ, дэлби сылайан, киэһэлик биир көнө кырдалга тохтоото. Атын тииккэ баайан баран, бэрэмэдэйин ньылбы тардан ылан тиит төрдүгэр уурда. Ыҥыырын устан атын тириппит көхсүн таптайбахтаата, ыҥыырга астарбыта буолаарай диэн сирийэн көрдө уонна сүгэтин туппутунан тыаҕа таҕыста. Сотору уокка оттор мас уонна оллоон көлөтө буолар үөл титириги соһон кэллэ. Түүн оттуом диэн сытынньаҥ уккунньаҕы, абырҕалы таста. Онтон оллоонун оҥостон, уу баһан таһааран баран, уотун отунна. Хаппыт туос сипсинньигэс өһөх хара буруону тыргытан иһэн кыһыл төлөнүнэн кытыаста түстэ. Ону эрэ күүппүттүү кураанах амынньыар, өрө бачыгырыы-бачыгырыы, омуннаахтык умайан күүдэпчилэннэ. Улахан кэнсиэрбэ бааҥкатыттан оҥоһуллубут чараас хочулуок сонно тута сыыгынаабытынан барда. Бэрэмэдэйиттэн биир моонньоҕону ороон таһааран үргээн бурҕаҥнатан, иһин-үөһүн оруу тардан баран, иккис хочулуокка буһара уурда.
Чэйэ оргуйан, куһа буһан, үгэс быһыытынан уотун аһатан баран, наҕылыччы аһаата, быыкаайык балааккатын туруорунан, утуйар мөһөөччүгүн хостоон оронун оҥоһунна. Уотугар уккунньаҕы быраҕан, атын өртөөн баран кэлбитэ, ыттара балаакка ойоҕоһугар утуйардыы түүрүллэн сытынан кэбиспиттэр. Кини кэлбитигэр Ураанньык төбөтүн өндөтөн, сытан эрэ кутуругун сырбаҥалатан ылла. Киэсэ түөрт атах буолан балааккатыгар киирэн иһэн, ытын төбөтүттэн имэрийбитигэр